Ыһыаҕы көрсө арыгыта суох  “Сахарейв” бэстибээл ыытыллыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн уонна сарсын “Сахарейв” муусука бэстибээлэ “Үс хатыҥҥа” баар «Сата таас» туристическай комплекска төрдүс төгүлүн буолуоҕа. Бу тэрээһини “Kiibox promo” диэн айар хамаанда ыытар. Манна Арассыыйа  уонна аан дойду таһымнаах диджейдэрэ, ону сэргэ Саха сирин бастыҥ диджейдэрэ уонна артыыстара кыттыахтара. Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, уопсайа түөрт уонтан тахса киһи кыттыыны ылар.

“Сахарейв” — үнкүү-битии, хаартыскаҕа түһүү, доҕотторгунаан көрсүүһүү уонна арыгыта суох сынньалаҥ. Бастакы ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ 900 киһи сылдьыбыт буоллаҕына, ааспыт сылга номнуо 2000-тан тахса киһи үҥкүүлээбит.

Сылтан сыл бу тэрээһин таһыма үрдээн иһэрэ сөхтөрөр. Тэрийээччилэр сүрүн сыалларынан – ыччат сынньалаҥын арыгыта суох тэрийэн ыытыы.

Бу тэрээһиҥҥэ Арассыыйа таһымнаах диджейдэртэн DJ KIRILL SLEPUHA, DJ Pill.One, DJ William Harrison уонна DJ Summer of Haze кыттыахтара. Кинилэр бары киэҥ далааһыннаах биэчэрдэри, үҥкүүлэри ыыппыт, дьону-сэргэни сэргэхсиппит улахан үөрүйэхтээхтэр.

Билиэти http://sakharave.kiibox.ru/tickets/ сайтан эбэтэр «Сэргэлээх уоттара» култуура кииниттэн, «Центральнай» киинэ тыйаатырыттан атыылаһыахха сөп. “Kiibox promo” айар хамаанда арыгыта суох бэстибээлгэ барыгытын ынырар.

Александр ДОРМИДОНТОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0