Бүгүн, атырдьах ыйын 17 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ «Сахамедиа» хампаанньа Ньурба улууһун олоҕун сырдатар туһунан сөбүлэһии түһэристэ.
Тэрээһиҥҥэ Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев, салалтаттан Розалия Тихонова, Анна Уларова, «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков, дириэктэри солбуйааччы Афанасий Ноев, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Калитин уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев: «Ньурбаҕа Арассыыйа — 25%, аан дойду — 5% алмааһа хостонор. Сыллата оҥорон таһаарыы, тыа хаһаайыстыбата, үөрэхтээһин сайдаллар, суол-иис оҥоһуллар, тупсар. Биһиги улууспуттан ааттаах-суоллаах спортсменнар, култуура диэйэтэллэрэ тахсыбыттара. Ньурба туһунан норуокка өссө даҕаны элбэҕи кэпсиэххэ, сырдатыахха сөп«, — диир.
Оттон «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков Ньурба улууһун делегациятыгар махтанна уонна: «Ньурба улууһун кытта үлэлииргэ бэлэммит«, — диэн түмүк тылы этэн, сөбүлэһиигэ илии баттаатылар. edersaas.ru