“САХА КВН” сайыҥҥы кубогын Ыччат ыһыаҕын кэмигэр оонньотуохтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйылгы Ыччат ыһыаҕа бэс ыйын 30 күнүттэн – от ыйын 2 күнүгэр Мирнэйгэ ыытыллыаҕа. Онно “САХА КВН” сайыҥҥы оонньуулара буолуоҕа.  Бу күрэхтэһиигэ уопсайа 19 улуус кыттыыны илин-кэлин түсүһүөҕэ, маны таһынан көҥүл хамаандалар эмиэ баар буолуохтара. Урут ыытыллар оонньууларга үс бөлөххө араарар эбит буоллахтарына, бу сырыыга биир бөлөххө бары оонньуохтара.

Ыччат ыһыаҕын кэмигэр көрдөөх көкөттөр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин Александр Николаевич Жирков кубогын былдьаһыахтара.

Дьэ, уоттаах-күөстээх киирсиилэр, оонньуулары күүтэбит! edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0