Саха сирин бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин (билиҥҥинэн кэпэрэтииптэри) түмэр ассоциация тэриллибитэ былырыын тохсунньуга 25 сылын туолан ааспыта. Бааһынай хамсааһынын ити бэлиэ кэрчик кэмигэр анаммыт кинигэ хойутаан, быйыл Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ төрүттэммитэ 95 сылын бэлиэтиир дьаһалын эрэ иннинэ, министиэристибэ өйөбүлүнэн, күн сырдыгын көрбүтэ.
Үгэс курдук, саҥа тахсыбыт кинигэни дьүүллэһэллэр, ырытыһаллар. Ол сиэринэн өрөспүүбүлүкэ бас-көс бааһынайдара Национальнай бибилэтиэкэ мунньахтыыр саалатыгар атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн аастылар. Бачча үлүгэр тымныыга ыраахтан элбэх киһини тоҕу тардан аҕалбатыҥ биллэр итиэннэ дьиҥнээх хара үлэһит бааһынайдар, кырдьыгын эттэххэ, кумааҕыттан тэйиччи дьон. Ол даҕаны буоллар, отучча киһи мустан икки чаастан ордук тото куолулаатылар, кэпсэттилэр.
Кинигэ “Якутское фермерство: жизнью осознанная явь” диэн аата этэрин даҕаны курдук, нууччалыы тылынан таҕыста. Россия атын регионнарын фермердэрэ сахалар хайдахтаах уустук усулуобуйаҕа сүөһү-ас иитэллэрин уонна айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдарынан мындырдаан үлэлииллэрин биллиннэр диэн санааттан бу суолу талбыттар. Маҥнайгы былаанынан ким хайдах сатыырынан сахалыы-бааһынайдыы ахтыы суруйан киллэрбитин төннөрөн, нууччалыы тылбаастаан суруйарга элбэх күн-дьыл бараммыт. Хата, ол оннугар дьоһуннаах, киһи сирэйэ кытарбат кинигэтэ таҕыста диэн тэрийбит-сүрүннээбит дьон үөрсэллэр.
Кинигэҕэ үлэлэспит дьон (хаҥастан уҥа): Т.Г.Антонова, О.И.Семенова, В.Н.Ефремов, Т.А.Обулахова, З.Р.Бочкарева
Саха АККОР-ун толорооччу дириэктэринэн (2005 – 2013 сс.), бэрэсидьиэнинэн (2013 – 2017 сс.) үлэлээбит Валерий Ефремов бу кинигэ айбыт аҕата диэтэххэ, аһара түһүү буолуо суоҕа. Валерий Николаевич 2015 сылтан быһа ылахтаһан, дьирээлэһэн, тиһэҕэр тиэртэ. Кини салалтатынан СӨ тыатын сирин дьахталларын хамсааһынын лидерэ Зарема Бочкарева, Таатта бааһынайдарын түмсүүтүн салайааччыта Тамара Антонова матырыйааллары хомуйууга-таҥыыга үлэлэстилэр. Тиэкистэри суруйууга суруналыыстар — ТХМ пресс-сулууспатын салайбыт Татьяна Обулахова, Сайаана Львова, Николай Кривошапкин көмөлөстүлэр. Оттон кинигэ тылын-өһүн эрэдээксийэлээһиҥҥэ Тыа хаһаайыстыбатын академиятын уопсастыбаннаһы кытта үлэҕэ отделын салайааччыта Ольга Семенова эппиэтинэһи сүгэн ылсыбыта хайҕаныан эрэ сөп.
Биир кинигэҕэ өрөспүүбүлүкэ бааһынайа барыта баппата чуолкай. Бу 22,75 ус. бэч. лиистээх кинигэҕэ 15 улуустан 140-ча бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыгын уонна салалтаттан уонча киһи суруйуута киллэриллибит. Хаартыскалыын-тойдуун 500-чэ фермер сырдатылынна диэн ааҕаллар. Ити иһигэр киин, илин эҥээрдээҕи улуустартан 20-чэлии хаһаайыстыба киирбит буоллаҕына, Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн 2-лии, Кэбээйиттэн соҕотох бааһынай кыбыллыбыттара өйөбүл үпкэ тиксии курдук тэҥэ суох балаһыанньа баарын эбэтэр миэстэҕэ тэрээһин мөлтөҕүн көрдөрөр. Интэриниэт үйэтигэр ыраах-чугас олоруу улахан оруолу оонньообот ини…
Дьүүллэһии кэмигэр “кинигэни салгыы кэҥэтэн, сахалыы-махалыы бааһынай хамсааһына төрүттэммит историятын, бастакынан туруммут, олохтон туораабыт фермердэр тустарынан сиһилии сырдатан таһаарыахха”, “кинигэ иккис түһүмэҕин эдэрдэр салгыахтара” диэн этиилэр, баҕа санаалар иһилиннилэр. Соторутааҕыта АККОР саҥа бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт Александр Артемьев түмүккэ: “Саха сиринээҕи ассоциация Россияҕа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар. Бу кинигэҕэ утумнааһын көстөр. Саҕаланыыта баар, аны улуустарынан АККОР сериятын быһыытынан кинигэтэ таһаарыҥ, биһиги эрэдээксийэлиир кэллиэгийэ тэрийэн сүрүннүөхпүт, көмөлөһүөхпүт”, — диэн Амма улууһугар баһылыгынан уонна тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиир сылларыгар 180-тан тахса кинигэни таһаарыыга көмөлөспүт, кыттыбыт улахан үөрүйэхтээх салайааччы санаатын бары сөбүлүү, эрэнэ иһиттилэр.
Василий НИКИФОРОВ.