Сайыына Шеломова — спорт суруналыыһа

15.04.2018
Бөлөххө киир:

  «Чурапчыттан төрүттээх буоларым быһыытынан спорду оҕо эрдэхпиттэн интэриэһиргиибин. Кыра кылаастарга үөрэнэ сылдьан тустуу, хапсаҕай күрэхтэһиилэрин көтүппэт этим.  Сытыы киирсиилэри, ыһыытаан-хаһыытаан ыалдьарбын олус сөбүлүүбүн. Кэлин улаатан да баран, дьүөгэлэрбинээн Тарскай, Коркин аатынан тустууларга барытыгар сылдьан, номнуо доҕор-атас буолбут тустууктарбар ыалдьарбыт», – диэн биир идэлээҕим кэпсээнин саҕалыыр.

Идэҕэ айан

Спорду сырдатар суруналыыс буолуом диэн санаабар да суох этэ. Көннөрү сүгүрүйээччи быһыытынан күрэхтэһиилэргэ сылдьарым. Ийэм юрист буолан, прокурор дуу, адвокат дуу идэлэниэхпин баҕарарым. Оскуола кэнниттэн СГУ саха салаатыгар литературнай редакторга үөрэнэ киирбитим. Үһүс кууруска диэри эдьиийбин кытта олорбутум, онтон «устудьуон ааттаах уопсай олоҕун билимээри гынным» диэн, уопсайга олоро киирдим. Саха салаатыгар үөрэнээччилэр физкултуура институтун устудьуоннарын кытта дьукаахтаһан, 68-с уопсайга олорбуппут. Онно элбэх спортсмены кытта доҕордоһон, спорка тапталым эмиэ көбөн кэлбитэ. Төрдүс кууруска үөрэнэ сырыттахпытына, «хаһыакка быраактыкаланаҕыт» диэн сорудахтаатылар. Бииргэ үөрэнэр доҕотторум «Саха сирэ», «Кыым» хаһыаттарга быраактыкаланар буоллулар, оттон мин «Спорт Якутии» таллым. Саха салаатыгар үөрэнэ сылдьар киһиэхэ, нууччалыы суруйарым ыарахаттардаах соҕус буолла. Ол эрээри, бастакы ыстатыйам тахсыбытыгар олус үөрбүппүн уонна долгуйбуппун өйдүүбүн. Аны, VI «Азия оҕолоругар» пресс-кииҥҥэ үлэлэс диэн этии киллэрбиттэрэ, онно тута сөбүлэһэн, ылсан барбытым. Дьиҥнээх суруналыыс курдук аккредитация ааһан, кэлбит омук спортсменнарын кытта кэпсэтэн, бастакы уопутум олус интэриэһинэйдик ааспыта. Улахан күрэхтэһин этэҥҥэ ыытылларыгар бэйэм кылааппын киллэрбит курдук санаммытым. Бэһис куурус буолбут кыһыммар, учуутал быраактыкатын аастыбыт. Мин спорка интэриэстээх киһи буоларым быһыытынан, Олимпийскай эрэл училищетыгар тиийдим. Дириэктэр Алексей Филиппов олус соһуйбутугар, мин: «Спортсменнар хайдах уһаарыллалларын көрүөхпүн-билиэхпин баҕарабын», – диэтим. Оччолорго училищеҕа билигин Саха сиригэр, Россияҕа биллэр Кристина Тимофеева, Айыына Агеева, Саша Захаров, Степа Соркомов үөрэнэ сылдьаллара. Кинилэрдиин бодоруһан, баччааҥҥа диэри билсэ-көрсө сылдьабыт, оҕолорум ситиһиилэриттэн олус үөрэбин.

Петровичы учуутал оҥостон

Үөрэхпин бүтэрбит сайыммар, 2009 сыллаахха, Бүлүүгэ «Манчаары оонньуулара» буолла. Онно Владислав Петрович Коротовтыын ыкса үлэлэһэн саҕалаабытым. Ол сылтан ыла күн баччатыгар диэри кини элбэххэ үөрэтэн-такайан, дьон бөҕөлүүн билиһиннэрэн, ардыгар мөҕөн-этэн да буоллар, таһаарыылаахтык үлэлээн кэллим. Билигин кинини элбэххэ үөрэппит учууталым диэн махтана саныыбын. Ол курдук, үөрэхпин бүтэрбит күһүммэр Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт институтугар наука отделыгар үлэлии тиийдим. Историяны хасыһарга, сөпкө суруйарга элбэх уопуту ылбытым. Наука эйгэтэ биир сиргэ хам-бааччы олорор, тулуурдаах киһи ылсан үлэлэһэр дьарыга. Ол сылдьан, наука хандьыдаатыгар минимум туттарбытым. Иһим түгэҕэр «бу миэнэ буолбатах, мин манныкка баҕарбаппын» диэн санаа-оноо син биир оонньуура. Икки сыл кэриҥэ институкка үлэлээн бараммын, аны, Мугудайга олохтоох дьаһалта сүрүн исписэлииһинэн үлэлии бардым. Мугудайга аймахтарым бааллар, уопсай дьиэ биэрдилэр – дьэ, үлэлээн көрүллүө дии санаатым. Дэриэбинэ олоҕун, олохтоохтор кыһалҕаларын, тэрээһин үлэтин «үрүҥүн-харатын» барытын биллим. Дьоҥҥо көмөлөһөр туох куһаҕаннаах буолуой, тигинэччи үлэлии сырыттым. Онно эмиэ «бу миэнэ буолбатах» диэн санаа быһах биитин курдук аала сылдьыбыта. Үлэлээбитим сыл курдук буолан баран, Владислав Петрович Чурапчыга дьиэбэр эрийэн, миигин ирдэспит эбит. Ийэм үлэм төлөпүөнүм нүөмэрин биэрбит. Тута миэхэ эрийдэ, «кэл, үлэ баар» диэтэ, мин оччолооҕу истээт, Дьокуускайга айаннаатым. «Модун» спорт киинигэр үлэҕэ киирдим. Эмиэ «Азия оҕолоругар» үлэлээн, сүүрэн-көтөн, дьиэбэр төннүбүт курдук буоллум. Онон «Модуҥҥа» үлэлээн, тугу эрэ сүтэрбиппин өр көрдөөн булбут курдук санаммытым. Хас да сыл устата икки араас эйгэҕэ үлэлээн көрөн боруобаланан бараммын, киһи биирдэ олорор олоҕор баҕарбат дьыалатынан бэйэтин күүһүлээн туран дьарыктанара, үлэлиирэ саамай куһаҕан эбит. Онон санаа сытар үлэтин, дьарыгын булуу уустук суол да буоллар, кэлин санаатахха, киһини элбэххэ үөрэтэр эбит диэн түмүккэ кэллим.

«Спорт Якутии» хаһыат

«Модуҥҥа» үлэлии-хамсыы, араас сиринэн командировкаҕа сылдьан бараммын, кырдьык, спорт эйгэтэ бу миэнэ эбит диэммин, хаһыакка көһөргө санаммытым. «Спорт Якутии» хаһыаты кытта үлэлэһэ сылдьыбыт буоламмын, редактор Александр Посельскайга эппиппэр, быһа гыммата, «кэл» диэтэ. Куруук олох үөһүгэр сылдар, интэриэһинэй дьону кытта сэһэргэһэр, санаа атастаһар, күрэхтэһиилэри көрөр, спортсменнар кыайыыларын да, хотторууларын да сүрэххэ чугастык ылынан, ону илдьиритэн суруйан, дьоҥҥо тиэрдэрбин олус сөбүлүүбүн!

Мас тардыһыыны сэҥээрбин!

Хас биирдии киһиэхэ спорт хайа эмит көрүҥэ ордук чугас буолар. Миэхэ оннук көрүҥүнэн мас тардыһыы буолар. Туох баар күрэхтэһиилэри кэрийэ сылдьан суруйарбын, мадьынылары кытта кэпсэтэрбин ордоробун. Бу көрүҥ аан дойду таһымыгар тахсыбытыттан киэҥ туттабын уонна олус үөрэбин. Бу барыта «Модун» саха спордун төрүт көрүҥнэрин киинин уонна спорт министиэристибэтин үлэтин үтүө түмүгэ буолар. Хайа баҕар спорт көрүҥэ биир сиргэ турбат, кыралаан да буоллар, сайдан иһэр. Онтон сылыктаатахха, мас тардыһыыта хаһан эмит Олимпиада көрүҥүнэн буолуо. Оннук буолуон ис сүрэхпиттэн баҕарабын. Аны сөбүлүүр көрүҥҥэр интэриэһиргиир, ыалдьар спортсменнардаах буолар эбиккин. Ол курдук, мин Дмитрий Попов уонна Михаил Ковалик киирсэр техникаларын атыттартан чорботобун. Иккиэн киһи быһыытынан сэмэй, спортсмен быьыытынан талааннаах ыччаттар диэн көрөбүн. Оттон атах оонньууларыгар Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Георгий Шергины сэҥээрэ көрөр этим. Барыларыттан уратытык, киһини тардар гына, субу көтүөхчэ, илиитин эрийэ-эрийэ буурдаан бардаҕына көрөөччү эрэ барыта батыһа да сылдьан көрүөх курдук буолааччы. Баҕар, хаһан эмит мас тардыһыыга комментатор буолан, боруобаланан көрүөм этэ. Бэйэм таптыыр, элбэҕи суруйбут, билбит-көрбүт көрүҥүм, онон табыллыа этэ дии саныыбын. Ордук табыллан кыргыттар киирсиилэрин ыытыам этэ. Хомойуох иһин, саха дьоно олус сонумсахпыт. Биир күн спортсменнарбытын сиэри таһынан хайҕаан, дарбатан баран, иккис күнүгэр киһи иилэн ылбат гына үөҕэн, мөҕөн-этэн да кэбиһиэхпитин сөп. Ааттаах-суоллаах, аан дойду таһымыгар күрэхтэһэр тарбахха баттанар дьоммутугар харыстабыллаах тык сыһыаннаһыахтаахпыт. Кинилэр өссө да кыайыы көтөллөнөн кэлиэхтэрэ, төрөөбүт дойдуларын ааттатыахтара турдаҕа. Хайа, уонна хас биирдии кыайыы, ситиһии сэттэ көлөһүн тохтуулаах, сыралаах үлэттэн кэлэрин умнумуохха наада.

Дьону чөл олоххо угуйуу – эбээһинэһим

Уопсайынан, суруналыыс идэлээх киһи сырдатыы эрэ үлэтинэн буолбакка, араас тэрээһиннэри ыытыахтаах, уопсастыбаҕа туһалаах буоларга кыһаллыахтаах. Спорду сырдатар суруналыыстар дьону спорка, чөл олоххо, ол аата доруобай буолууга угуйабыт. Чөл олохтоох киһи туга барыта табыллар. Онон спорду сырдатар суруналыыс суруйуутуттан, матырыйаалын тиэрдиититтэн олус элбэх тутулуктаах.

Спорду таптыыр, өр көрдөөн бэйэтин идэтин булбут Сайыынаҕа таһаарыылаах үлэни, ситиһиилэри баҕарабын!

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0