Саха сиригэр бүгүҥҥү күн туругунан, 15 улууска 24 ойуур баһаарын утары үлэлэр ыытыллаллар.
edersaas.ru
Баһаардар хаппыт уопсай иэннэрэ 7 684 га. Баһаарынайдар Абый, Бүлүү, Муома, Орто Халыма, Таатта, Томпо, Уус Маайа улуустарыгар уоту бохсубуттар. Ааспыт сууккаҕа Уус Маайаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Аммаҕа уонна Сунтаар улуустарыгар 4 ойуур баһаара умуруоруллубут. Уоту утары охсуһууга 620 киһи, 45 анал тиэхиньикэ үлэлиир.
Суола-ииһэ суох уонна ыраах ойуур пуондатыгар 1 115 121,00 га иэннээх сиргэ 126 термоточкалар бэлиэтэммиттэр. Баһаар турар кутталаах кэмэ саҕаланыаҕыттан, Саха сирин территориятыгар 1 283 839,21 га иэннээх сиргэ 373 ойуур баһаара бэлиэтэммит, итинтэн 110 баһаар харыстанар ойуур пуондатыгар киирэр. Бу туһунан СӨ Экологиятын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1