Сайын биир былдьаһыктаах күнэ

Ааптар: 
30.07.2017
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэтээҕи хаһыат сүрүн тиэмэтэ – “Сайыҥҥы биир күн сылы аһатар” диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ол курдук, бу нүөмэргэ оттооһун хаамыыта, хотугу улуустарга таһаҕас тиэйиитэ, оҕуруот аһын үүннэриигэ сүбэлэр – барыта сайыҥҥы түбүктэр.

 edersaas.ru


  •  «Сытыы боппуруос» рубрикаҕа «Баһаар: буруйдаах — кураан…» диэн төбөлөөх Анивера Акимова уонна Раиса Сибирякова матырыйаалларыгар ойуур баһаарын умулларыы туһунан ырыттылар.
  • Саха сирэ Арассыыйа атын субъектарын кытта тэҥнээтэххэ, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар ыллыктаахтык үлэлэстэ. Ол да иһин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо эһиилгиттэн бу тосхол салгыы ыытыллыаҕын баҕараллар. Бу туһунан » Салгыы үлэлиир» матырыйаалыгар Александр Тарасов ырытта.
  • “Оттооһун” бырайыакка Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Чурапчы олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын ырытар суруналыыс Иван Пономарев “Чурапчылар сорукпут улахан” диэн улахан ыстатыйата биир балаһанан бэчээттэннэ. «Ааспыт күһүн сир тот тоҥмута, онон бу курааҥҥа-куйааска тулуктаста. Ардах хойутаан да буоллар, син түстэ. Оо, абалаах. Саатар биир нэдиэлэ эрдэ түспүтэ буоллар, окко дэлэлээх үчүгэй буолуо этэ дуо?” – диэн ким бу ыстатыйаҕа эбэн санаатын сайа эттэ? Бу туһунан Раиса Сибирякова бэчээккэ бэлэмнээбит матырыйаалыгар ааҕыҥ.
  • Рефрижератор-контейнердар көмөлөрүнэн Уһук хоту улуустарга уу суолунан күүтүүлээх “күөх рейстэр” оҥоһуллан эрэллэр. Контейнер иһигэр сайын – сөрүүн, кыһын сылаас температура эрэсиимэ тутуһуллар. Рефрижератор-контейнеры массыынанан, поеһынан, уу аалынан тиэйэ сылдьыахха сөп. Кылаабынайа, салгын аалынан тиэрдэрдээҕэр табаар сыаната биллэ удамыр. Бу күннэргэ оҕуруот аһын тиэммит контейнер Владивостоктан Магадаҥҥа тиийэн, Сеймчаанынан Орто Халыма куоратыгар тохтоон, Черскэй бөһүөлэгин туһаайыытын тутуһуохтаах”, – диэн “Якутоптторг” тэрилтэ саҥа сүүрээни олоххо киллэрбитин туһунан ким кэпсээтэ? Бу туһунан “Хотугу улустары хааччыйыы” бырайыак балаһатыгар ааҕыҥ.
  • “Бигэ акылаат –үйэлээх, сылаас дьиэ мэктиэтэ” диэн матырыйаалыгар Василий Никифоров «Сатал» түөлбэтигэр олорор Василий Яковлев эт мэйиитинэн, сахалыы мындыр толкуйунан дьиэ акылаатын хайдах оҥорор сонун ньыматын билиһиннэрдэ. Онон куорат таһыгар дьиэ туттар дьон бу матырыйаалы хайаан да аахтаххытына табыллар.
  • Эбии аһатарга килиэп ордук. Бастаан уу кутан баран, отон муоруһун курдук дьүһүннээх марганка суурадаһынын ыстарыҥ, түөрт хонугунан кураанах күлү табыгынатыҥ. Дьэ, ол кэнниттэн биир биэдэрэ ууга бухааҥка аҥаара килиэби көөнньөрөн, нэдиэлэ аайы аһата сылдьыҥ. Оччоҕуна оҕурсугут магний, калий курдук наадалаах эттиктэринэн хааччыллыа, ыарыыны чугаһаппат буолуо, сэбирдэхтэрэ саһарыахтара суоҕа, аһа улаатыа, элбиэ”, — диэн “Кэмин куоттарымаҥ, дэлэй үүнүүнү хомуйуҥ” диэн ыстатыйаҕа Ньурба Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова сүбэлиир. Ити курдук атын оҕуруот астарыгар эмиэ дьикти интэриэһинэй сүбэлэри ааҕаргытыгар сүбэлиибин. Матырыйаалы бэчээккэ Раиса Сибирякова бэлэмнээтэ.
  • Бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыы, дьэ, биһиги кэммитигэр баара, доҕоор! 1976 сыллаахха киин куоракка Труд уулуссаҕа, оччотооҕу санааҕа, сүүнэ улахан биэс мэндиэмэннээх Эт-үүт кэмбинээтин тутан киллэрбиппит. Онно сүөһүлэри тыыннаахтыы Нам, Горнай оройуоннарыттан – массыынанан тиэйэн, Мэҥэ Хаҥалас “Ленин” уонна “Максим Горькай” сопхуостарыттан өрүһү бааржанан туоратан аҕаларбыт. Уонна атырдьах ыйын 15-тэн сэтинньи 24 күнүгэр диэри идэһэлиирбит. Күҥҥэ 350 төбө сүөһүнү өлөрөр этибит. Оччолорго олохтоох сүөһү этин кыраныысса таһыгар батарар буолан, санэпид салаатынан ирдэбил олус кытаанах этэ”, — диэн “Итии чэй” рубрика ыалдьыта кэпсиир. Кини кимий? 70-с сылларга убаһа этин Саха сирэ ханнык омук сиригэр экспордыыр эбитий? Бу туһунан “Дьоллоох Уйбаан” интервьюга ааҕыҥ.
  • Бу күннэргэ Таатта Баайаҕатыгар буолан ааспыт тэрээһиҥҥэ араас куонкурустар, спортивнай күрэхтэһиилэр дьон сүргэтин көтөхтүлэр. Ол курдук, 8 Сэмэн, 6 Марыына эһээлэрин уонна эбээлэрин ааттарын үйэтитэ сылдьаллара билиннэ. Ытык дьоннорун кэриэстиир ыһыах араас куонкурустарын кыайыылаахтара ким дьааһыктаах арыынан, ким спорт, ким булт тэрилинэн наҕараадаланнылар”, — бу Андросовтар учуутал династияларын туһунан матырыйаалтан быһа тардан билиһиннэрдим. Сиһилии бу нэдиэлэтээҕи хаһыакка ааҕыҥ.
  • Биһиги оҕолорбут инбэлиит дьон категориятыгар киирсибэттэр. Бу олох ураты ыарыылаах дьон буолан, уопсастыбаттан тэйитиллэн хаалар кутталлаахтар. Ол иһин аутизм диагноһа турбут оҕолоох төрөппүккэ: ”Эмтэниллибэт ыарыы, онон оҕоҕун кыра эрдэҕинэ анал интэринээккэ туттаран кэбис”, — диэн сүбэлиир эмчит үгүс. Хайдах күҥҥэ көрбүт кырачааҥҥын бэйэҕиттэн араарыаххыный? Аутизм ыарыылаах оҕону олоххо бэлэмнээх гына иитэн таһаарар инниттэн, “Снегири” диэн ааттаан социальнай дэриэбинэ туттаран, оҕолору үлэҕэ үөрэтэр баҕа санаалаахпыт. Кинилэр саастарын ситиитэ ким да үлэҕэ ылбат. Саатар улаатан баран, уопсастыба киэр хайыһар дьоно буолбаттарын, бэйэлэрэ бэйэлэрин көрүнэр, хааччынар кыахтаналларын туһугар бу социальнай дэриэбинэни тутаары гынабыт”, — диэн бу ким кэпсээтэ? Сиһилии бу матырыйаалы интэриэһиргээбиттэр “Ураты оҕоҕо” – ураты болҕомтону” диэн ыстатыйаттан билсиҥ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0