Сайын биэс тыһыынчаттан тахса оҕо үлэлиэ

Ааптар: 
05.07.2022
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ биэс тыһыынчаттан тахса оҕо быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыллыа.

Элбэх оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын кэмигэр бэйэлэрин баҕаларынан быстах үлэҕэ киирэллэр. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрэринэн, быйыл сайын сокуоннай саастарын туола илик 2423 оҕо номнуо үлэлии сылдьар. Уопсайынан, быйыл сайын, сокуоннай сааһын туола илик 5226 оҕону үлэнэн хааччыйар былаан баар.

Быстах кэмҥэ 14-18 саастаах оҕолор үлэлиэхтэрин сөп. 16 саастарын туолбут оҕолору кытары үлэ дуогабарын түһэрсэр көҥүллэнэр. Чэпчэки, доруобуйаҕа охсуута суох үлэҕэ 15 саастаах оҕону, үөрэммит буоллаҕына уонна салгыы киэһээҥҥи, кэтэхтэн киэбинэн уопсай үөрэх сүрүн бырагырааматынан үөрэнэр буоллаҕына, ылыахха сөп. Оттон 14 сааһын туолбут оҕону кытта төрөппүттэртэн биирдэстэрэ эбэтэр бэпэчиитэл, эппиэкэ уоргана уонна бэпэчиитэлистибэ сөбүлэһэр буоллахтарына, үөрэхтэн көҥүл, иллэҥ кэмҥэ үлэлииригэр дуогабардаһыахха сөп. Сокуоннай саастарын туола илик эрээри үлэлиир оҕолор доруобуйаҕа буортулаах уонна кутталлаах усулуобуйаҕа үлэлиэ суохтаахтар, үлэ кинилэр доруобуйаларыгар, майгыларыгар-сигилэлэригэр, өйдөрүгэр-санааларыгар буортута суох буолуохтаах.

Улааппыт, эрдэҕэс (подросток) оҕолорго үлэ чааһа кылгатыллар. РФ Үлэ кодексатынан: үөрэнэр 16-18 саастаах оҕолорго — нэдиэлэҕэ  36 чаастан уонна күҥҥэ алта чаастан үрдүө суохтаах. 14-16 саастаах оҕолорго — нэдиэлэҕэ 24 чаастан уонна күҥҥэ түөрт чаастан аһара барыа суохтаах. Үлэҕэ ыларга бастакынан болҕомто тулаайахтарга, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыттарга, үлэтэ суох дьиэ кэргэттэр, толорута суох, элбэх оҕолоох, кыаммат олохтоох дьиэ кэргэттэр оҕолоругар, сокуоннай саастарын туола илик оҕолор дьыалаларын хамыыһыйаларыгар учуокка турааччыларга ууруллар.

Сокуоннай саастарын туола илик гражданнар быстах үлэҕэ хамнас аахсалларын таһынан, үлэлии уонна саастыылаахтарын кытары кэпсэтэ үөрэнэллэр.

Үлэлиэн баҕалаахтар олорор сирдэринэн нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр билсиэхтэрин сөп. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин төлөпүөнэ 8(800)201-66-43.

ЯСИА хаартыската

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0