«Сайылык», «Сайын дии»… (хоһооннор)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха дьонугар Ньукуолуну кытта тэҥинэн Сайылык күнэ диэн бэлиэтэнэр буолбута сүргэбитин икки бүк көтөҕөр.

САЙЫН ДИИ!

Халыҥ хаарын уулларан
Хара тыабыт тылынна,
Чээлэй күөххэ сууланна,
Хайа муҥун — сайын дии!

Куула тыаҕа кэҕэбит
Күнү быһа чоргуйда,
Кини тугу туойбутун
Тута таайдым — сайын дии!

Алаастарга хонууга
Күөлэһийдэ кулунчук,
Кутуруга дэйбиирдии
Тойтоҥноото — сайын дии!

Саҥа хаампыт ол оҕо
Охтон түстэ кырыска,
Хата кини ытаабат
Тоҕо ытыай — сайын дии!

Кэрэ лыахпыт сыһыыга
Сибэккини кэрийдэ,
Көй салгыҥҥа күөрэгэй
Дьырылаата — сайын дии!

САЙЫЛЫК

Сайылыкка сайынын
Баара ыччат пиэрмэтэ,
Күммүт онно эрдэлээн
Көмүс дуйа тахсара.
Биэдэрэлээх кыргыттар
Титииктэргэ тиийэннэр
Һайдаан-ыллаан, ынах ыан
Үүнэр этэ саҥа күн.

Үүтү тиэйэ эдэр уол
Массыыната кэлэрэ,
Кэрэ кыыһы күннэтэ
Кистии көрө таптыыра.
Мотуор тыаһа тирилэс
Сүрэх киэнин баһыйар,
Кыыспыт бүтэй таайара
Имэ кыыһа кэйэрэ.

Киэһэ буола түһээтин
Олох кыынньа түһэрэ,
Кыайан турбат сарсыарда
Умнуллара дьэ тута.
Матасыыкыл, волейбол
Күлүү-салыы, тыытыһыы,
Хатыҥ чараҥ быыһынан
Кистээн-кистээн сиэттиһии.

Сайылыкка сайынын
Пиэрмэ баара сэргэх сир,
Сыбаайбаһыт дьэ онтон
Күһүн элбиир буолара.
Оҕо-уруу, сиэннэр диэн
Силис тардан ууһааннар
Сайылыктан саҕыллан
Сайдам ыаллар билигин.

Полина-Победа,
Уус Алдан

Хаартыска: http://yakutia24.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0