Сайылык үөрүүтэ, уу куттала

23.05.2022
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 22 күнүттэн сахаларга сайын саҕаланар. Саха дьоно уһун кыһыны этэҥҥэ туораан,күөххэ үктэнэр Ньукуолун күнүгэр алаадьы астаан сири-уоту аһаталлар, Айыылартан өҥ дьыл буоларыгар көрдөһөллөр,ыраастаналлар уонна сайылыкка көһөллөр.

edersaas.ru


СӨ Ил Дархана Айсен Николаев 2021 сыллаахха ыам ыйын 22 күнүгэр Сайылык күнүн бэлиэтииргэ уураах таһаарбыта. Онон, быйыл бастакытын Сайылык күнүн бэлиэтиибит.
Ол чэрчитинэн Суотту, Хоноҕор олохтоохторо Ийэ искибиэригэр 50-ча киһи мустан сиэри-туому тутуһан,арыылаах алаадьынан сири-уоту аһатан,үрүҥ сылгы сиэлинэн сыт таһааран Сайылык күнүн сахалыы сиэринэн, буруоҕа ыраастанан көрүстэ. Хамсык намыраан көрсүспэтэх дьон көрсүһэн,истиҥник кэпсэтэн,сахалыы таҥаһы сайбаччы кэппит дьахталлар оһуохайдаан ,көрү-нары көҕүлүттэн тутан ыллаан-туойан, араас күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттан, кыайбыттар бириис ылан-өрөгөйдөрө үрдээтэ. Ол курдук, сэппэрээтэр ыһыыта-хомуйуута, самовары оргутуу, алаадьы араас көрүҥэр күрэхтэһии ол быыһыгар,эҕэрдэ кэнсиэр.Ньукуолун күн, күнэ анаабыт курдук сандааран, сылааһынан угуттаан, кэҕэ этэн, чыычаах ыллаан дьиҥ сайын тыына билиннэ.


Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Василий Иннокентьевич Иванов төһө да халаан уутун үлүскэнигэр сүүрэ сырыттар, кэлэн дьонун-сэргэтин эҕэрдэлээн барбыта хайҕаллаах. Уус Алдан,Суотту нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, 91 саастаах Ытык кырдьаҕас Иван Спиридонович Оконешников алгыһынан,мустубут дьон бары биир иллээх дьиэ кэргэн курдук,биир остуолга олорон кус этин тото-хана сиэн,  сахалыы лапсалаах миинин ким төһөнү кыайарынан иһэн, бары даҕаны тэрээһинтэн астынан,тэрийбит дьоҥҥо, асчыттарга махтанан тарҕастыбыт.
Дьэ,ити кэмҥэ Эбэ мууһа хамсаан, эстэр кэмэ кэлэн, кыһыҥҥы муустара бысталанан көмүөлбүт саҕаланна. Дьиҥинэн,  ыам ыйын 21 киэһэтигэр тас уута кэлэн, хаатын толорон хоту дьулурҕатык устуутун саҕалаабыта. Кини бэйэлээх тыаһаан-ууһаан, иннигэр түбэспити барытын тоҕо солоон айанныыра көрөргө-дьулаан.  Эбэ сүүрүгэ түргэнин аанньа, «харыы суох ,этэҥҥэ буолсу» диэн күлүкпүтүгэр имнэммиппит баара, хоту харыылар үөскээннэр,Ньукуолун күн 3 чаас иһигэр ходуһа уунан туола оҕуста. Түүн уу уоскуйар дииллэр даҕаны,бөлүүн нэһилиэк сыырын тахсан дьиэлэр ууга бардылар. Үрэхтэр быһыттара быстаннар кэлии-барыы харгыстанна. Күнүс 3 чаастаах туругунан,уу эбиллэ-көҕүрүү турар, онон биир балаһыанньаҕа турар курдук. Сотору-сотору мууһу дэлби тэптэрэллэр да,  уларыйыы суох. Эҕиримниирэ кутталлаах. Былыргы 1964 сыллааҕы улахан уу барда диэбит кэннэ үһүстээн түллүүтүгэр алдьатан ааспытын кырдьаҕастар кэпсииллэр.


Онон .  уоскуйар эрдэ. Бу саас Якутск GO. ru саайтка,» быйылгы халаан уута улахан буолуо» диэн суруйан турардаахпын. Ол гынан баран,»уу бэйэтин дьаалатынан барыа,»диэни итэҕэйэн дьон олорон биэрдилэр. Төһө хоромньу тахсыбыта билигин биллибэт, арай суоттулар көрдөһөр көрдөһүүбүт биир,»уу этэҥҥэ ааһарыгар!»
Үнүр эрэ кумаҕынан көрө сыппыт өрүс куйаара-кэйээрэ биллибэт байҕалга кубулуйбута сүр. Уу элбэх да буолар эбит.

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Иннокентий ПОПОВ-ОҔУРУОТТААХ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0