Ыам ыйын бүтэһик күннэрэ… Улуу өрүс сыл устата ый уон иккитэ төрөөн ааһарыттан хайа охсубут аҥаара, быһа баттаабыт быһаҕаһа, кыыдааннаах кыһын обургу муус чопчута куйах курдук бүрүйэ сыппыт мууһуттан босхолонон, мууһун Хотугу байҕалга кыйдаан, уута убаан, сүүһүнэн үрэхтэр сүүрдэн байыталларыттан улуутуйан, киэҥ хаатын толорунан, дьэ холкутуйан наҕыллык уста сытар.
Үлүскэннээх үллэр үөстээх, үөскүү турар үрэхтэрдээх, сүүрэн бүппэт сүүрүктээх, баһан бараммат балҕааннаах, дугуйан туораммат долгуннаах, тургуйан тобулбат түгэхтээх, ахсым аттыы айаннаах, буурай буурдуу буркуннаах, хабыр таас хайа хаайыылаах, көмүс кумах кытыллаах, күөхтүүр оттоох хонуулаах, суугунуу хамсыыр ойуурдаах, буркун таас боруоктан бугуһуйбут, чэй таастартан быыппастыбыт, күүһүрэн ылар күөнэхтээх, улуутуйан ылар уорҕалаах улахан эбэ туох баар тыынар тыыннаах кыл тыынын уһатан, олоҕун илгэтэ буолан улуутуйуон даҕаны улуутуйдаҕа эбээт…
Уу чуумпу, ханан да салгын ибир да гыммат нууралыгар бигэммит уу ньууругар, күөх халлаан күлүгүн көрүнэр. Арай бу икки, халлаан күөх ньуур силбэһэр көрүҥнэрин, саҥардыы көҕөрбүт тыа, от-мас чээлэй күөҕэ эрэ икки аҥыы араарар курдуга.
Бу улуу өрүс ортотугар хатыҥ чараҥнаах, харыйа мас тыалаах, үөт талах хаймыылаах кытыллаах, харас, хаптаҕас, моонньоҕон хото үүнэр, араас дьэрэкээн сибэкки киэргэллээх киэҥ нэлэмэн хонуулардаах, ортотугар бу өрүстэн ууланар улахан Эбэ күөллээх, онтон да атын кыра-кыра күөллэрдээх, айылҕа анаан-минээн айбытыныы талба кэрэ Арыы сир баар эбит… Манна саха дьоно былыр-былыргыттан олохсуйан, өҥ буордаах дойдуга дэлэйдик үүнэр оттоох ходуһалартан оттоон, сүөһүнү дэлэйдик иитэн, ас-үөл өттүнэн хаһан да тутайбакка, дьадайбакка олорбуттар эбит. Бу дойдуга сайын саамай саргылааҕа, быйаҥ саамай байылыата баара, киһи аймах саамай үлэһитэ, хоһууна, хорсуна олороро, айара-тутара.
Самаан сайын сарсыардатын эрдэтээҥҥи күнүн чаҕыла саҥардыы тыллыбыт хатыҥ сэбирдэҕэр тырым уотун ыһан, сүүһүнэн сулус курдук күлүмнүү оонньуур. Ол чаҕыл уоттан соһуйбут курдук тута, үөр чыычаах күйгүөрэ дьэп-дьэҥкир салгыны үрэйэн, дьикти дьүрүскэн буолан кутулла түһэр. Иһийэн турбут чуумпуну күөрэгэй туойан көтүрэр, кэҕэ этэн кэбирэтэр. Саҥардыы тыллыбыт мутукча, сибэккилээбит чэмпэрээк мүөттээх сыттара, айылҕа муҥутаан тупсубут кэмин эбии ситэрэн, салгын кытары минньийбит курдук. Киһи хайдах эрэ түөс муҥунан эҕирийэн, бу эриэккэс салгынынан толору тыынан, өйдүүн-санаалыын сырдыыр, сүрэхтиин- быардыын манньыйар, дууһалыын үөрэр-көтөр, дьоллонор. Санаатыгар бу сыт хаһан даҕаны сайҕанан сүтэн хаалбакка, букатын турар бэйэтигэр иҥэн хаалыан баҕарар. Кынаттааҕым буоллаар, бу түгэҕэ көстүбэт күөх халлаан анныгар күөрэйэн көтө-дайа сылдьыам этэ дэтиэх курдук аптаах түгэн… Бу кэрэ көстүүнү ханнык даҕаны улуу худуоһунньук киистэтэ кыайан үтүктүбэт, түһэрэн ылбат буоллаҕа. Арай, айылҕаны олох илэ көрөн, кинилиин алтыһан эрэ толору дьоллонуохха сөп.
Айылҕа барахсан сүдү күүһэ санньыйбыты санаатын көтөҕөр, уордайбыты уҕарытар, эрэҥкэдийбиккэ эрэли үөскэтэр, олоххо тапталы күөдьүтэр буоллаҕа эбээт. Бу бэйэлээх кэрэ айылҕаҕа дэлэйдик үөскээбит кыыл, көтөр, уйа туттарга, сымыыт баттыырга, төрүүргэ-ууһуурга, элбииргэ, тэнийэргэ эрэ аналлаах курдук.
Оттон саха киһитигэр унньуктаах уһун кыһыҥҥы күннэргэ күүппүт-кэтэспит кэмэ — сайын барахсан кэлэн, айылҕа тыллан, от-мас көҕөрбүтэ саҥа тыын ылыы, унаар сайын устата күүс-уох мунньунуу, кэлиэхтээх кыстыкка сылайары билбэккэ салҕыбакка бэлэмнэнии буоллаҕа. Ол аата самаан сайын устата от оттоон, сүөһү бэрийэн, үрүҥ илгэни дэлэтэн, бэйэ тэлгэһэтигэр үүнээйи ыһан, олордон уонна айылҕа бэрсибитин хомуйан, хаһаастанан түбүгүрүү, үлэттэн кэлбит дэлэйтэн астыныы, дуоһуйуу буоллаҕа.
Тыа сирин сүөһү иитиитигэр үлэлиир олохтооҕор туохтааҕар даҕаны бэлиэ кэм, сайылыкка тахсыы түгэнэ буолар. Саас кэлэн күн уһаата даҕаны, хаар уулла охсон, күөх от бытыгырыы үүнэрин күүтэн, манаан барыллар, дэлэҕэ даҕаны биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күөххэ тиийэри күүтүөхтэрэ дуо, онтон быһаччы сибээстээх буоллаҕа дии — ынах барахсан тото аһаан, ыанньыйан кэлэн, үрүҥ илгэ үүтү дэлэччи биэрэрэ. Ыаммыт үүт сөрүүн суорат буолан сайыҥҥы курааҥҥа сөрүүкэтэр, утаҕы ханнарар, хойуу сүөгэй буолан кураанах килиэби, лэппиэскэни минньигэс амтанныыр аһылык буоллаҕа эбээт. Биһиги өбүгэлэрбит үүттэн араас сонун аһылыгы астаан күннэтэ дьиэ кэргэттэрин тото-хана аһатан олордохторо…
Бүгүҥҥү күҥҥэ олох төһө балысханнык сайдар даҕаны, тыа сирин олоҕор алдьатыылаах диэтэххэ сыыспатым буолуо дуу, уларыйыы тахса турар. Ол курдук урукку колхуос, сопхуос ыһыллан, ынах сүөһүнү сыал- сорук оҥостон иитии аҕыйаабыт кэмигэр кэлэн олоробут. Уруккулуу сайылыктарга ыаллар көһөн тахсан сүөһүнү бэрийэргэ, үүтү дэлэччи ыан сүөгэй, арыы оҥорорго күүрээннээхтик үлэлээбэттэр. Сайылык хонуутугар мэччийэр ынахтары бостуук һайдаабат, оҕо-аймах оонньоон сүүрбэт көппөт, титииккэ ыанньыксыт биэдэрэтигэр үүт “чуур-чаар” тыаһаан курулаччы сүүрбэт…
Биһиги бүгүн хаһааҥҥыта эрэ улахан сайылык буолан үлэлии сылдьар улахан дьон күө-дьаа саҥатынан, оонньуу сылдьар оҕолор эймэниилэринэн, кырдьаҕас эбээлэр дьиэһиттии хаалан оҕолорун соруйсар наҕыл саҥаларынан, ньирэйдэр маҥыраһыыларынан туолан турбут сиргэ кэлэн, иһийбит чуумпуну атыҥырыы истэбит. Ол хаһааҥҥы эрэ кэрэ көстүүнү мэлдьэһэрдии кистээбит, чуҥкунас чуумпунан бүрүллүбүт, күрүөлэрэ-хаһаалара суйдаммыт титииктэрдээх, түннүктэрэ алдьанан оҥойон турар иччитэх дьиэлэрдээх, хаһааҥҥыта эрэ саамай сылдьар, күөлгэ киирэргэ анаммыт, бүтэйэ оһон эрэр ыллыктаах, сайылык барахсан барыта, курус көстүү буолан тураахтыыр. Арай, хайа эрэ мындыр мас ууһа ойуулаан-бичиктээн оҥорбут мас сэргэтэ, төһө эмэ күн-дьыл аастар, өссө даҕаны кыратык эмэтик иҥнэйэн да көрбөккө: «Билигин даҕаны ыалдьыттары көрсөөччү баарбын», — диэбиттии, хаппыт-куурбут бэйэтэ күн уотугар килэрийэн, үрүҥ көмүстүү килэбэчийэ турар. Кини көстөр көстүүтүттэн киһи хайдах эрэ ордук сытыытык ол ааспыт кэмнэргэ төннүөн, сайылык ыраас хонуутугар хаамыан, оччотооҕу кэмҥэ олорбут бар дьонун көрсүөн, кэпсэтиэн, ахтылҕанын таһаарыан баҕарар…
Сэргэни сэрэнэн имэрийэн, харахпытын симэн, ааспыт сыллары саппыт күн-дьыл туманнырбыт быыһын сэгэтэн, нөҥүөлээн көрүөххэ…
Дьэ, бу баардыы көһүннэ: Өтөрдөөҥҥүтэ бу манна, сааскы Ньукуолун күнэ үүнэн, кыһыҥҥы кэм бүтэн, сайыҥҥы кэм кэлэн, сиэдэрэй сибэккинэн симэммит күөх хонуулаах сайылык сиригэр, сыл хонук ардаҕыттан- хаарыттан харааран эргэрэ быһыытыйбыт кыра-кыра дьиэлэргэ иһийбит чуумпуну үргүтэн сайылык ыала көһөн тахсаннар, үөрэ-көтө, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ оннуларын оҥостон бүтэннэр, уопсай улахан остуолга аһылык тардан эрэллэр. Саха киһитин төрүт үгэһинэн алаадьылаан сырдьыгынатан арыы оргуйбут минньигэс сытынан сайылык салгынын тупсарбыттар. Алтан улахан сылабаар хайыы үйэ оргуйан, остуол хаһаайына буолан лөглөйөн олорбут. Сайылыкка тахсарга диэн хаһааска бэркэ харыстаан харайыллыбыт эмис убаһа этэ буһарыллан, куһуоктуу ууруллубут, ынах этинэн асчыт хаһаайка бэйэтэ оҥорбут дьиэ лапсалаах миинин минньигэс сыта дыргыйбыт. Сааскы кус этэ, хоргуннаах миинэ, бүгүҥҥү күҥҥэ муҥхалаан ылыллыбыт чугастыы күөллэрин соботун арааһа: үөлүллүбүтэ, мииннэммитэ, ыһаарыламмыта, остуолга маанылаах ас буолбуттар. Ол быыһыгар саха лэппиэскэтэ сугун барыанньа күөрчэхтээх хороҕор иһит таһыгар, улахан мас кытыйаҕа дэлэйдик ууруллубут.
Саамай ытыктанар саастаах эмээхсин сайылыктарын сирин-уотун алҕаан, аал уокка арыылаах алаадьы кээһэн аһаппытын кэннэ, улахан остуол тула олорон сайылык ыаллара биир улахан иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн буолан, аргыый наллаан сэлэһэ-сэлэһэ, маанылаах остуол аһыттан сии, сылабаарга оргуйбут минньигэс чэйи иһэ олордулар. Манна ким хайдах кыстыгы туораабыта, хайа ыалга кийиит-күтүөт кэлбитэ, кимнээххэ оҕо, сиэн төрөөбүтэ, бүгүҥҥү күҥҥэ кимиэхэ хас ынах төрөөбүтэ, онтон төһөтө тыһыта, төһөтө оҕуһа, сааскы куска ким өлгөмнүк бултуйбута, быһата, барыта үчүгэйи эрэ түстүүр сэргэх сэһэргэһии аргыый уһунна. Ханнык таҥара күнүгэр хайдах күн дьыл турбутун сылыктаан, төһө ардахтаах, хайдах үүнүүлээх сыл буолуон сабаҕалаатылар. Уһун кыһын устата элбэх ыал олорор улахан түөлбэтигэр наар үчүгэй эрэ буолбат буоллаҕа дии, ыарыыттан даҕаны, оһолтон даҕаны, өлүү-сүтүү да ханна барыай, ол эрээри, оннук түгэннэри бүгүн тумуннулар, ахтыбатылар. Хайдах эрэ өр күүппүт-кэтэспит күннэрин үөрүүтүгэр курус күлүгү түһэрбэт санааттан уонна бэйэ-бэйэлэрин да харыстаһан эрдэхтэрэ…
Кэпсэтии бүтүүтэ бостууктар бастаан туран аттарын миинньэн мэччийэ барбыт ынахтарын хомуйан аҕалтыы бардылар. Оҕолор ньирэйдэри тутаттаан титииккэ баайдылар, хаппыт кии хомуйан түптэ уматтылар. Ыам саҕаланыан иннинэ аһаабыт иһити хомуйан бүтэрэ охсоннор, былаат бааммыт ыанньыксыт кыргыттар, дьахталлар титииктэрин диэки тиэтэйбэккэ хаама турдулар.
Киэһээҥҥи ыам чугаһаабытын биллэрэн кырачаан ньирэйдэр маҥыраһыылара, ыанньыйбыт ынахтар ньирэйдэрин көрөн ыҥыраныылара, итиннэ-манна «Маҥаачык, Эриэнчик, Ураанай, миэстэҕитигэр барыҥ», диэн ыанньыксыттар соруйар саҥалара иһилиннилэр уонна дьэ, кураанах биэдэрэлэргэ үүт түһэр тыаһа лыҥкынаан иһэн, биэдэрэҕэ үүтэ элбээн “чуур-чаар” гынан бүтэйдик тыаһаан барда.
Түптэ буруота унааран, кии умайбыт сыта салгыҥҥа тарҕанан хайдах эрэ уоскулаҥ баҕайы буолла, тула чуумпурда. Арай, түүҥҥү чыычаах ырыатын сөп-сөп титииккэ сөрүүҥҥэ сытар ыаммыт ынахтар кэбинэллэрин быыһыгар «буус» гынан тыыналлара эрэ атын тыас буолан быһа түһэрэ иһиллэр.. Киирэн эрэр күн бүтэһик уота бытарыйан окко түспүт сиик таммаҕар сулус курдук ыйанна. Күөл үрдүнэн үрүҥ туман тыаһа суох халыйда.
Сайылык ыалын биир түбүктээх күнэ түмүктэнэн, күн уота мөлтөөн, салгын сөрүүдүйэн дьон утуйарга бардылар. Үлэ дьоно барахсаттар утуйан сынньанныннар. Сотору күн саҕахха тыгыыта эрдэһит ыал уһуктан, дьиэ аана аһыллар тыаһа уу-чуумпуну уһугуннарыа…
…Итинник аптаах түгэнтэн төннөн кэлэн иччитэх сайылык өтөҕөр туран харахпыттан уу-хаар баһан ийэтин сүтэрбит оҕолуу ытаатым, хаһан да төннүбэт түгэни өйдөөммүн хараастан өр турдум. Хас киһи бу мин курдук Эйиэхэ кэлэн эргийбэт кэмнэри ахтан-санаан ааспыта буолуой, сайылыгым тыалга-хаарга эриллэн кубарыччы хаппыт соҕотох сэргэтэ?! Соҕотох сэргэ… Эн баарыҥ хайдах эрэ инникигэ эрэли үөскэтэр эбээт, сайылыгым барахсан хаһан эрэ сөргүтүллэн, салгыы сэргэх да сэргэх олоҕунан олоруо диэн. Эн эрэ сууллан хаалыма, туруулас, кэтэс.
Мария ПОСКАЧИНА (Дьокуускай к., 2021 сыл, ыам ыйа).