Сайыҥҥы сынньалаҥҥа санитарнай нуорма төһө тутуһулларый?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениета биллэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы симиэнэҕэ 269 лааҕыр тэриллэн үлэлээбит. Онно 11076 оҕо сынньана сылдьар. Итилэртэн үлэ-сынньалаҥ 20 лааҕырыгар 481 оҕо сынньалаҥы уонна үлэни дьүөрэлээбит. Ону сэргэ күнүскү лааҕырдарга 9077 оҕо сынньаммыт.

Онон Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын үлэһиттэрэ бу тэриллибит лааҕырдар санитарнай ирдэбили хайдах тутуһалларын бэрэбиэркэлээбиттэр. Кинилэр 102 лааҕыр үлэтин көрбүттэр. Онно 52 лааҕырга санитарнай сокуоннаһы кэһии 189 түгэнэ бэлиэтэммит. Сүрүннээн  аһылыгы тэрийиигэ уонна мэдиссиинэнэн хааччыллыыга итэҕэстэр бааллара көстүбүт. Итинэн сибээстээн, кэһиилэри туоратыыга 52 предписание суруллубут, мантан 33-һүн туораппыттар. Административнай быраабы кэһиигэ 48 боротокуол толоруллубут. Ити уопсай суумата 87,5 тыһ. солкуобайга тэҥнэһэр.

Тустаах исписэлиистэр иһэр ууга 98 боруобаны ылбыттар, 256 боруоба ас-үөл бородууктатыгар оҥоһуллубут.

Бу иккис симиэнэҕэ 218 лааҕыр аһыллаары турар. Манна 8758 оҕо сынньаныахтаах. Оттон үһүс симиэнэҕэ – 96 лааҕыр.

Лааҕырдар үлэлэрин хонтуруоллуур-кэтээн көрөр үлэлэр салҕаналлар. Бу хамсык кэмигэр олус улахан суолталаах.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0