Дьыл дьылтан олус да уратылаах, быйыл кураан уонна куйаас буолла.
edersaas.ru
Дьэ маннык кэмҥэ оҕуруоту көрүү-истии ураты сатабылы эрэйэр. Өлгөм үүнүүнү ылар туһугар биһиги хаһыаппыт эрэллээх аргыһа Ньурба улууһун Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова бэйэтин үөрүйэхтэрин үллэстэр.
Ууну хайдах кутартан тутулуктаах
Оҕурсу киин умнаһа уһаан эрэр кэмигэр икки ойоҕос умнаһы утуу-субуу үүннэриллэр. Бу ойоҕос лабааттан сөптөөх аһы ыллахха, аллараа субурутан түһэрэн, төбөтүгэр баар икки сэбирдэҕин үөһээ тутан баран борбулуоханан туттаран, буорунан көмөн кэбиһиллэр. Оччоҕуна, силис тардан саҥаттан үүнэн барар итиэннэ ук эдэригэр түһэн, улаатан истэҕин аайы ас бөҕөнү биэрэр. Оттон били хаалбыт киин умнаһын сэрэнэн быһан быраҕыллар.
Билигин куйаас буолан, тэпилииссэ иһэ олус итийэр. Дьэ манныкка ууну сэрэнэн кутуллар – итии тэпилииссэҕэ тымныы ууну куттахха, эбэтэр кураанах сибэккитэ наһаа элбэх түбэлтэтигэр, эбэтэр сэбирдэхтэрин аһары быстахха, оҕурсуу амтана уларыйар, ап-аһыы буолар. Оттон буорун олус куурдан баран, ууну эмискэ куттахха, сүрүн умнаһа устатынан хайа баран хаалар. Ити иһин ууну эрэсиими тутуһан итиэннэ сөбүгэр сылааһы кутуллар. Ас биэрбэт кураанах сибэккилэри бэрт аҕыйаҕы ордорон баран, тоноон кэбиһиллэр.
Аны силиһэ үөһэнэн тэнийэ үүнэр буолан, ууну умнас төрдүгэр буолбакка, ыраахтан төгүрүччү кутуллар. Наар төрдүгэр эрэ кута сырыттахха, ууну иҥэриммэккэ силиһэ ыалдьан, саһаран барар, сэбирдэхтэрэ хатар.
Буочукалаах уу кистэлэҥэ
Тэпилииссэ иһигэр буочукалаах ууну тутар ордук. Маннык уу түүн тымныйбат, үүнээйини уонна буору кытары биир температураҕа турар, инньэ гынан куттала суох.
Мин оҕурсууга ууну сарсыарда эрдэ, аҕыс чааска диэри кутабын, киэһэ буолбатах. Оччотугар сиигин киэһээҥҥэ диэри тутар. Оттон киэһээҥҥи тэпилииссэ сиигин сэбирдэхтэрэ иҥэринэн түүҥҥү өттүгэр онон аһыыр. Сарсыарда куттахха, буора хаппат, астаах сибэккилэрэ саһара-саһара хатан саккыраабаттар итиэннэ тэллэй ыарыы сайдыбат. Күнүскү итиигэ сарсыарда тэпилииссэ аанын сэгэтэн биэриллэр, аһары тэлэччи астахха, сиигэ көтөн, күн уотугар “умайан” сэбирдэхтэрэ саһараллар, ыалдьаллар, өссө киэһээ уу куппут буоллахха, буора түргэнник куурар-хатар.
Уу кэмчи түбэлтэтигэр охсуллубут оту буоругар саба уурдахха, сиигин өр тутар. Бу оту кэмиттэн кэмигэр эргитэн, салгыннатар наада, тоҕо диэтэххэ, аллараа өттө түүнүгүрүөн сөп.
Өйдөөҥ: Огурсуу сэбирдэҕинэн эмиэ аһыыр, ити иһин тэпилииссэ салгына куруук сииктээх буолуохтаах итиэннэ салгылатыллыахтаах.
Помидор көпсөркөй буору таптыыр
Кэмиттэн кэмигэр помидор тулатын буорун көбүтэн биэрэ сылдьыллар уонна умнаһын төрдүн буорунан томточчу көмүллэр. Бу ууну кирээдэ икки ардынан халытан кутарга табыгастаах. Ону таһынан, эбии силистэр үүнэн, үүнээйини бөҕөргөтөллөрүгэр көмөлөһөр.
Аһын кэмигэр биэрэрин туһугар помидор төбөтүн сарбыйыллар итиэннэ сэбирдэҕин хонноҕуттан үүнэн тахсар умнас лабааны (нууччалыыта “пасынок”) 4-6 сантиметр уһаата даҕаны тоноон кэбиһиллэр. Кылгас угу сарбыйыллыбат, алларааҥҥы эрэ сэбирдэхтэр хоннохторун тууруллар.
Хоннохтооһун элбэҕи быһаарар
Сороҕор помидор уонна оҕурсуу астарын биэрбэккэ, биир кэм үүнэн сараадыйа турар идэлээхтэр. Ону көрө сылдьан, хоннох лабааларын сарбыйан биэриллэр, атыннык эттэххэ, хоннохтонор. Онуоха хонноҕу төрдүттэн ыллахха, иккистээн үүнэр, ол иһин биир сантиметр усталаах төрдүгэһи хаалларыллар.
Ону таһынан алларааҥҥы икки-үс сэбирдэхтэрин ылан кэбиһиллэр. Ити салгын үчүгэйдик хамсыырын итиэннэ буортан араас үөн-көйүүр ыамата тарҕамматын хааччыйар.
Хойуу буоллаҕына, убатыллар
Эриэккэ наһаа хойуутук таҕыстаҕына, икки ардыларын 15-тии сантиметр арыттаах гына убатан биэриллэр, инньэ гымматахха, бэйэ-бэйэлэрин кытта миэстэ былдьаһан, аанньа улааппаттар уонна отторо эрэ үүнэр.
Аһатыытын бастаан үс-түөрт дьиҥнээх сэбирдэх таҕыстаҕына аһатыллар (кунус эбэн баран буорун сахсатан биэриллэр), иккис аһатыытын ол кэнниттэн ый буолан баран оҥоруллар. Буорун сахсатар кэмҥэ кураанах күлү куттахха, үөн ыспат. Мин лавровай сэбирдэҕи көөнньөрбүт уубунан ыстарабын.
Уга олус сыттаах
Үнүгэстэрэ арыый улаата түстэхтэринэ, моркуобу икки ардыларын 5-тии сантиметрынан хааллара-хааллара, үргээн кэбиһиллэр, оччотугар эрэ күһүн үчүгэй үүнүүнү ылыаҥ.
Убатыыны киэһэ сөрүүҥҥэ оҥоһуллар, бастаан уу кутуллар уонна наһаа сахсаппакка таһаарбакка, ылҕанар. Тоҕо диэтэххэ, моркуоп кыра да уга наһаа сыттаах буолар. Ол сыт сахсырҕалары уонна атын да көйүүрдэри угуйар, онон сэрэнэн ылҕаан баран, тута ыраах илдьэн быраҕыллар, кирээдэҕэ хаалларыллыбат. Итиэннэ тулатынан кыратык буор эбэн, таптайа түһэн биэриллэр, ол кэнниттэн эмиэ уу кутуллар.
Кууран турар кэмигэр эмискэ элбэх ууну куттахха, аһа хайа барар, онтон сэрэнэн ууну кыралаан кута сылдьыллар.
Олус хойуутук тахсыбыт түбэлтэтигэр, балачча улаатыннара-үүннэрэ түһэн баран, от ыйыгар иккистээн убата түһүллэр. Ити эрээри, наһаа үлүһүйэн тараҕай оҥорон кэбиһэр сатаммат. Тоноон ылыллыбыт моркуоп оҕотун аска туттуллар, тоҕо диэтэххэ, моркуоп бастакы аһа, сэбирдэҕэ аһара битэмииннээх.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru