Сыстыганнаах дьаҥ өрө туран, кафелар, эрэстэрээннэр сабыллан, киин куоракка олох тохтоон хаалбыт курдук.
edersaas.ru
Ол эрээри «Сайыҥҥы бэрээндэ» диэн ааттаан, ааттаах-суоллаах эрэстэрээннэр. кафелар аттыларыгар тохтоон ааһар сирдэри аспыттара, дьоҥҥо олус туһалааҕа билиннэ. Үлэтэ суох хаалбыт ас-үөл тэрилтэлэрэ да санаалара көтөҕүллүбүккэ дылы буолла. Ол курдук, соторутааҕыта «Лена» гостиницаны кытта силбэһэ турар «Аврора» эрэстэрээн маннык тохтоон чэйдээн, аһаан сири аста.
Куорат хабыллар ортотугар, ардахха-самыырга батаппакка, киһи холкутук кофе иһэн, минньигэһи сиэн, олоро түһэ ылыан сөп.
Оттон бүгүн Ойуунускай уулуссатыгар турар, дьон таптаан сырдьар «Китагава» эрэстэрээн «Суши-бар» дьиэтин аттыгар киһи кута-сүрэ тохтуур «Сайыҥҥы бэрээндэтэ» аһылынна.
Киһи хайдах эрэ омук дойдутугар сылдьар курдук дии. Саҥа аһыллаат, «Сайыҥҥы бэрээндэ» чаас аҥара эрэ курдук кураанах турда. Ааһан иһэр дьон киирэн иһэр буолар, сотору кэминэн миэстэ суох буолла.
Кэлин санаан көрдөххө, биһиги куораппытыгар уулусса аайы бу маннык тупсаҕай, киһи тохтоон, олоро түһэн ааһар, чэйдээн үссэнэ түһэр сайыҥҥы кафелара суох эбит.
Онон «куһаҕан да үчүгэйдээх» дииллэринии, маннык сынньанар сирдэр быйылгыттан аһыллан, сыл аайы үлэлииллэрэ буоллар, куораппыт көстүүлээх да буолуо этэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.