Бэҕэһээ, кулун тутар 22 күнүгэр, Аан дойдутааҕы уу күнүн бэлиэтээтибит. Бу чэрчитинэн, Өлүөнэ тардыытынааҕы управление, «Ленарегионводхоз» филиала, СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ уонна ХИФУ оскуолаларга кылаас чаастарын, анал уруоктары ыыттылар.
«Водные жемчужины Якутии» диэн оскуола оҕолоругар аналлаах литэрэтииринэй куонкурус түмүгэ таһаарылынна. Ону тэҥэ, Амма уонна Алдан өрүстэр кэрэ айылҕаларын үйэтитэр аналлаах хаартысканан куонкурус эмиэ түмүктэннэ.
Бу күн Дьокуускай куоракка Сайсары күөлгэ устудьуоннар ортолоругар буурунан мууһу үүттээһиҥҥэ күрэхтэһии тэрээһиннээхтик ыытылынна. Маны научнайдык аэрация дииллэр, ол аата ууну салгынынан хааччыйыы диэн. Тэрээһиҥҥэ ХИФУ уонна АГАТУ устудьуоннара кытыннылар. Былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит биир үтүө үгэспитинэн куйуурдааһын буолар. Билигин тыа сирин нэһилиэктэригэр куйуур саҕаламмыта ыраатта. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, бу балыктааһын эрэ буолбатах, мууһу алларан ойбоннору оҥордоххо, салгын киирэн, балыктары “уһугуннарар” ураты аналлаах.
Аны икки ый курдугунан өрүстэрбит халыҥ муустарыттан босхолон, күрүлүү-харалыы устуохтара турдаҕа. Быйылгы балаһыаннmа хайдаҕын туһунан «Ленарегионводхоз» тэрилтэ филиалын дириэктэрэ Александр Аржаковтуун кэпсэтиибитин “Саха сирэ” хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр билсэргитигэр сүбэлиибит.
Александр ТАРАСОВ.