Уу сахалыы тылынан оҕону сайыннарар “Сайдыс” киин бу күннэргэ туһалаах дьарыктарын тохтоппот. “Сайдыс” киин дириэктэрэ Юлия Андросоваттан сүбэлииригэр көрдөстүм.
— Юлия Владимировна, эһиги кииҥҥит хайдах үлэлии турарый?
— Биһиэхэ билигин икки онлайн-куурус бара турар. Бастакытынан, 2-3 саастаах кырачааннарга “Ийэбин кытта” диэн тылы сайыннарар 8 күннээх кууруһу ыытабыт. Манна төрөппүттэр оҕолоругар дорҕоону ыраастык, сөпкө саҥардарга, сахалыы хоһооннору үөрэтэллэр, тарбаҕы, тылы сайыннарар ханнык дьарыктар баалларын билсэллэр, логопедтан сүбэ ылаллар.
Иккиһинэн, 5-6 саастаах оҕолорго аналлаах “Оскуолаҕа бэлэм буол” диэн куурус барар. Манна сахалыы ааҕарга, суруйарга үөрэтии уонна психологическай өрүттэрин сайыннарыы киирэр. Уйулҕа араас оонньууларынан толкуй тэтимин түргэтэтии, болҕомтолоох буоларга, өйгө тутар дьоҕурга уһуйуу. “Дорҕоон үөрэҕэ” диэн ньыманан дорҕоонтон саҕалаан ааҕарга үөрэтэбит. Бу куурус 14 күннээх. Күн аайы видео-уруогунан араас сорудахтары ыытабыт. Биһиги биэрбит ньымабытынан төрөппүттэр оҕолорун кытта бэйэлэрэ дьарыктаналлар. Оҕо буукубаны билэрэ-билбэтэ ирдэммэт. Оҕо маҥнай дорҕоону араара, истэн сөпкө бэлиэтии үөрэниэхтээх. Онтон эрэ буукубаҕа киирэбит, салгыы оҕо номнуо ааҕан барар.
— Дьарыгы хас мүнүүтэ ыытар ордугуй?
— Сабыылаах инстаграм бөлөҕөр күнүнэн видео уруоктары таһаарабыт. Төрөппүт оҕотун кыаҕыттан көрөн дьарыктыыр: ким эрэ 30 мүнүүтэ, ким эрэ кылгас-кылгастык күҥҥэ хаста даҕаны төхтүрүйэн эрчийэр. Хас биирдии төрөппүтү кытта ыкса сибээстэһэбит, өйдөөбөтөхтөрүнэ быһааран биэрэбит, ыйытыыларыгар хоруйдуубут. Ол иһин бөлөххө 14-тэн элбэх оҕону суруйбаппыт. Уруокпутун ыыттыбыт даҕаны бүтэр диэн буолбакка, сибээһи тута олоробут. Өскөтүн, оҕо дьарыктаныан баҕарбат түгэнигэр туох албастары туһаныахха сөбүн сүбэлиибит.
Маннык ньыма дьиэҕэ олорор кэмҥэ олус табыгастаах эбит. Биһиэхэ дьарыкка кэлиэн баҕалаах эрээри кыайан кэлбэт, сайыҥҥыга суруппут Чурапчы, Таатта, Бүлүү бөлөх, о.д.а. улуус төрөппүттэрэ суруттулар.
— Төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Дьиэҕэ олорор кэми мүччү тутумаҥ. Оҕоҕо кыра даҕаны наада. Хайаан даҕаны оллоонноон олорон дьарыктыыр ирдэммэт. Аһыы олорон, иһит сууйа, дьиэ хомуйа сылдьан… Холобур, бурдук аһылык астыырга тиэстэ мэһийтэриэххэ, ол туран саҥа тыллары үөрэтиэххэ сөп. Улахан оҕо астыырга маҥнай тугу, салгыы тугу кутара ирдэнэрин билэн болҕомтото, өйгө тутар дьоҕура, утум-ситим сайдыытын билиитэ сайдар. Бэлэм оонньууну, дьарыгы сүһэн ылбакка, төрөппүт күннээҕи олохтон бэйэтэ аттаран таһаарыан сөп. Хаһан иллэҥсийэн, чопчу бириэмэ аттарынары кэтэспэккэ, кыралаан болҕомто эрэ ирдэнэр. Холобур, ийэ маҕаһыыҥҥа тахсарыгар атыылаһар бородууктатын уруһуйдатыан, хайдах өҥнөөҕүн кырааскалатыан сөп. Оччоҕо оҕо төрөппүккэ туһаны оҥоробун диир, таарыйа аралдьыйар. Аныгыскы сырыыга пластилинтан оҥорторуон сөп. Ити курдук күннээҕи олохтон аттарар табыгастаах. Оҕо оскуолаҕа киириэн инниттэн хал буолбатын курдук, ыытар дьарыктарбыт бары оонньуу быһыытынан, оонньуу нөҥүө ааһаллар.
Оонньуу таарыйа эрчиллэбит
Салгыы “Сайдыс” киин 5-6 саастаах оҕолорго аналлаах сүүһүнэн оонньуутуттан, биһиги ааҕааччыларбытын кытта үллэстэр.
5-6 саастаах оҕолорго
- «Хаартыскаҕа түһэрэбин». Өйгө тутар дьоҕурун, болҕомтотун сайыннарабыт. Оҕоҕо хаартыскаҕа түһэр диэн этиитэ киллэр. Кини “фотоаппараатын” (холобур, пенал) тутан, остуолга сытар биридимиэттэри «хаартыскаҕа түһэрэргэ» холонор. Бастаан 5 араас быһыылаах биридимиэттэн саҕалыыбыт. Олор хайдах бэрээдэгинэн туралларын болҕомтолоохтук көрөр уонна өйдөөн хааларга дьулуһар. Онтон “фотограф” хараҕын баайабыт, биридимиэттэри бэрээдэгин буккуйабыт, оҕо көрбөккө эрэ илиитинэн тутан-хабан сөп бэрээдэгинэн ууруохтаах.
- “Икки илиигинэн уруһуйдаа” оонньуунан толкуй тэтимин түргэтэтэбит. Оҕоҕо икки илиитигэр харандаас туттарабыт. Уҥа уонна хаҥас илиитинэн тэҥҥэ тутан икки тэбис-тэҥ дьиэни уруһуйдаан таһаарыахтаах.
2-3 саастаах оҕолорго
- Хоһоон үөрэтэбит, хас биирдии тылын хамсаныынан көрдөрөбүт.
Кып-кыра чычып-чаап
Хап-хара харахтаах,
Кып-кыра чычып-чаап
Чап-чараас кынаттаах,
Кып-кыра чычып-чаап
Сып-сытыы тумустаах,
Кып-кыра чычып-чаап
Чыып-чаап ырыалаах.
- Эрдэттэн 2 чыычааҕы (биирэ кыра, биирэ улахан) уруһуйдуубут. Онтон чыычаахтаргытын иккиэн бииргэ акварелинан кырааскалааҥ (хаартыскаҕа курдук).
- Улахан, кыра чыычаах диэн уратыларын көрдөрүҥ. Илиигитинэн улахаааааан-улахан уонна кыыыыып-кыра диэн кыратык омуннаах соҕустук (эмоциональнайдык) көрдөрүҥ. Онтон ыйытыҥ:
— Улахан чыычаах ханна баарый?
— Бу ханнык чыычааҕый?
- “Чыычаах аччыктаабыт, аһыан баҕарбыт. Аһатабыт дуо?” – диэн ыйытыҥ. Онтон төгүрүк тэриэлкэ курдукта кырыйан биэриҥ. Ол тэриэлкэҕэ оҕоҕут гречка дуу, рис дуу кутан биэрдин. Улахан чыычаахха – элбэҕи, кыраҕа –аҕыйаҕы аһыыр диэн этэҕит.
- Сиэмэнэн чыычааҕы аһата-аһата бу курдук тыллары (дорҕооннору) үтүгүннэриэххэ сөп (оҕо сааһынан, тугу сатаан үтүктэринэн талан):
— Чып-чып-чып! Чап-чап-чап! (аһата-аһата хаста да төгүл)
— Ньэм-ньэм-ньэм! Ньам-ньам-ньам! (аһата-аһата хаста да төгүл)
— Мэ, аһаа! Мэ, сиэ! (аһата-аһата хаста да төгүл)
— Минньигэээээээс-минньигэээээс! (аһата-аһата хаста да төгүл)
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru