ХИФУ РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун магистрана Сайдара Хомус устудьуоннар Бүтүн Арассыыйатааҕы V куонкурустарын “Тыл, култуура, педагогика, устуоруйа уонна Арктика норуоттарын билиҥҥи туруга” хайысхатыгар бастакы миэстэни ылла. Тиэмэтэ сэдэх – урукку уонна билиҥҥи ойууннааһыны тэҥнээн көрүү.
“Ааппын уларытыахпыттан олоҕум уларыйда”
– Бэйэҕин билиһиннэрэ таарыйа ааккыттан саҕалыахха. Хомус Сайдара диэн бэйэҥ аатыҥ дуу, псевдонимыҥ дуу?
– Отут сааспыттан сахалыы ааттаммыт киhи диэн толкуйдаан барбытым. Киһи ситэр-хотор кэмнээх эбит. Онон 2018 сыллаахха уларыппытым. Ааппын түүлбүнэн эппиттэрэ. Ис дууһабынан ааппын ылынааппын, докумуоммар уларытааппын кытта, тас эйгэбэр, олохпор уларыйыы барбытын тута бэлиэтии көрбүтүм. Оччолорго толору сахалыы ааты ылыныы маассабайдык тарҕана илигэ. Кэлин элбээтилэр, киһи онтон соһуйбат, төттөрүтүн үөрэ истэбит.
– Бу иннинэ тугунан дьарыктаммыккыный?
– Психолог, юрист идэлээхпин, ИДьМ үлэлээбитим. Биэнсийэҕэ тахсан баран, кэргэним идиэйэтинэн “Түргэн лапса” диэн дьоҕус биисинэс арынан үлэлээн эрдэхпитинэ, дьаҥ кэлэн хааччахтаан, үөрэнэргэ сананныбыт. Мин ХИФУ-га РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтугар, кэргэним Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка магистратураҕа биотехнолог идэтигэр үөрэнэ сылдьабыт. Өрөспүүбүлүкэ, дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга миэстэлэһэн, “100 бастыҥ табаар”, “Сыл саҥа бырайыага” эҥин ааттары ылан бэркэ саҕалаан иһэн, коронавирус кэлэн тохтообуппут.
Үчүгэйэ диэн, ХИФУ бүддьүөт миэстэлээх, истипиэндьийэлээх уонна билим өттүгэр күүскэ үлэлэһэр эбит.
Ойууннааһын тиэмэтэ
– Ойууннааһын тиэмэтигэр хайдах тиийбиккиний?
– Дьиҥэр, үөрэххэ киирэр туһунан толкуйдаабат этим. Баcсаабынан үөрэххэ ыҥыраллар диэн иһитиннэрии балачча элбэхтик кэлбитин иһин холонон көрөргө санаммытым. Үөрэххэ туттарсарбытыгар үгүстэр култуураҕа сыстаҕас дьон этэ. Мин эрэ атын эйгэлээх курдугум эрээри, өйбүнэн-санаабынан бэлэм, тустаах тиэмэни интэриэһиргиир уонна эбэбэр иитиллибит буолан кини хомуска тардарын, ойууннааһын туһунан кэпсиирин үгүстүк истэн улааппытым. Билигин санаатахпына, эбэм көрбүөччү курдук эбит. Сарсыарда уһуктаат “бүгүн оҕо төрүүр буолбут”, “бүгүн киһи барар буолбут” диэн билэр этэ. Ону буолуохтааҕын курдук ылынарым. Кыра эрдэхпиттэн эбэм кэпсээннэриттэн чараас эйгэ тыына эппэр-сииммэр иҥмит эбит. Уопсайынан, көстүбэт эйгэ диэн баар, көмөлөһөр эбит диэн түмүккэ кэллим. Үөрэххэ туттарсарбар улуустан эксээмэммэр баттаһа кэлбэт кыахтааҕым да, мин билбэт төрүөппүнэн эксээмэммитин көһөрөн биэрбиттэрэ. Дьиҥэр, куонкурустаах этэ эрээри, киирэн хаалбыппыттан бэйэм да соһуйбутум, улаханнык үөрбүтүм. “Үөрэниэм” диэн тылбын биэрбиппин толорон, үөрэ-көтө, астына-дуоһуйа үөрэнэ сылдьабын.
Үөрэххэ киирээппитин кытта тиэмэҕитин талан номнуо үлэлээн саҕалыыргыт ирдэнэр диэбиттэрэ. Эрдэттэн ойууннааһын тиэмэтин талабын диэн толкуйдаммытым эрээри, ХИФУ көҥүллүө суоҕа диэн саарбахтыы саныырым. Соһуйуом иһин, ойууннааһын билим өттүнэн киэҥник үөрэтиллибэккэ турар диэн тута өйөөбүттэрэ. Мин билиҥҥи ойууннар, удаҕаннар тустарынан үөрэтэбин. Оннук үөрэтии суох, үксэ урукку үлэлэргэ олоҕурар эбит. Куонкуруска итини, билиҥҥи ойууннааһыны сэргээтилэр быһыылаах дии саныыбын.
– Судургута суох тиэмэ. Хайдах, туохтан саҕалаабыккыный?
– Сокуон өттүгэр үлэлээбит киһи быһыытынан, маҥнай Элиэнэ Одун-Куорсуннаах “Өбүгэ ситимэ” диэн регистрациялаах тэрилтэлээҕин көрбүтүм. Сокуонунан тэрилтэ арынан үлэлиир дьон эбит диэн бастаан кинилиин сибээстэспитим. Киниэхэ эмтэммит, көмө ылбыт дьон суруктарын тиһэр бэрт халыҥ кинигэтин арыйан көрбүтүм, махталлаах тыл эгэлгэтэ суруллубут этэ. Элбэх киһи оҕо кутун таттарар эбит. Онтон сиэттэрэн оҕо кутун туһунан суруйбутум.
Удаҕан Элиэнэ Одун-Куорсуннааҕы, ойуун Юрий Иванов-Баараҕай Бахсыны үгүс киһи билэр, эмтэммит дьон социальнай ситимнэринэн махталын биллэрэр, бэйэлэрэ туох ситиһиилээхтэрин кэпсииллэр уонна саамай сэргээбитим диэн, бу эйгэҕэ ылсан эрэр дьону үөрэтэллэр эбит. Удаҕан Татьяна Иванованы-Татыйык-Баайахсаананы кытта үлэлэһэбин. Кини оҕо кутун эмиэ тардар, эмэгэти туһанар. Удаҕан Анастасия Картузованы дьон соччо-бачча билбэтэ буолуо дии саныыбын, киэҥник биллэ-көстө сатаабат эрээри, элбэх киһиэхэ көмөлөһөр. Билигин сүрүннээн кинилэри кытта үлэлэһэ сылдьабын.
Аан бастаан норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ “Традиционный практический шаманизм якутов в современном мире на примере обряда вызова дождя” диэн тиэмэнэн кыттан, иккис миэстэлэммитим. Манна Куорсуннаах 2019 сыллаахха баһаары тохтоппута интэриэһинэй түгэн, үйэтитиллиэхтээх диэн суруйбутум. Тэрээһин куйаар ситиминэн ыытыллыбыта. Кыттааччылар сэргээбиттэрэ, чаатынан элбэх киһи санаатын үллэстибитэ.
Оҕо кутун тардыы
– Аныгы кэмҥэ оҕоломмот ыал элбэх. Оҕо кутун тардыы туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.
– Билигин биһиги бэйэбит баҕардахпытына оҕолонобут, баҕарбатахпытына аккаастанабыт дии саныыбыт. Дьиҥэр, букатын сыыһа толкуй эбит. Кырдьык, барыта Үөһэттэн айыллан, оҥоһуллан кэлэр. Удьуор, төрүт диэҥҥэ улахан болҕомто ууруллар. Ханнык эрэ дьиэ кэргэн өбүгэлэрэ урут улахан сыыhалардаах буоллахтарына, бу дьоҥҥо оҕо кутун биэрэллэрэ кэмчилэнэр эбит. Бары Үөһэттэн айыллан кэлэбит, онон биһиги быһаарбаппыт, барытын чопчу билэ-көрө, истэ олороллор. Кут көрүллүбэтэҕинэ, кыайан оҕоломмоттор. Эбэтэр туох эрэ аньыылаах буоллахтарына, доруобуйаларыгар охсон, эмиэ кыайан оҕоломмот түгэннэрэ баар эбит. Ойууннар, удаҕаннар манна көмөлөһөллөр. Мэдиссиинэ көстөр өттүн эмтиир, оттон айдарыылаах дьон охсуу хантан кэлбитин, ону хайдах суох оҥорор, ыраастыыр туһугар төрдүттэн үлэлэһэллэр, ирдэнэр буоллаҕына Айыылартан, өбүгэлэриттэн көрдөһөллөр.
Аныгы ыччат үлэни-хамнаһы (карьера) эккирэтэн кэлбит оҕону түһэртэрэн кэбиһэр. Кэмигэр Үөһэттэн бэриллибит куту быһыа суохтаахтар, кэлин кинилэр баҕарбыт кэмнэригэр биэримиэхтэрин сөп. Кырдьаҕас дьон маны билэр “кэлбит оҕо төрүөхтээх” диэн этэллэрин бары даҕаны элбэхтик иһиттэхпит. Онон Үөһэттэн айдарыллан бэриллибит ситими быһар табыллыбат. Сорох удьуорга бачча оҕо кута бэриллэр диэн муҥур ахсаан баар эбит.
Тэҥнии тутуу
– Чинчийиигэр кимнээх үлэлэригэр тирэҕирэҕин? Тугу бэлиэтии көрдүҥ?
– Ксенофонтов Г.В. үлэтигэр оҕо кутун элбэхтик суруйбут. Сүрүннээн былыргы ойууттар оҕо кутун хайдах тардалларын чинчийбит. А.А. Попов саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри ойууттар, удаҕаттар хайдах туттан киирэллэриттэн, хайдах саҥаралларыгар-иҥэрэллэригэр, оҕо көрдөһөр ыал тугу гыналларын, бүтүүтүгэр Айыылартан оҕо кутун аҕалан ойуун дьахтар оройугар иҥэрэригэр тиийэ сиһилии суруйбут. Билигин оннук үлэ суох. Кини оччотооҕу кэми, туох баар сиэри-туому толору арыйбыт диэн сэргиибин.
Урут ыал барыта кыттар эбит буоллаҕына, билигин ойуун, удаҕан бэйэтэ эрэ үлэлиир. Онтон атыттар ойоҕос кыттааччы быһыытынан олороллор. Былыр итэҕэйэллэрэ бэрт уонна сиэри-туому тутуһар буолан эбитэ дуу, оҕо кутун субу туппут курдук күлэн-үөрэн, быһаччы кыттыһан, үлэлэһэн чахчы буола турар көстүү курдук эбит.
Кэлин дьон уһуктан, итэҕэйэн, сиэргэ-туомҥа эргиллэн эрэр. Дьон итэҕэлэ улахан оруоллаах. Сорох дьон итэҕэйбэккэ гына-гына, баҕар, көмөлөһүө диэн ойууннарга, удаҕаннарга тиийэллэрэ кистэл буолбатах. Оннук дьон тугу саныылларын тута билэллэр, аккаастыахтарын эмиэ сөп эбит. Киһи бэйэтин итэҕэлэ эмиэ наада. Ол гынан баран, мэдиссиинэ аккаастаабыт 45 саастаах, хаһан даҕаны оҕолонон көрбөтөх ыал Баараҕай Бахсыга сылдьан баран оҕоломмут түгэнэ эмиэ баар.
Чинчийиим иhинэн үлэлиир ньымаларын эмиэ тэҥнээн көрөбүн. Татыйык-Баайахсаана киһини көхсүнэн көрөр. Киһи көхсө каарта курдук, хас оҕо бэриллиэхтээҕэ барыта көстөр диир. Кини үлэтин түмүгэр алҕаабыт мас эмэгэтин биэрэр. Куорсуннаах туоһунан оҥоһуллубут эмэгэтин туттарар. Баараҕай Бахсы былыргы үгэһи тутуһар. Сиэри толорууга бэлэмнэнэллэригэр сэттэ күн тыаҕа тахсан битииһиттэрин кытта үүт аһынан эрэ аһыыллар. Туому ыраах, дьонтон тэйиччи сиргэ толороллор. Анастасия Картузова өбүгэ тыынын киллэрэн үлэлиир эбит, 500 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт өбүгэтэ удаҕан эмээхсин кэлэн, Айыылары кытта кэпсэтэн оҕо кутун киининэн киллэрэр.
Түмүк
– Билиҥҥи ойууттары үйэтитэр, сурукка тиһэр хайаан даҕаны ирдэнэр. Кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт кэлин туһаныах, ааҕыах этилэр. Айдарыылаахтар бэйэлэрэ даҕаны бэлиэтииллэринэн, кэлин көмө көрдүүр итэҕэйэр дьон элбээбит. Кинилэр оҕо кутугар эрэ буолбакка, араас ыарыыттан оннооҕор искэҥҥэ тиийэ эмтииллэр.
Күн бүгүн матырыйаал хомуйаары айылҕалаах элбэх киһини кытта көрүстүм. Диссертациям билигин дьарыктанар, биллэр дьон үлэтин, ньыматын чинчийии буолар. Кэлин эдэрдэр тахсан эрэллэр. Саха сиригэр 1920-1930-с сс. 380 ойуун, удаҕан баар эбит буоллаҕына, билигин – 100 иһинэн. Ол аата хас удьуор бэйэтэ туспа көмүскүүр, эмтиир ойууннаах, удаҕаннаах буолар. Сыыйа мэдиссиинэҕэ көһөн, умнулла быһыытыйбыта. Кэлин төннөн эрэрбититтэн үөрэбин. Күн бүгүн үгүс матырыйаалы хомуйдум эрээри, онтон сороҕун эрэ туһанным, сурукка тистим, атын да үлэлэр, кэмэ кэллэҕинэ, тахсыахтара диэн эрэнэбин.
Түгэнинэн туһанан, ХИФУ РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун фольклорга уонна култуураҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, билимҥэ салайааччыбар Ньургун Вячеславович Афанасьевка, устуоруйа билимин кандидата, ХИФУ археологияҕа уонна устуоруйаҕа кафедратын дассыана Анатолий Афанасьевич Алексеевка, үлэбэр күүс-көмө буолар дьоҥҥо Юрий Павлович Иванов-Баараҕай Бахсыга, Элиэнэ Егоровна Одун-Куорсуннаахха, Татьяна Петровна Иванова-Татыйык-Баайахсаанаҕа, Анастасия Владимировна Картузоваҕа барҕа махталбын тиэрдэбин.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru