Сайабылыанньаны кулун тутар 1 күнүгэр диэри туталлар

Бөлөххө киир:

СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын иһинэн бэриллэр  биир кээмэйдээх төлөбүрү ылыы сайабылыанньата кулун тутар 1 күнүгэр диэри бэриллиэхтээҕин туһунан иһитиннэрэр. Ол курдук, биир кээмэйдээх төлөбүр 15000 солкуобайынан быһыллан турар. Сайабылыанньа социальнай харыстабыл  управлениетыгар олорор сиргитинэн  бэриллиэхтээх.

Министиэристибэ чахчыларынан, тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, уопсайа 11 мөл. солк. суумалаах биир кээмэйдээх 939 төлөбүр оҥоһуллубут. Ааспыт сылга Саха сирин 3460 ыала маннык төлөбүрү ылан туһаммыт.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0