Суруналыыс уонна суруйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Наталья Михалева-Сайа “Сайар самаан күннэр” дьоро түһүлгэтин Туймаада хочотугар үс күн субуруччу тэрийэн, сааскы кэм илдьитин ыам ыйын этэҥҥэ түмүктээн, уйгулаах ыһыахтаах бэс ыйыгар үктэммиппитин кэрэһилээтэ.
edersaas.ru
Ыам ыйын 29 күнэ. Бу күн күүтүүлээх түгэнинэн поэтесса “Алтан сэргэм” кинигэтин уонна тыл билимин дуоктара Варвара Окорокова “Алгыстаах Айыы Куо” монографията кинигэ буолан тахсыбытын бар дьонноругар бэлэх уунуулара буолла.
А.Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар лыык курдук элбэх киһи мустан, бибилэтиэкэ кыһамньылаах үлэһиттэрэ эбии 50-ча олоппоһу киллэрэн, кэлбит дьон бары таптыыр поэтессаларын астына истэргэ, эҕэрдэлииргэ бэлэм олордулар.
Саха суруйааччылара түөлбэлээн үөскээбит, талыы талба Тааттаттан төрүттээх поэтесса Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах:
“Тапталынан иэйэн-куойан,
Тапталынан ыллаан-туойан,
Этигэннээх, эҥсилгэннээх
Этитиилээх көтүүгүнэн,
Өбүгэттэн сиэттэриилээх
Өркөн өйдөөх көрүүгүнэн
Айар куккун өрө тутан,
Айар тылтан дьолу булан,
Сайар тыыннаах Сайа дэтэн,
Сайбарыыннаах сааскын ситэн,
Аалыы дуйдаах алтан сэргэҥ
Алгыстанар күнэ үүнэн,
Икки кэрэ кинигэнэн
Истиҥ, күндү кэһиилэнэн,
Тиийэн кэллиҥ, киирэн кэллиҥ
Арылыйа сырдааҥҥын
Поэзия Айыы Куота,
Саха таптыыр Сайата!”
— диэн тылларынан дьүөгэтин cаалаҕа ыҥырда. Наталья, үрүҥ күн мичээрэ тыкпытыныы, үп-үрүҥ көстүүмнээх быыс кэнниттэн тахсан кэллэ. Поэзия киэҥ хонуутугар бигэтик үктэммит икки талааннаах поэтесса дьоро киэһэни саҕалаабытынан бардылар. Наталья Михалева айымньыларын философия билимин дуоктардара Варвара Окорокова, Гаврил Филиппов уонна Виктор Михайлов, “Көмүөл” кинигэ кыһатын салайааччыта Борис Павлов, суруйааччы Дмитрий Наумов, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, филология наукатын кандидата Олег Сидоров, СӨ Конституционнай суутун чилиэнэ Игорь Николаев, Сунтаардааҕы “Олоҥхо” диэтин салайааччыта Мария Тараярова, поэтесса хоһоонноругар хас да ырыалаах мелодист Алексей Калининскай, Дьокуускайга “Сунтаар” түмсүү салайааччыта Владимир Лазарев уо.д.а. ырыттылар уонна истиҥ эҕэрдэлэрин эттилэр. Кинилэр сэһэргээһиннэрин, ахтыыларын истэ олорон, Сайа хас биирдиилэригэр болҕомто ууран, кинилэр бэлиэтээбит түгэннэрин бу баардыы санаан кэлэн, дьоро киэһэни өссө дириҥ ис хоһоонноото, байытта, элбэх киһи урут истибэтэҕин биллэ-көрдө. “Устар ууну сомоҕолуур”, “хааһахтан хостуур курдук” диэн, арааһа, итинник сэргэх кэпсээннээх киһини этэн эрдэхтэрэ. Сорох суруйааччылар Наталья инникитин прозаҕа ылсарыгар, сорохтор тылбааһынан дьарыктанан, бэйэтин кыаҕын, бириэмэтин олус биэрэрин туһунан баҕа санаа кэриэтэ эттилэр. Үгүс ааҕааччы ааптар “Күөх ньургуһун” уонна “Аата суох сибэкки” диэн кэпсээннэрин хомуурунньуктааҕын билэр. Оттон ааптар бэйэтэ: “Билигин алтан сэргэм турбут буоллаҕына, аныгыскыга кэпсээн, сэһэн суруйууларыттан хомуллубут көмүс сэргэм туруоҕа” диэн уобарастаан этэн, ааҕааччыларыгар эрэли сахта.
“Алтан сэргэм” диэн кинигэ туһунан этэр буоллахха, алтан дуйдаах, 574 сирэйдээх халыҥ кинигэни “Көмүөл” кинигэ кыһата кылгас кэм иһигэр бэчээттээн таһаарда. Кинигэ ааптара: “…Бэйэм хойутаан туттарбытым үрдүнэн, үөрүүлээх бырааһынньыкпар күн сирин көрдөрдүлэр. Идэлэригэр бэриниилээх, саха тылын кэскилин туһугар куттуун-сүрдүүн ыалдьар дьон ылыстахтарына, кырдьык да, сааскы көмүөл курдук күүстээх уонна көхтөөх үлэ күөстүү оргуйар эбит. Эһиэхэ сиртэн халлааҥҥа диэри махтал бастыҥа буолуохтун”, – диэн “Көмүөл” кыһа үлэһиттэригэр махталын тириэртэ.
Бу күн кэлбит дьон Сайа хоһоонун тыллара суруллубут блокнот уонна уруучука бэлэх тутан, сүрэхтэрин нарын дорҕоонунан толорон тарҕастылар.
ххх
Ыам ыйын 30 күнэ. Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар “Хомуһуннаах хомус тыл” уус-уран дьүһүйүү “Төлкө” испэктээккэ Сүөдэри оонньоон биһирэппит артыыс, режиссер Дмитрий Татаринов туруоруутугар буолла. Сайа тапталтан саҕыллан, гражданскай лиирикэҕэ тиийэ суруллубут элбэх ахсааннаах хоһооннорун, поэмаларын табыгастаахтык наардаан туруорууга уус-уран салайааччы Зоя Багынанова, көстүүм худуоһунньуга Дария Дмитриева, муусуканан киэргэтээччи Александр Решетников, уотунан киэргэтээччи Аркадий Харитонов үлэлэстилэр. Айар Куо – (Елизавета Потапова) тула мустубут хатыламмат уобарастары артыыстар Зоя Багынанова, Маргарита Борисова, Зоя Попова, Надежда Ушницкая, Софья Баранова, Дьулустаан Семенов, Альберт Алексеев, Тамара Обутова, Александра Сивцева, Ньургуйаана Шадрина, Ильяна Павлова, Прокопий Данилов, Дмитрий Татаринов арыйдылар. Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Иванида Бугулова, Вероника Лыткина кырыымпанан, хомуһунан ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Наталья Михалева тылларыгар, Ангелина Файрушина матыыбыгар “Сахам сирэ” диэн ырыаны Сунтаар улууһун Элгээйититтэн төрүттээх, филармония эдэр артыыһа Афанасий Петров толорбутугар саала иһэ бары атахтарыгар туран тэҥҥэ ылласта.
Уус-уран дьүһүйүү кэнниттэн Наталья Владимировнаны Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Александр Акимов, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев, спикери солбуйааччы Александр Жирков, «Арктик-Капитал» ХЭО генеральнай дириэктэрэ Матвей Евсеев, Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, Дьокуускай куорат мэриятыттан, айар сойуустартан, улуустартан уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Александр Жирков бэйэтин эҕэрдэтигэр: «Дохсун айаннаах 90-с сылларга Сайа поэзията саха эр дьонун санааларын өрө көтөхпүтэ, санаа түһүүтүттэн өрүһүнэргэ күһэйбитэ, бэйэ күүһүгэр эрэнэргэ ыҥырбыта. Кини хоһоонноругар хорсун быһыыны оҥорорго, киһи аймаҕы харыстыырга бэлэм саха дьиҥнээх боотурун, хоһуун эр киһитин хоһуйбута. Мин үгүс киһи кини хоһооннорун ааҕан баран, ситиһиилээх, бэйэтигэр эрэллээх, күүстээх буолуон баҕарбытыгар эрэнэбин. Наталья Михалева эр дьон нөҥүө биһиги норуоппутугар инникигэ эрэли үөскэппитэ”, – диэтэ.
ххх
Ыам ыйын 31 күнэ. Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр “Сэттис халлаан” эрэстэрээҥҥэ “Эрэнэ сүрэхпин аһабын” ырыа ыллам киэһэтэ буолла. Бу күн поэтесса тылларыгар суруллубут истиҥ иэйиилээх ырыалары Иннокентий Тарбаахап сандалытын тула олорон иһиттилэр. Дьоро киэһэни Георгий Белоусов уонна Николай Гоголев ыыттылар.
Элбэх этиллибит эҕэрдэ тыллартан биир соһуччуларынан уонна долгутуулааҕынан Матвей Евсеев эҕэрдэтэ буолла. Биллэрин курдук, Матвей Евсеев Сунтаарга Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Култуура уонна духуобунас дыбарыаһын бэйэтин тус үбүнэн туттара сылдьар. Бу улахан тутуу Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылыгар, эһиил үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Ол кэнниттэн төрөөбүт түбэлэригэр Түбэйгэ “Айар иэйии дьиэтин” туттарар уонна “Сайа сайына” диэн поэзия түһүлгэлэрэ ыытыллар буолуохтарын туһунан биир дойдулааҕын, биир уулуссаҕа улааппыт үөлээннээҕин иһитиннэриитэ Сайа дьоро күнүн үөрүүтүн муҥутуур чыпчаалга өрө көтүттэ.
Наталья Михалева-Сайа сибэккинэн симэммит самаан сайынын “Саха сирин телевидениетын туйгуна” уонна “Суруналыыстыкаҕа кылаатын иһин” үрүҥ көмүс бэлиэ ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru