Аан дойдуга саха уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар ырыаларын аар-саарга аатырдыбыт СӨ үтүөлээх артыыһа Екатерина Саввинова-Саина бүгүн Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар айар үлэтин 20 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир дьоро киэһэтэ буолар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ырыаһыт 16 ч. уонна 19 ч. буолар айар кэнсиэригэр Канада аатырбыт контрабасиһа Джордж Корелл, «Symphonica Artica» симфоническай оркестр, дьүөгэтэ виртуоз-хомусчут Ольга Подлужная кыттыыны ылыахтара. Ону тэҥэ, “Здравствуй, Якутск!” диэн норуот өрөгөй ырыатынан буолбут айымньытын 64 киһилээх хору кытта ыллыаҕа. Бу туһунан Саина суруналыыстары кытта буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ билиһиннэрдэ.
Джордж Корелл уонна Саина 2012 сыллаахха Канадаҕа Саха сирин күннэрин ыытыыга билсибиттэр. Ол кэмтэн ыла айар үлэ алыбыгар ылларбыт дьон бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, икки улахан альбому бэлэмнээбиттэр. Биирэ – “Сырдык кэскил”, иккиһэ – “Гай күнэ” диэн.
— Гай — грек омук былыргы мифологиятынан “Сир тыына, ис кута” диэн өйдөбүллээх. Джордж Корелл: “Бу сир анныттан тахсар дорҕоон”, — диэн бэлиэтиир. Дьиктитэ баара, альбому олох бэлэмнэммэккэ эрэ биир тыынынан 45 мүнүүтэ иһигэр устан бүтэрбиппит. Саамай үөрүүлээҕэ, бу үлэбит«Первые нации Канады» бириэмийэ лауреатынан буолбута“, — диэн кэпсиир Саина.
— Мин Арассыыйаҕа аан бастакы кэлиим. Айар куттаах дьону кытта көрсөн санаа атастаһарбын олус сөбүлүүбүн. Саха сиригэр Хомус мусуойугар Аиза Решетникованы кытта билистим. Айылҕаттан талааннаах киһилиин тута өйдөстүбүт, бэрт интэриэһинэй музыкальнай импровизациялары толордубут. Уопсайынан, сахалар ис истэриттэн муусукаҕа дьоҕурдаах, талааннаах дьон эбит. Онон Саина үбүлүөйдээх кэнсиэригэр кэлбит дьон “Гай күнэ” альбоммутугар оонньообут импровизациябытын ылыныахтара диэн эрэлим улахан, — диэн санаатын үллэстэр Канада мусукаана.
«Сырдык кэскил» («Светлое будущее») диэн үлэ – этническэй муусука альбома.
— Аан дойду барыта мусукааны онлайн нөҥүө истэр. Ол иһин мин Саина этническэй муусуканы толорууларын 16 Гб флэшкаҕа киллэрбитим. Манна айылҕа дьикти арыллыытын хоһуйар Саина 26 ырыата киирдэ. Америка хотугу норуоттарын мелодиялара эмиэ баар. Мин бу үлэни икки сыл устата оҥордум. Дьиктитэ баар, бу муусука Монреальга уһуллубута. Онтон Кытайга оҥоһуллубут сүүс экземпляр флешканы Копенгагентан тиийэн ылбытым. Онон бу флешка аан дойду куораттарын кэрийэн кэллэ. Бу “буруолуу” сылдьар саҥа формакка оҥоһуллубут ырыалаах флешканы 100 дьоллоох саха киһитигэр бэлэхтиэҕим, — диэн кэпсиир Джордж Корелл. Кэмпириэнсийэҕэ сылдьыбыт суруналыыстар бу сүүс киһи ахсааныгар киирэн хааллыбыт. Саина ырыаларынан үҥкүүлүүр үҥкүү бөлөхтөрүгэр бу бэртээхэй бэлэх эбит!
Саинаны кытта мин 2015 сыллаахха “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччылара саамай сөбүлүүр рубрикаларыгар “Итии чэйгэ” кэпсэтэн турабын. Онно интервьюбун маннык түмүктээбитим:
“Бразилия сүүнэ улахан стадионугар үтүмэн элбэх киһи мустан олордоҕуна, кип-киэҥ сценаттан ыас хараҥаны быыһынан сүүһүнэн араас уот сардаҥаларыгар уйдаран, саха кыыһа тахсан: “Туундара… Мин тулам тумара…” – диэн дьиэрэтэн бараатын кытта, итии хааннаах дьон соҕотохто тэҥҥэ хамсанан, бииргэ ыллаһан бараллар. Ыарахаттартан толлубат Саина күннээх итии дойдуга ыраах Сахатын сирин билиһиннэрдэҕэ ити”.
Оттон бүгүн киэһэ киин куорат саамай улахан тыйаатырыгар талааннаах ырыаһыт Саина төрөөбүт Сахатын сиригэр 20 сыл устата аан дойду куораттарынан сылдьан, саха уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын аатырдыбыт ырыаларын, айымньыларын билиһиннэриэҕэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru