Саина Григорьева: “Дьылҕа Хаан ыйан ыытар”

Ааптар: 
05.04.2022
Бөлөххө киир:

“Элбэх оҕону иитии – дьылҕа ыйааҕа быһыылаах”, – диэн этэр ыал ийэтэ Саина Егоровна. Ол курдук, кини өссө устудьуоннуур сылларыгар оҕо дьиэтигэр маҥнай иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн, үөрэҕин бүтэрэн баран иитээччинэн үлэлии киирбитэ. Кырачааннар хас биирдии көрбүт кэрэ аҥаардарын барыларын “ийээ” диэн истиҥник ыҥыралларын оччолорго сүүрбэччэлээх эрэ кыыс сүрэҕэ ытырыктата истэрэ.

edersaas.ru

“Үөһэттэн быһаарыллар быһыылаах”

– Оҕо дьиэтигэр үлэлии сылдьан биэс саастаах Гриша диэн үчүгэйкээн оҕону иитэ ылаары гыммытым, бииргэ төрөөбүт үс саастаах балыстааҕа биллибитэ, мин оччолорго кэргэним суох. Соҕотоҕун икки оҕону хайдах да иитиэ суохпун эбит. Аны бииргэ төрөөбүттэри араартыыр табыллыбат, ол иһин, аккаастанарбар эрэ тиийбитим. Сотору буолаат, 2006 сыллаахха олоҕум аргыһын Сергейбин көрсөрбөр уола 5 саастаах этэ. Маҥнай бу оҕону иитэн көр диэн дьылҕа барытын үөһэттэн ыйан-кэрдэн бэлэмнээбит быһыылаах. Эһиилигэр Андрейбыт төрөөбүтэ, онтон икки кыыстаммыппыт. Ол иһин этэбин – дьылҕа барытын ыйан-кэрдэн ыытар диэн, – диэн кэпсээнин саҕалыыр.

Оҕо көмүскэлин күнүгэр – икки оҕо

Ити курдук 2013 сыллаахха маҥнай Оҕо көмүскэлин күнүгэр Балыктаахтан биир оҕону ыла тиийэн баран икки уоллаах кэлбиттэр – 7 саастаах Олег, 11 саастаах Андрей. “Тоҕо кыргыттары ылбатаххытый?” – диэн ыйытыыбар, – бэйэм да билбэппин, тоҕо эрэ иккиэн уол оҕоҕо ымсыырарбыт.

– Саха оҕолоро Балыктаахха бааллар диэн ыйан ыыппыттара. Тиийэн кэпсэтэр кэммитигэр, арай, сып-сырдык хааннаах нуучча оҕото ааны арыйан өҥөҥнүүр аҕай. Киллэрдилэр, кэпсэттибит. Сергей: “Биһигини кытта барсыаххын баҕараҕын дуо?” – диэн ыйыппытыгар тута сөбүлэспитэ. Ити курдук, биир оҕо ыла тиийбит дьон, икки уолу сиэтэн киллэрбиппит.

Салгыы 2015 сыллаахха Андрей ийэтин эдьиийэ көстөн, иитэ ылар. Андрей биһигини хомотумаары дуу, “барбаппын” эҥин диэбитэ эрээри, хараҕа уоттаммытын тута бэлиэтии көрбүтүм. Хаана тартаҕа, оҕолор хаан-уруу аймахтарыттан тэйэллэрэ куһаҕан. Эбээтигэр иитиллибит буолан, олус ахтара. “Биһигини абааһы көрөрүҥ иһин дуу, биһиги эйигин кыйдаан дуу ыытар буолбатахпыт. Хаһан баҕарар билсэ туруохпут, – диэн алҕаан ыыппыппыт. Барыаҕыттан Саҥа дьыл бырааһынньыгын өрүү биһигинниин көрсөр, сайынын кэлэн оттоһор. Билигин даҕаны “мама”, “папа” диир. Билигин аармыйаҕа сылдьар, – диэн ыал ийэтэ салгыы сэһэргиир.

Андрей баран, биир иитэр оҕолоох хаалан, 2015 сыл­лаахха Алдантан бииргэ төрөөбүт алта-сэттэ саастаах Вася, Саша диэн уоллаах кыыс оҕону аҕалаллар, иккиэн нууччалар.

Бу эмиэ туспа устуоруйалаах буолан биэрдэ:

– 2017 сыллаахха Александр уонна Денис кэлбиттэрэ. Эмиэ биир оҕону ыла барбыппыт. Дьиэ кэргэҥҥэ олоруохтарын баҕараллар үһү диэн ыҥырбыттарын иһин тиийбиппит. Ол эрээри, улахан уол аккаастаммыта. “Хомотуохпун баҕарбаппын, 9-с кылааһынан бүтэн үөрэххэ барар санаалаахпын, биир эрэ сыл хаалла”, – диэбитэ. Аны бииргэ төрөөбүттэри араарбаттар. Киэһэ улахан уол хоспутун тоҥсуйан тиийэн кэллэ: “Эһиги мин бырааппын ылыҥ”, – диэн көрдөспүтүгэр, – бииргэ төрөөбүттэри араарбаттар, сарсын атын оҕону көрүөх буоллубут, – диибит. “Мин эһиил тохсуһунан бүтэн барабын. Тоҕус саастаах быраатым манна соҕотох хаалар. Көрдөхпүнэ, эһиги үчүгэй дьон курдуккут. Бырааппын, баһаалыста, илдьэ барыҥ. Ол гынан баран, бырааппын кытта сибээспин сүтэрбэтим курдук төлөпүөммүт нүөмэрдэрин хардарыта бэрсиэҕиҥ, бырааппын кытта араар­баппыт диэн тылгытын биэриҥ”, – диэбитэ. Бииргэ төрөөбүт баар-суох убайыттан хайаан араарыахпытый. Быраатыҥ барсар, сөбүлэһэр буоллаҕына диэтибит. Онтон дириэктэргэ киирэн быһаардахпыт дии. Убайа сөбүлэһэр түгэнигэр барыс­тын диэтэ. Ол сырыттахпытына сып-сырдык уол Саша кэпсэтэ сатыыр, төлөпүөммүтүн көрөр. Онтон сотору кэминэн: “Я бы поехал с вами”, – диэтэ. Аны онтубут номнуо 15 саастаах. “Долгуйбаккын дуо? Биһиги дэриэбинэбитигэр сахалар эрэ олороллор. Оскуолаҕа эмиэ бары сахалыы кэпсэтэллэр. Тахсан киирэр сирбит таһырдьа. Манна курдук таах сыппаккын, муус, мас, хаһаайыстыба түбүгэ элбэх, тэҥҥэ үлэлэһэргэ сөбүлэһэҕин дуо? Мин кытаанахпын, ирдэбиллээхпин. Ол аайы куттааһын, бардым-кэллим диэн тыллар суох буолуохтаахтар”, – эҥин диэн улааппыт оҕо, баҕар, тапсыа, сөбүлүө суоҕа, кэлин күрүү-хайыы сылдьыбатын диэн эрдэттэн сэрэтэбин. “Нет, я ничего не боюсь. Я наоборот хоть один-два года хочу быть в семье”, – диэтэ. Саамай куттаммытым диэн, оҕо дьиэтигэр номнуо 10 сыл олорбут этэ”, – диир.

Бэйдиҥэҕэ кэлэн элбэх көтүтүүлээҕин өйдөөн, билиэн-көрүөн баҕалаах оҕо учууталлары батыһа сылдьан үөрэнэрэ, дьарыктанара. Сороҕор тыа сиригэр оскуолаттан ураты бэйэлэрэ эмиэ түбүктээх учууталлар куота сылдьаллара, ол эрээри, быыс буллаллар эрэ эбии дьарыктыыллара. Инньэ гынан, уол эксээмэннэрин биир да иккитэ суох туттарар.

Салгыы Дениһи ийэтэ төттөрү ылар. Онон былырыын Алдантан 4-с уонна 2-с кылааска үөрэнэр бииргэ төрөөбүт Максимнаах Егору аҕалаллар. Эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр оҕолор халлаан сылыйан таһырдьаттан киирбэттэр. Ол быыһыгар кыра кыыс киирэн: “Ийээ, биһиги өссө оонньуу түһүүбүт, саҥа оонньоон эрэбит”, – диэн сэрэтэн тахсар.

“Оҕоҕо хаһан да албыннаама”

– Бэйдиҥэ оскуолатыгар оҕо бөҕөнү аҕаллым. Бастакы кэмнэригэр уолаттарбыттан сылтаан оскуолаҕа “пропискаламмат” эрэ этим. Улааппыт оҕолор араастара ханна барыай. Ону барытын кэпсэтэн, быһааран, үөрэтэн… Маҥнай утаа ханнык баҕарар оҕо курдук син биир билсэллэр, үөрэнэллэр, көрөллөр-истэллэр. Хата, оскуолабыт үлэһиттэрэ барытын тулуйан кэллилэр.

Оҕо иитэ ылыан баҕалаах дьоҥҥо сүбэм өрүү биир – остуоруйа кэриэтэ биһиэхэ оннук үчүгэй, маннык үчүгэй, оннук ыттаахпыт, маннык куоскалаахпыт диэн бэйэни хайҕанан аҕалымыахха наада. Санаабыттарынааҕар атын буоллаҕына, төрөппүт таҥнарыытын билбит оҕолор, киһиэхэ эрэмньилэрэ букатын сүтүөн сөп. Ол иһин биһиги хас оҕолоохпутун, сахалыы кэпсэтэрбитин, хаһаайыстыбалаахпытын, дьиэбит толору хааччыллыыта суоҕун (эрдэ оннук этэ) барытын сэрэтээччибит. Тугу эмэ сөбүлээбэтэххитинэ, кимниин эрэ тапсыбатаххытына, баһаалыста, тута биһиэхэ этэр буолуҥ, күрүү, онно-манна үҥсэ сатаамаҥ диибин. Мин тута полицияҕа үҥсэрим биллэр, эһигини төттөрү оҕо дьиэтигэр илдьэллэр, иитэ сылдьар дьоҥҥо биһиэхэ уустуктар үөскүүллэр диэн өйдөтөбүн. Сөбүлээбэтэххитинэ, хайдах аҕалбыппыт курдук оҕо дьиэтигэр илдьэн үлэһиттэргэ илиилэригэр туттарыахпыт диэн быһаарабын. Хата, күн бүгүҥҥэ диэри этэҥҥэ, барыы-кэлии суох”, – диир Саина Егоровна.

Дьиэ кэргэн үгэһэ

–“Бу бэйэбит оҕолорбут”, “бу иитиэх оҕолор” диэн урут да туораппат этибит, билигин эгэ. Дьиэ кэргэҥҥэ кэлбит оҕо маҥнай итэҕэйиэр, эрэниэр диэри үөрэтэн көрөр, тута аһыллыбат, сыыйа санаатын үллэстэр буолар. Төрөппүт оҕолорбут ийэлээх, аҕабыт бу оҕолор иннилэригэр эппиэтинэһи сүгэллэр диэн кыраларыттан өйдүүллэр, – диир.

Улахан дьиэ кэргэн бары тус-туспа эппиэтинэстээхтэр эбит. Уолаттар таҥас, иһит сууйбаттар, аһылык буһарбаттар, ол оннугар кыргыттар мас, муус, от үлэтигэр кыттыспаттар. Бырааһынньыкка уол-кыыс диэн арахсыбаттар, ким эт эрийэр, ким салаат кырбыыр… Аны биир да оҕо төрөөбүт күнүн аһарбакка бэлиэтиир үгэстээх эбиттэр. “Элбэх буолан, бары саба түһэн кыайабыт”, – дэһэллэр.

Сайын аайы устудьуоннара кэлэллэр. Оннооҕор иитэ ылбыт оҕолорун бииргэ төрөөбүттэрэ кытта кэлэн көрсөн бараллар эбит.

Оҕолор иллэҥ кэмнэригэр эбии дьарыктан, дьиэ ис-тас үлэтиттэн быыс булбаттар. Волейболунан, тхэквондонан, үҥкүүнэн, туойтан оҥоһугунан, уруһуйунан, дуобатынан дьарыктаналлар. Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ тиийэ кытталлар, миэстэлэһэллэр. Ону дьиэ эркинигэр ыйанан турар көтөх муҥунан мэтээллэр туоһулууллар. Саҥа дьыл иннинэ эрэ Дайааналара “Мини Мисс Россия-2021” куонкуруска IV Вице-Мисс буолбута уонна «Мисс Национальный Костюм», «Мисс Улыбка» номинациялары ылбыта. Ааспыт ыйга Андрейдара тхэквондоҕа Уһук Илик уокурук турнирыгар кыттан кэлбит, ол иннинэ Москваҕа баран үһүс миэстэлээх төннүбүт. Сашалаах, Вася илиилэригэр дьоҕурдаах буолан өрүү миэстэлэһэллэр эбит.

“Харчы туһугар ииппэппит”

Барыта үчүгэй буолбата ини, туох эрэ кыһалҕа баара буолуо диэн сэмээр Саина Егоровнаттан ыйыталаһабын: “Элбэх оҕолоох ыалга тэйиччиттэн үөрэх олус уустук. Дьиэбитигэр интэриниэппит суох буолан кыһалҕалардаах этэ. Остуолба туруон, ситим тардыллыан наада дэһэллэр. Босхо холбоммоппут биллэр да, билиҥҥитэ кыалла илик”, – диэн этэр. Аны эппиэтинэһи сүгэр киһиэхэ оҕо көрөр төлөбүр сууматын истэн баран, аҕыйаҕыттан олус соһуйдум. Ону ааһан төрөппүттэртэн биирдэстэригэр эрэ көрүллэр, үлэ ыстааһа диэн букатын ааҕыллыбат эбит.

Ол да буоллар, аһыныгас сүрэхтээх, амарах дууһалаах, 11 оҕолоох Саина, Сергей Григорьевтар онтон санааларын түһэрбэттэр. Иннилэрин диэки хардыылаан, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан иһэллэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0