Коронавирус дьаҥа туруоҕуттан сыл аҥаара ааста. Пандемия кэмигэр үгүс тэрээһиннэр бобулланнар, чааһынай тэрилтэлэр, ырыаһыттар, тамадалар о.д.а. дохуота суох хаалбыттара. Ол эрээри, саҥа хайысхаларынан сайдан, табаары дьиэҕэ тиэрдэн биэрии, ас сыахтарын арыйыы, таҥаһы сакааска тигии өҥөлөрө балысханнык сайыннылар.
Бу хааччахтаныы кэмигэр хас да ырыаһыттар асчыт буолан бэйэлэрин сыахтарын арыйдылар. Холобура, Дарья Лаврова уонна Сахая. Бүгүн Сахая ыалдьыттыыр:
— Айар эйгэҕэ 25 сыл устата олоххун анаабыт киһи тоҕо эмискэ туорт оҥорорго сананныҥ? Бу туһунан урут саныырыҥ дуо?
— Мин уруккуттан куруук саҥаттан-саҥаны толкуйдуу, айа-тута сылдьыбыт киһи, эмискэ пандемия буолбутугар олох тохтуурга дылы буолбута. Кэнсиэрдэр, тэрээһиннэр ыытыллыбат буолбуттарыгар эмискэ уустуктар үөскээбиттэрэ. Хаһан бу барыта бүтэн, урукку олохпутугар түһэрбитин күүтэртэн киһи сылайар. Ол иһин мин эбии дохуоттанар туһуттан ковиднай салааҕа үлэлии барар туһунан дириҥ толкуйга түспүтүм. Отут сыллааҕы миэдик дипломум аны туһата суоҕун туһунан, итиэннэ бастаан санитарканан үлэлииргэ анал кууруһу ааһарбар эппиттэрэ. Мин үлэттэн хаһан да толлубатах киһибин. Тугу баҕарар, ханнык баҕарар балаһыанньаҕа үлэлиир кыахтаахпын билинэбин. Ол эрээри аккаастаммытым. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ кэргэммин, оҕолорбун бу дьаҥҥа сыһыарыахпын баҕарбатаҕым.
Бу сырыттахпына, саҥа хайысха сырдык суола арыллыбыта. Мин куруук саҥаттан-саҥа идиэйэни көрдүүр, саҥаҕа үөрэнэрбин, билии ыларбын астынар киһи, ааспыт сайын Мария Столярчик диэн туорт оҥорор кыыска онлайн-кууруска үөрэммитим. Оскуола сааспыттан ас астыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Ордук туортары астына-астына оҥорооччубун. Оскуолаҕа аҕалан кылааһым оҕолорун, доҕотторбун күндүлүүр этим. Ол иһин, бу күһүн Москваттан Мария Васильева диэн ситиһиилээх урбаанньыт, туорт оҥоруутунан дьарыктанар, анал сыахтаах кыыс дьону үөрэтэ кэлбитигэр, үөрэнэр эбиппин диэн быһаарыммытым. Кини «антифраншиза» ырысыаптардаах, юридическэй көмөлөөх бэлэм биисинэс-былаанын атыылаһан ылбытым. Кылгас кэм иһигэр ааҕан-суоттаан көрөн баран анал тиэхинньикэни, миэбэли атыылаһан «СахаЯ» диэн бэйэм туорт оҥорор сыахпын арыйбытым.
— Наһаа хорсуннук быһаарыныы ылыммыккын. Туорду киһи күн ахсын сиэбэт аһа, астаабыт аһым атыыга барыа суоҕа диэн куттамматаҕын дуо?
— Мин саҥаны саҕалыыртан хаһан да куттанааччым суох. Мин сыаҕым уратыта – бородууксуйам сибиэһэйигэр сытар. Барыта Мария Васильева ураты, дьоҥҥо биһирэммит ырысыаптара буолан, биирдэ амсайбыт киһи иккиһин хайаан да сакаастыыр. Билигин сыаҕым күүстээхтик үлэлии турар. Дьон сакааһынан сибиэһэй бородууксуйаны оҥоро олоробут. Туортарым, пирожнайдарым начыыннарыгар джемнэри, барыанньалары куппаппын, барыта сибиэһэй фрукталар, отоннор туттуллаллар. Кинилэр саамай уһаабыта биир эрэ күн хаһааныллаллар. Ону сэргэ, дьиҥнээх сүөгэйтэн, арыыттан кириэмнэрбин оҥоробун. Дьон ордук меренговай рулеттары, пирожнайдары, «Чыычаах үүтэ» туортары сөбүлүүр.
— Хас үлэһиттээххиний, инникитин кэҥиир былааннааххын дуо?
— Билиҥҥитэ аймахтарым уонна дьиэ кэргэним көмөлөһөр. Онон анал хамнастаах үлэһитим суох. Сыаҕым этэҥҥэ үлэлиириттэн инникитин кэҥиирим дуу кэҥээбэтим, дуу улахан тутулуктаах. Тохсунньу ыйтан дьэ, үлэһиттэри сыыйа ылыам дии саныыбын. Билигин Чайковскай уулуссатыгар сыахпыт дьиэтин куортамнаан олоробут.
— Оттон хаһан эрэ бу дьаҥ ааһыаҕа. Оччоҕо салгыы сыаххын үлэлэтиэҥ дуо?
— Мин күүһүм-күдэҕим барытыгар тиийэр. Айар-тутар, саҥаны оҥорор, саҕалыыр — бу мин эйгэм. Хаһан дьаҥ ааһан пандемия бүтүөр диэри сыаҕым оннун булуоҕа. Онон үчүгэй хамаанданы тэринэн, туортарбын маҕаһыыннарга туттаран киэҥ эйгэни хабар былааннаахпын. Онуоха кэргэним Александр Бурнашов көмөтө улахан. Киһи өйөбүллээх буоллаҕына, хорсун буолар эбит. Онон кэргэним — эрэллээх эркиним.
Оттон ырыаларбын сөбүлээн истээччилэр хомойумаҥ, сыанаттан сүтүөм суоҕа. Айар үлэбин хаалларар санаам суох.
Ыспыраапка:
Сахая — түөрт оҕолох дьиэ кэргэн улахан кыыһа. Оҕо сааһыттан ыллыырын сөбүлүүрэ. Кини ырыаһыт быһыытынан дьалхааннаах 90-c сылларга соһуччу тахсыбыта. Николай Донской продюсердаан «Эн мин уолум» диэн бастакы магнитнай альбома 1995 сыллаахха тахсыбыта.
2001 с. «Ыллаа, эдэр саас» диэн Аркадий Алексеев эстрада ырыатын куонкуруһугар кыттан Гран-При аатын ылбыта.
«Этигэн хомус» хас да төгүллээх кыайыылааҕа.
2007 c. Саха сирин үтүөлээх артыыһа аат иҥэриллибитэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Кэргэннээх, икки оҕолоох.
Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар — Сахая архыыбыттан уонна интэриниэттэн.