Сахатын сирэ сайдарыгар олоҕун бүтүннүү анаабыта

Ааптар: 
10.02.2021
Бөлөххө киир:

Бүгүн, олунньу 10 күнүгэр,  Саха норуотуттан Арассыыйа Наукаларын академиятын академига Владимир Петрович Ларионов төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэринэн, кинини ахтан-санаан ааһыахпыт.

edersaas.ru

Владимир Петрович Ларионов Арассыыйа Наукатыгар кылаатын сыаналаан, Сибиир былыргы историятын эйгэтигэр бөдөҥ исписэлиис, академик Вячеслав Молодин суруйбута: “Саха сиригэр Владимир Петрович дьылҕата уонна наукаҕа киллэрбит өҥөтө Арассыыйаҕа Михаил Васильевич Ломоносов ыарахан оҕо сааһын уонна оҥорбут үтүөлэрин кытта тэҥнээх. Улахана да, кырата да суох.

Владимир Петрович 1938 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун кыра Балаҕаһы нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Владимир дьиэ кэргэнигэр уон алтыс оҕо этэ. Аҕата, Петр Иванович Ларионов, бурдук ыһыытынан уонна булдунан дьарыктаммыта. Ийэтэ, Варвара Николаевна, хаһаайыстыбатын көрөрө.

1946 сыллаахха Ларионовтар Лоомтука сэлиэнньэтигэр көһөн кэлбиттэрэ. Таарыйа, биир интэриэһинэй чахчыга тохтуохха. Мэҥэ Хаҥалас I Тыыллыма нэһилиэгиттэн Саха сиригэр биллэр дьон Гаврил Никифоров-Манньыаттаах уола, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы салайааччынан уһуннук үлэлээбит Семен Борисов, САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Роман Васильев, өрөспүүбүлүкэ Куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин миниистирэ Афанасий Кириллин, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Семен Назаров, самодеятельнай композитор-мелодист Аркадий Алексеев, аатырбыт бас-ырыаһыттар Илья Перевалов, Арассыыйа норуодунай артыыһа Иван Степанов уо.д.а. тахсыбыттара.

Сэттэ кылаастаах оскуоланы бары биридимиэттэргэ туйгун сыаналаах бүтэрэн, Владимир Ларионов үөрэҕин Майа орто оскуолатыгар салҕаабыта уонна 1956 сыллаахха кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ.

Оскуола кэнниттэн Владимир Петрович аатырбыт Н.Э.Бауман аатынан Москватааҕы үрдүкү тэхиньиичэскэй училищеҕа киирбитэ. Бу үөрэх кыһатын 1962 сыллаахха бүтэрэн баран, ССРС НА СС Дьокуускайдааҕы филиалын массыыналар тымныыны тулуйууларын уонна конструкцияларын үөрэтэр бөлөҕөр (группа хладостойкости машин и конструкций) лаборанынан ылыллыбыта. Ол кэннитттэн Украина НА Е.О.Патон аатынан Уотунан иһэрдии (сыбаарка) институтугар киирбитэ уонна хандьыдаат диссертациятын көмүскээбитэ.

1968 сыллаахха Владимир Ларионов ССРС НА СС Саха сиринээҕи филиалын тымныыны тулуйууга сыбаарка отделын лабораториятын тэрийбитэ уонна салайбыта. Талааннаах салайааччы быһаччы кыттыытынан 1970 сыллаахха Хоту дойду Физико-тэхиньиичэскэй проблемаларга института тэриллибитэ.

Салгыы кинини киһи быһыытынан арыйар чахчыларга тохтуохпун баҕарабын.

Наука соруга тугуй?

Майа орто оскуолатын бүтэрэн, борохуот уонна паробуос үйэтигэр “саха Ломоносова” Лоомтука дэриэбинэтиттэн Москваҕа диэри Сэбиэскэй Сойуус бастыҥ тэхиньиичэскэй үрдүк үөрэх кыһатыгар киирээри 17 суукка айаннаабыта.

Владимир Петрович ахтарынан, киниэхэ үтүө санаалаах дьон өйөбүл буолбуттар. Бу — холкуос бэрэссэдээтэлэ, кэлин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Михаил Петров, кини Дьокуускайга Хомсомуол Саха сиринээҕи кэмитиэтин бастакы сэкирэтээригэр Егор Кычкиҥҥа кэлэн үөрэххэ киирэригэр көмөлөһөрүгэр көрдөспүт. Онтон Егор Дмитриевич илии баттаан, РСФСР Үөрэҕин министиэристибэтигэр Бауман аатынан МВТУ-га киирэргэ кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит Владимир Ларионовы үөрэххэ ылалларыгар тус сыаллаах миэстэ көрдөөбүт. Бу докумуону тутан, учуонай буолуохтаах уол дойду тэбэр сүрэҕэр тиийэн,  тустаах кэпсэтии кэнниттэн, үөрэххэ ылыллыбыт.

Кэлин Егор Дмитриевич киниэхэ эмиэ көмөлөспүт. Дипломнаах исписэлиис буолан кэлэн баран РНА СС Саха сиринээҕи филиалын иһигэр П.Г. Яковлев салайааччылаах массыыналар уонна тимир конструкциялар тымныыны тулуйууларыгар бөлөх арыллыбытын истибит. Кини итиннэ үлэҕэ киириэн баҕарбыт, ол эрээри Олохтоох бырамыысыланнас министиэристибэтиттэн кэккэ ыарахаттар үөскээбиттэр. Кычкин көмөтүнэн кинини Яковлев бөлөҕөр ылбыттар.

Владимир Петрович Наука академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятын тэрийээччилэртэн уонна салайааччылартан биирдэстэрэ, 300 тахса научнай таһаарыы уонна 17 монография ааптара. Кини салалтатынан 10 дуоктар уонна 30 хандьыдаат диссертацияларын көмүскээбиттэрэ.

Металлургия уонна металлар технологияларын эйгэлэригэр биллэр сэбиэскэй, украинскай учуонай, наука тэрийээччитэ, Электросыбаарка институтун дириэктэрэ, профессор, ССРС НА академига Борис Патон үөрэнээччитин маннык сыаналаабыта: “Владимир Ларионов чинчийиигэ саамай кэскиллээх хайысхалары, наука проблемаларын быһаарыыны сатаан булара учуонай уонна салайааччы быһыытынан талаана наукаҕа уонна наука үлэтин тэрийиигэ баһылыыр-көһүлүүр оруолу ыларыгар олук буолбута. Кини кыһамньытынан Саха сирин тэхиньиичэскэй науката кылгас кэм иһинэн инники күөҥҥэ таҕыста”.

Владимир Ларионов научнай оскуолатын уратытынан дириҥ фундаментальнай түмүктэри ситиспитигэр, бу түмүктэр норуот хаһаайыстыбатын эбийиэктэригэр быһаччы туттуллар технологическай айан оҥорууларынан түмүктэммиттэрэ буолар.

Бу айан оҥоруулар Дьокуускай-Покровскай, Мастаах-Бэргэ” магистральнай гаас утаҕын тутууга, Өлүөнэ өрүс – Туора Күөл”, “Өлүөнэ өрүс – Мүрү күөл” магистральнай уу ситимнэрин, Бүлүү өрүс түгэҕинэн магистральнай гаас утаҕын тардыыга уонна “Хатас-Павловскай” магистральнай гаас утаҕын Өлүөнэ аннынан тардыыга сытар.

Кини ССРС Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын тэрийиигэ ууруллубут үс бириинсиби олоххо киллэрбитэ. Ол курдук, фундаментальнай науканы сайыннарыы, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин интэриэһигэр научнай проблемалары быһаарыы уонна научнай каадырдары бэлэмнээһин. Маныаха кини олоҕун бүүс-бүтүннүү наукаҕа анаабыта.

Доҕоро Спиридон Сосин кини кэбиниэккэ уу чуумпуга эрэ буолбакка, булка-алка, балыкка, сөмөлүөккэ эбэтэр массыынаҕа кытта суруйарын сөҕөн кэпсиирэ. Кини мэйиитигэр сынньана түһэр кыаҕы биэрбэт этэ. Балыктыы сырыттахпытына, маннык түгэн буолбута – Володяны сүтэрэн кэбистибит. Бары долгуйан, хаһыытаһыы бөҕөтө – хоруй суох, онуоха Спиридон: “Манна чугас үчүгэй чөҥөчөк баар дуо? Доҕотторо, кырдьык, онтон булбуттара. Кини чөҥөчөккө кумааҕытын тэлгэтэн, тэхиньиичэскэй сурунаал сакааһынан ыстатыйа суруйа олороро. Владимир Петрович эппитин булгуччу толорор, албыны-көлдьүнү, халтай тылынан кыырары абааһы көрөрө.

Эн өйдүүгүөн, хайдах барыта саҕаламмытын, барыта аан бастаан этэ…

Бауманка төрдүс кууруһугар үөрэнэ сылдьан Владимир Петрович олоҕун аргыһа буолуохтаах Люция Ларионовнаҕа сурук ыыппыта. Оччолорго тугу ыраламмыта, барыта да буолбатар, туолбута.

“Мин төрөөбүт Сахам сирин чэчирии сайдыбытын, кыаҕырбытын көрөбүн. Бу улахан култууралаах, кыахтаах бырамыысыланнастаах кыраай буолуоҕа. Соҕурууттан хоту диэки сотору кэминэн собуоттар уонна фабрикалар турбалара хороһуохтара, итилэр ардах кэнниттэн тэллэй үүнэрин курдук, олус тэтимнээхтик тахсыахтара, маныаха кыраайбыт сирин баайа төһүү буолуоҕа, оттон дойдуга наука уонна тиэхиньикэ тэтимнээх сайдыыта ардаҕына буолуоҕа уонна өрөспүүбүлүкэ тутулла турар бырамыысыланнаһа..

Маны биһиги көлүөнэбит олоххо киллэрэрэ үөрүүлээх: биһиги хаачыстыба өттүнэн саҥа Саха сирин тутуохпут. Чульмаҥҥа улахан металлургическай кэмбинээт, Мииринэйгэ алмааһы хостуур рудниктар, Бүлүүгэ алмааһы кырыылыыр фабрика, Алдаҥҥа, Индигииргэ кыһыл көмүһү хостооһун күүһүрүүтэ, Эгэ хайаҕа уонна Депутатскайга — хорҕолдьун, Эмэлдьэкээҥҥэ уонна Тимтоҥҥа сүлүүдэ-флогопитнай фабриката, бары сир-уот үрдүнэн Саха сирин Донбаһын тэрийии, таас Тумуска гаас собуотун, Таас Тумус-Дьокуускай гаас утаҕын, Өлөөҥҥө, Собо хайаҕа, Кэмпэндээйигэ туус собуотун, Пеледуйга, Өлүөхүмэҕэ бөдөҥ уот ыстаансыйаларын тутуу, Саха сирин уот тиһигин тэрийии, тимир суоллары тутуу, өрүс түргэн суудуналарыгар, хараабылларыгар көһөрүү — дьыала, уларыйыы бөҕөтө – бүтүн бырамыысыланнай, хаһаайынныы сыһыан!”

90-с сыллар саҕаланыыларыгар РНА академига Владимир Ларионов сорох идиэйэлэри олоххо киллэрэргэ эппитэ. Кини көмөтүнэн эдэр менеджердэр Георгий Яковлев, Василий Ефимов, Александр Федоров, Ньургун Тимофеев уонна да атыттар үүнэн тахсыбыттара.

Саха сиригэр саҥа салаа – алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнас туһунан Василий Ефимов ахтыбыта: “1990 сыл сайыныгар Владимир Петрович Ларионов Георгий Яковлевы кытта кэбиниэтигэр Хоту дойду физико-тэхиньиичэскэй проблемаларын институтугар ыҥырбыта: бастаан алмаас инструменын туһунан кэпсэппиппит. Онтон Москваҕа уонна Дьокуускайга ыытыллыбыт хас да сүбэ мунньах кэнниттэн ювелирнай алмаастары кырыылааһыны оҥорон таһаарыыны тэрийэр туһунан уураах ылыныллыбыта. Сүрүн идеологынан Владимир Ларионов буолбута. ССРС норуодунай дьокутаатын Владимир Петрович сүҥкэн аптарытыатынан боппуруос быһаарыллыбыта.

Үөрэнээччитэ Ньургун Тимофеев Владимир Петрович “Туймаада Даймонд”, “Сахадаймонд” тэрилтэлэри тэрийиигэ, алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнаһы сайыннарыыга оруолун бэлиэтээбитэ: “Кини маннык унньуктаах, бытааннык кырыылааһын курдук үлэ саха дьонун өйүн-мэйиитин олоруутугар уонна быһыытыгар-майгытыгар сөп түбэһэрин таба көрбүтэ. Ларионов саҥа салаа сайдыытыгар сүрүн идиэйэни саҕааччынан буолбута. Алмааһы чочуйуу кэскилин уонна соруктарын табатык өйдүүрэ. Кини алмааһы кырыылааһын технологтарын бэлэмниир отделениены СГУ физическэй факультетыгар арыйарга күүһэ кыайарынан көмөлөспүтэ. Ларионовы катализаторынан ааттыахха сөп. Кини тула олох күөстүү оргуйара, кини көмөтүгэр дьон олус наадыйара. Биирдэ соччо билбэт дьонун биһигини түмээт, сорук туруоран, уонунан сылларга өрө күүрдүбүтэ”.

Владимир Петрович Саха сирин оттук-энергетическэй комплексын сырьевой баазатын кэҥэтии проблемаларын, ньиэп уонна гаас баайдаах сирдэрин көдьүүстээхтик туһаныыны уонна Өлүөнэни туоруур муостаны тутуунан сибээстээн сир атын баайын мэлдьи интэриэһиргиирэ.

1992 сыллаахха Владимир Ларионов РНА СС Саха сиринээҕи научнай киинин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Кини Саха сиринээҕи ньиэп-гаас комплексын сайдыытын боппуруостарыгар ураты интэриэстээҕин бэлиэтиэххэ сөп. Бу туһунан бэйэтин ахтыытыгар геолого-минералогическай наука дуоктара Григорий Фрадкин ахтыбыта: “Владимир Петрович “Саханефтегаз” ньиэп-гаас хампаанньатын үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыта, Хоту дойду физтехпроблемаларын институтун састаабыгар ньиэп-гаас хайысхалаах туспа научнай салааны — РНА СС ньиэп уонна гаас проблемаларын институтун тэрийиини өйөөбүтэ.

Бэйэтин стратег уонна өтө көрөөччү быһыытынан көрдөрбүтэ. 90-с сыллар ортолоругар Япония, Кытай уонна соҕуруу Корея учуонай-ньиэп үлэһиттэрин кытта кини Соҕуруулуу-Илиҥҥи Азияҕа гааһы турбанан ыытыы тиһигин тутууну судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы тэрилтэни тэрийиини көҕүлээбитэ.

Онон Владимир Ларионов үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр Кытайга барар гаас утаҕын тутууну өтө көрбүтэ, билигин маны “Газпром” олоххо киллэрэр.

“Борис, эн сыыһаҕын!”

Академик Валентин Коптюг сүбэтинэн, 1989 сыллаахха Владимир Ларионов ССРС норуодунай дьокутаатынан ССКП испииһэгинэн талыллыбыта. Олоҕун бу кэмин доҕоро Алексей Томтосов суруйбута:

“Кини дьиҥнээх дьокутаат этэ уонна “хаһаарыматааҕы” ССКП КК-гэр хайдах эрэ кыһалҕаны үөскэтэрэ. Олус көхтөөх, билиилээх уонна булгуччулаах. 1990 сыллар саҥаларыгар Ларионов икки ураты дьайыытыгар туоһунан буолбутум. Бастаан, кини сэбиэскэй уопсастыбаҕа ССКП салайар оруола бигэргэммит ССРС Конституциятын 6-с ыстатыйатын уларытар иһин турууласпыта”. Эргэ болуоссакка кини көҕүлээһиниттэн соһуйбуттара уонна кэһэтэн биэрэргэ холоммуттара. Ол эрээри Владимир Петрович бэйэтин көрүүтүттэн аккаастамматаҕа: “Баартыйа аптарытыатын сокуонунан хааччыйар сыыһа. Маны дьыаланан ситиһиллиэхтээх”. Маныаха кини баартыйа киэҥ араҥаҕа өйөбүлүн сүтэрэн эрэриттэн хомойоро. Маны кини олус өтө көрбүт”.

Иккис түгэн. ССРС Үрдүк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анатолий Лукьянов сессияҕа  “табаһыттар диэн чабааннар уонна таба иитиитин туһунан сокуоннары тоҕо ылынабыт, өскөтүн барааны иитии туһунан сокуон суох буоллаҕына” диэн дилетанствоны көрдөрбүтэ. Владимир Ларионов спикери кытта күүскэ киирсибитэ уонна таба иитиитин, бултааһыны уонна балыктааһыны хоту дойду норуоттарын олохторун укулаатын быһыытынан сокуонунан ылынарга эппитэ. Боппуруоһу сөбүлэһэр хамыыһыйаҕа ыыппыттара уонна волокита оҥорбуттара. Өссө биир түгэн ССРС Наукаларын академиятын көрдөрөр депутаттар мунньахтарыгар тахсыбыта. Ларионов ССРС Үрдүк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин пуоһугар Борис Ельцин кандидатуратын утары тыл эппит Андрей Сахаровы өйөөбүтэ. Оччолорого Владимир Петровиһы Андрей Дмитриевич норуоттар икки ардыларынааҕы олох конвергенциятын туһатыгар политическай быыбар ордугун туһунан ырытыыта долгуппута. Кинини гениальнай физик-атомщик сонун идиэйэтэ уонна киһи быһыытынан позицията долгуппута.

Владимир Ларионов ССРС Үрдүк сэбиэтигэр национальнай өрөспүүбүлүкэлэр дьиҥнээх бырааптарын турууласпыта. ССРС норуоттарын тылларын уонна култуураларын мэктиэлиир сокуоннары ылыныыны ситиспитэ. Ити сылларга кини Минтемир Шаймиевы, Муртаза Рахимовы, Николай Федоровы кытта дьыалабыай сыһыаны олохтообута. Кыргызстан уонна Абхазия бэрэсидьиэннэрин кытта наукаҕа биир идэлээхтэрэ этэ. Аскар Акаев уонна Владислав Ардзинба Владимир Ларионовы наука уонна дьокутаат үлэтигэр убайбыт дииллэрэ.

Мин бэлисипиэти өр тэбиэм..

Владимир Петрович эдэригэр велоспордунан дьарыктаммытын сорохтор билбэт буолуохтаахтар. Бу туһунан кини физкультураҕа учуутала, Омскайдааҕы физкультура институтун выпускнига Леонид Кычкин маннык ахтыбыта.

“Майа орто оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлии сылдьан, спорт үгүс көрүҥнэрин тарҕаппытым. Володя Ларионов оччолорго велоспорду талбыта уонна бэлисипиэдинэн сүүрүүгэ ураты кыаҕын көрдөрбүтэ. Кини күрэхтэһии бары түһүмэхтэрин эрдэттэн ааҕара-суоттуура, көннөрү бэлисипиэди араастаан тупсаран, уларытара.

Лоомтука бөһүөлэгиттэн Майа сэлиэнньэтигэр диэри (18 км) биир күрэхтэһиигэ Володя Ларионов оскуола чөмпүйүөнэ буолбута. Түмүгэ 20 мүнүүтэттэн арыый да тахсара. Бу бириэмэ билигин даҕаны рекорду олохтооһуҥҥа киирсэр, тоҕо диэтэххэ, бэлисипиэдинэн уһун кумах хайаны дабайар физическэй бэлэмин, күүһү-уоҕу, тулууру ирдиирэ. Кинилэр бэлисипиэттэрин хайдах бэлэмнээбиттэрин, илин уонна кэлин крылышкаларын устубуттарын, олбоҕун үрдэппиттэрин, уруулун түһэрэн биэрбиттэрин, сыаптарын тартарбыттарны өйдүүбүн. Володя  бэлисипиэтин подшипнигын устубута, вазелинынан соппута. Ити үөрэнээччилэртэн саха норуотугар, өрөпсүүбүлүкэ тас өттүгэр биллибит үөрэнээччилэр тахсыбыттара. Кинилэр – Владимир Ларионов, Аркадий Алексеев, Михаил Скрябин, Юрий Шишигин, Сергей Ларионов уонна атыттар”.

Москваҕа үөрэнэр кэмигэр Владимир Петрович велоспордунан эмиэ дьарыктаммыта. “Секцияҕа шоссеҕа эрчиллиилэр саҕаламмыттара. Кураанах шоссенан бэлисипиэттиир олус бэрт этэ. Бэлисипиэт спорда доруобуйаҕа туһалаах”.

Кини кэмиттэн кэмигэр велотреккэ сылдьара, күрэхтэһиилэри көрөрө. 1957 сыллаахха иккис кууруска үөрэнэр кэмигэр Москваҕа Ыччаттар уонна устудьуоннар аан дойдутааҕы бэстибээллэрэ буолбута. Дьонугар суругар кини ыччат форумун кэмигэр бэлисипиэдинэн күрэхтэһии туһунан суруйбута. “Хас да доҕорбун кытта сүрүннээн велотреккэ сылдьыбыппыт. Олус сэргэх күрэхтэһиилэр буолбуттара. Бэлисипиэт спорда күүһү, сатабылы, өйү уонна дьулууру ирдиир спорт кыраһыабай көрүҥэ”. Владимир көннөрү көрөөччү эрэ курдук сылдьыбат этэ. Барытын иҥэн-тоҥон көрөрө.

“Култуураны таһаарыахха! Күүһүнэн даҕаны”

Биир идэлээх учуонайын Сергей Капица кынаттаах тылларын кытта  Владимр Петрович сөбүлэһэрэ. Кини култуура араас эйгэлэригэр фундаментальнай билиилээҕэ, кэрэни кэрэхсиирэ уонна искусствоны билэрэ.

Устудьуон Володя Ларионов сахалыы уонна нууччалыы тэҥҥэ үчүгэйдик суруйара. Ыраас буочара оскуолаҕа үчүгэйдик суруйа үөрэммитин эрэ кэрэһэлээбэт этэ. Суруктарыгар кини сиппит-хоппут өйө уонна гуманитарнай кыаҕа көстүбүтэ. Кини саха литературатын билэрэ уонна таптыыра, классиктарга сүгүрүйэрэ, бэйэтин кэминээҕи суруйааччылардыын доҕордоһоро. Владимир Ларионов “киһи дууһатын инженеринэн” – биллэр суруйааччынан буолар эмиэ кыахтааҕа. Кини үгүстүк норуодунай суруйааччы Семен Данилов хоһоонноруттан строкалары ааҕара.

Чугас доҕоро Алексей Томтосов ахтарынан, Владимир Петрович эпистолярнай айымньыга ордук чугаһа: “Кини үгүс эҕэрдэлээһиннэрэ хоһоонунан суруллара, сороҕор дьоҕус поэма быһыытынан. Кини маны чэпчэкитик суруйара. Владимир Петрович сороҕор Семен Петрович Данилов болҕомтотун тардара. Аатырбыт поэт доҕордуу быһыынан сүбэлиирэ: “Володя, эн поэзияҕа эрчиллиилэргэр рифмэлэр физика сокуонунан сааһыланаллар. Ол эрээри киһи иэйиитэ уонна айылҕа баар”. Семен Петрович Владимир Петрович кэрэни таба көрөрүн бэлиэтиирэ.

Олоҕун тиһэх сылларыгар Владимир Петрович Иоганн Гете айымньытынан үлүһүйбүтэ. Уонна Гете Ньютон научнай көрүүлэрин кытта сөпсөспөтүн уонна .. хайа эрэ өттүнэн сөпкө гынарын астынара.

Кини литератураны киэҥник билэрэ, тыйаатыры ис сүрэҕиттэн таптыыра, муусуканан интэриэһиргээбитэ, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство ымпыгын-чымпыгын билэрэ. Суруйааччылары, артыыстары, муусукаанары, худуоһунньуктары кытта доҕордоһоро. Уопсай история уонна классическай философия боппуруостарын билэрэ.

Ол эрээри бэйэтин аналынан гуманитарий Ларионов хайдаҕын да иһин, тэхинээр суолун талбыта. Ол туһунан 1990 сыллаахха эппитэ: “Биһиги кыраайбытыгар физико-тэхиньиичэскэй хайысхалаах идэлэр наадалара бу идэни таларбын күһэйбитэ”.

Улахан ыраахтан көстөр

2002 сыллаахха Владимир Петрович мэтириэтэ Н.Бауман аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай тэхиньиичэскэй университет чулуу выпускниктарын галереятыгар наука уонна тиэхиньикэ корифейдарын, космонавтиканы төрүттээбит Сергей Королев, биллэр авиаконструктор Алексей Туполев, ядернай реактордар ааптардара Николай Доллежаль курдуктары кытта тэҥҥэ киирбитэ.

Академик Ларионов олоҕун тиһэх күннэригэр диэри төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтигэр сулууспалаабыта. Бэйэтин кэнниттэн хотугу матырыйаалы оҥоруу оскуолатын, инновация кэскилин хаалларан, бүгүн итини үөрэнээччилэрэ салгыыллар.

Владимир Ларионовы аатырбыт тириэньэр Дмитрий Коркины кытта тэҥниэҕи баҕарыллар. Кинилэр дьылҕалара үксүгэр майгынныыр. Иккиэн кыра сэлиэнньэҕэ улааппыттар, сэрии кэннинээҕи ыар олоҕу билбиттэр, бэйэлэрин өйдөрүнэн уонна кыһамньыларынан Москва уонна Ленинград үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрбиттэр. Саха наукатын уонна спордун атаҕар туруораары төннөн кэлбиттэрэ уонна төрөөбүт кыраайдарын туһугар илиилэрин араарбакка үлэлээбиттэрэ. Маныаха кинилэр айылҕаттан сэмэйдэринэн, тулуурдарынан уонна кырдьыксыттарынан атыттартан уратылаахтара.

Владимир Петрович доҕотторо уонна биир идэлээхтэрэ кини бэрээдэктээҕин уонна доҕордоһууну өрө тутарын бэлиэтииллэрэ. Кини талааннаах чинчийээччи, туох баар бары саҥа иһин туруулаһааччы. Владимир Петрович саха норуотун тапталынан угуттаммыта, дойдутугар уонна тас дойдуларга дириҥ ытыктабылынан туһанара.

Владимир Петрович Ларионов матырыйаалы оҥоруу технологиятыгар биллэр учуонай быһыытынан билиниллибитэ. Академик аатын ылыыта – ону кэрэһилиир. Владимир Петрович Ларионов саха наукатыгар оруолун өссө да дириҥник өйдүөхпүт турдаҕа.

Родион Кривогорницын бэлэмнээтэ.

Хаартыскалар Наталья Апросимова архыыбыттан туһанылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0