Сахатыйбыт узбек – Мухаммед

16.09.2016
Бөлөххө киир:

Дьиэм аттыгар хас да оҕуруот аһын атыылыыр маҕаһыын баарыттан барыларыттан ордорон, чуо биир киоскаҕа сөбүлээн сылдьабын. Тоҕо? Бастакытынан, сыана манна биллэ чэпчэки. Иккиһинэн, элэккэй бэйэлээх эдэркээн атыылааччы омук уола уу сахалыы кэпсэтэр. Бу киоскаҕа киһи өрүү элбэх буолар. Арааһа, эмиэ мин курдук санаалаах дьон сылдьар быһыылаах.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Мухаммед Юлдашев омугунан узбек. 19 саастаах. Икки сыллааҕыта ахсынньы 8 күнүгэр Дьокуускайга үктэммит. Күннээх Узбекистан уола бастаан утаа тымныытыттан, хаара элбэҕиттэн куттанан: «Оо, бу туох дьикти дойдутугар кэллим?» — дии санаабыт. Саллан, үс-түөрт күн дьиэттэн тахсыбакка олорбут. Онтон сыыйа чугас маҕаһыыннарга сылдьан, үөрэнэн барбыт. Балтараа сылынан дьиэтийэн, аны кыһыны сайыннааҕар ордорор буолбут. Мин киһи аҕыйаҕар түбэһэн, Мухаммед Юлдашевтыын анаан кэпсэттим.

— Эн хайдах Саха сиригэр баар буолан хааллыҥ?

— Аҕам бииргэ төрөөбүт убайа манна үлэлиир. Кини миигин эргиэҥҥэ чугаһатаары, үөрэтэ сылдьар. Дьокуускайы кэлээт да сөбүлээбитим. Олоҕо-дьаһаҕа сайдыылаах, дьон-сэргэ бэйэ-бэйэлэригэр сыһыана эйэҕэс, истиҥ — киһи дьиэтигэр курдук холкутук сылдьар.

— Үрдүк үөрэххэ үөрэнэр санаалааххын дуо?

— Ээ, айахпын ииттэр үлэлэнним да сөп. Кылаабынайа, бастайааннай үлэлээх буолуохха наада. Ол иһин дойдубар тиийэн үлэ буларга уопутураары манна кэлбитим.

— Сахалыы ыраастык саҥарарга ханна, хайдах үөрэммиккиний?

— Мин киоскабар сүрүннээн кырдьаҕас дьон сылдьар. Үгүстэрэ тыаттан сылдьаллар быһыылаах. Кинилэр нуччалыы олуттаҕастык саҥара сатыылларыттан сылтаан сахалыы кэпсэтэргэ санаммытым. Кинилэртэн ахсааны, чаастатык атыыга-эргиэҥҥэ туттуллар тыллары сурунан ылбытым. Онтон хас да киһиэхэ «боруобаланан», «эксээмэннэнэн» көрбүтүм. «Мин сөпкө саҥарабын дуо?» — диэн ыйыттахпына, сорохтор көннөрөн биэрэллэр. Онтон биирдэ өйдөөбүтүм, сахалыы саҥарар уонна өйдүүр буолан хаалбыппын. Сорох тылларбыт маарыннаһар да буолан, саха тылын түргэнник үөрэппитим. Убайым атыылаһааччыларбын кытта сахалыы кэпсэтэрбин истэн, үөрэр аҕай. Кырдьаҕас да дьон үөрэ-көтө кэпсэтэллэр. Түргэнник саҥардахтарына эрэ ыарырҕатабын. Балтараа сыл иһигэр сахалыы кэпсэтэргэ үөрэнним.

— Бу кыракый киоскаҕа быраабыла бөҕөтүн тутуһаҕыт дуу?

— Турция фруктатын бобуулаах буолан атыылаабаппыт. Кытай да фруктата аҕыйаата, оҕуруот аһа эрэ киниэннэрэ. Сүрүннээн Узбекистан, Краснодар дьаабылыкаларын атыылыыбыт. Омук сирдэриттэн — Марокко фруктата. Дьон оҕуруот аһын күн аайы атыылаһар. Онон сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри күн солото суох үлэлиибин. Таһырдьа тахсарым ахсааннаах.

… Бу курдук, ыраах Узбекистантан кэлбит эдэр киһи, кылгас да кэмҥэ үлэлии кэллэр, олохсуйбут сирин убаастаан, саха тылын тус бэйэтэ үөрэтэн, атыылаһааччыларын кытта уопсай тылы булан, бэйэтэ да абыраммыт, олохтоох да дьону абырыы сылдьар.

Мин тахсарбар манна орох тэппит саха киһитэ: «Миэхэ биир киилэ «Медовай» дьаабылыката, икки киилэ луукта ыйаан кулу», — диэбитинэн киирдэ. Онуоха эдэр киһи уу сахалыы: «Оҕурсуу ыйыыбын дуо?» — диэн ыйыппытыгар, киһитэ: «Чэ, киилэ аҥарына ыйаа даҕаны», — диэн сөбүлэстэ. Көр, ырыынак кэмигэр атыылааччы дьону бэйэтигэр тардара, олохтоох дьон тылын билии эмиэ улахан куоһур буоллаҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0