Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх Степаны тустууга дьоҕурдааҕын иһин, убайа Борис Николаевич спортивнай интэринээт-оскуолаҕа киллэрбит.
edersaas.ru
Онон, уолчаан улуу тириэньэр Дмитрий Коркиҥҥа үөрэнэр дьолго тиксэн, кэлин саха чулуу тустууктара буолбут: олимпийскай оонньуулар призердара Александр Иванову, маастардар Гаврил Дмитриевы, Семен Макаровы, Семен Морфунову уо.д.а. кытары биир кылааска үөрэммит. Киниттэн үрдүкү кылаастарга үөрэнэр Роман Дмитриевы, Николай Захаровы-Сахааччаны о.д.а. кытары тустубут.
— Оскуола кэнниттэн, ол эбэтэр 1969 с., Чурапчыга олох-дьаһах кэмбинээтин ювелирнай сыаҕар үлэлээбитим, — диир Степан Николаевич. – Аатырбыт уус Константин Макаровтан-Кыра Эҥсииттэн элбэххэ үөрэммитим уонна кэлин учууталым буолбут Петр Александрову кытары доҕордоспутум. Кини кэмбинээт дириэктэрэ Агита Платонова ыҥырыытынан, Ньурбаттан кэлэн үлэлии сылдьара. Итинник үрдүк кылаастаах маастардар баар буоланнар, Чурапчыга оччолорго көмүһүнэн уһаныы маассабайдык сайда сылдьыбыта. Аармыйаттан кэлэн баран, Эҥсии Уус уонна Агита Гаврильевна ыҥырыыларынан бастаан “Сардаана” фабрикаҕа (иккиэн онно киирэн үлэлии сылдьаллара), онтон Ньурбаҕа тиийэн Петр Александровтуун үлэлээбитим. Петр Николаевич саха төрүт үгэстэрин тутуһар, хас биирдии оҥоһугар дууһатын ууран үлэлиир, улахан Маастар этэ. “Элбэҕи оҥоро сатаама, харчыны эккирэтимэ, саха дьоно ювелирнай ускуустубаҕа көрүүлэрин биһиги, көмүс уустара, үрдэтиэхтээхпит, кинилэри дьиҥнээх Кэрэҕэ иитиэхтээхпит”, — диирэ. Миигин дьулуһан туран, Кострома таһыгар Кыһыл диэн сэлиэнньэҕэ баар училищеҕа, КУХОМ-ҥа (Красносельское училище художественной обработки металлов) үөрэххэ ыыппыта.
Ыллыктаах сүбэ
Бу үөрэх кыһата 1897 с. атыыһыт Зотов үбүлээн, бастаан уруһуй кылааһын быһыытынан аһыллыбыт, кэлин көмүс уустарын үөрэтэр мастарыскыай, сэбиэскэй былаас сылларыгар техникум, онтон училище буолбут, билигин Строганов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай художественнай-промышленнай академия иһинэн үлэлиир. Өр сыллартан олохсуйбут баай баазалаах, дойду бары өрөспүүбүлүкэлэриттэн талааннаах ыччаттар кэлэн үөрэнэр, Сэбиэскэй Сойууска көмүс уустарын бэлэмниир соҕотох үөрэх кыһатыгар Чурапчы уола Степан Попов бэркэ табыллан үөрэммит. 1982 с. саха симэҕин оҥорон, дипломнай үлэтин “туйгуннук” көмүскээбит, Ташкент ювелирнай собуотугар үлэҕэ анаммыт. Онуоха Костроматааҕы ювелирнай собуот сүрүн худуоһунньуга, Арассыыйа үтүөлээх ювелира Петр Чулков:
—Степа, мин санаабар, онно барыа суох этиҥ. Эн сахалыы оҥоһуктаргын Ташкеҥҥа биир нэдиэлэ иһинэн тиражка таһаарыахтара. Оччоҕуна саха ювелирнай ускуустубатын таҥнарыахсыта буолуоҕуҥ, дьэ, ол кэнниттэн дойдугар хайа сирэйгинэн эргиллиэххиний? Узбектар эһиги курдук түүрдэр, онон, саҥаҕыт-иҥэҕит эрэ буолбатах, ойуугут-дьарҕааҕыт эмиэ маарыннаһар. Эһиги ювелирнай ускуустубаҕыт саҥа тахсан эрэрин былдьаан ылыахтара. Дойдугар баран үлэлиириҥ ордук, — диэбит.
Онон Степан дойдутугар кэлбит. Худфоҥҥа, “Сардаана” фабрикаҕа, Эдьигээҥҥэ, Удачнайга “Якуталмаз” хампаанньа ювелирнай сыаҕар үлэлээбит. Ураты буочардаах мындыр уус быһыытынан биллэн, “Көмүсчүт Ыстапаан” диэн сүрэхтэммит. Дьокуускайга 1992 сылтан олохсуйбут, “Якутзолото” хампаанньа иһинэн тэриллибит сыахха үлэлээбит, эдэр ювелирдары үөрэппит, кэлин бэйэтэ биирдэм тэрилтэ тэриммит.
Спорка атын өттүнэн
Төһө да ыалдьан хаалан, тустууттан туораатар, Көмүс Ыстапаан Улуу Коркин оскуолатыгар уһаарыллыбыта халтайга хаалбатах, спорка атын өттүнэн киирбит: күрэхтэһиилэргэ мэтээллэри оҥорон, сахаттан бастакынан идэтийбит медальер буолбут. Өссө 1973 с. Сахаачча мэтээлин оҥорон саҕалаан баран, соҕуруу үөрэнэ сылдьан, ситэрбит. Гонорарын Сахаачча ийэтигэр өҥнөөх тэлэбиисэрдэ ылан биэрээриҥ диэн доҕотторугар ыыппыт. Ити курдук, Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Николай Тарскай, Арсен Петров бириистэригэр, хапсаҕайга, боксаҕа уонна дуобакка ыытыллар күрэхтэһиилэргэ чочуйан оҥорбут мэтээллэрэ билигин тустаахтарга үтүө өйдөбүнньүк, мунньааччыларга күндү булумньу буола сылдьаллар. Маныаха араас бэлиэлэри, ол иһигэр, П.А.Ойуунускай 100 төрөөбүтэ сылыгар анаммыт, “Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕун” уо.д.а. бэлиэлэри оҥорбутун эбэн кэбиһиэххэ. Бэйэтэ ааҕарынан, барыта 80 араас мэтээли уонна бэлиэни оҥорбут!
Көмүсчүт мүччүргэннээх түгэннэрэ
1993 сыл сааһыгар Бэрэсидьиэн Михаил Николаев Монголияҕа айанныыр буолан, кыһыл көмүһүнэн Монголия бэрэсидьиэнэ Очирбакка мэтээл оҥорор суһал сорудах кэлбит. Степан Николаевич түүннэри-күннэри олорон, кытаанах ыстаалы кыһан, дьоруойун сэбэрэтин оҥорбут. Түүн үөһүгэр ГРЭС землеройнай собуотугар үөрэнээччилэрин кытары хаалан, ол ыстаалын оһохтон таһааран сойутаары гыммыта сыпсыттан мүччү ыстанан, үс миэтэрэ дириҥнээх муустаах ууга түһэн хаалбыт. Араас бороболуоханан, күлүүкэнэн булкуйан көрө сатаабыт да, туһа суох буолбут.
—Оо дьэ, үлэм сырыыптанар, болдьохтоох кэмигэр туттарбат буоллум диэн олус ыксаабытым, — диир Көмүсчүт Ыстапаан. – Тэҥнэһиэм дуо, сыгынньахтанан бараммын, муустаах ууга умсан, түгэҕэ будулуйан тахсыбыт тимир сааҕын, араас уһуктаах, кырыылаах тимир кыырпахтарын булкуйдаҕым дии. Үһүс умсуубар нэһиилэ булан таһаарбытым. Салгыы үлэлээн, хатаран, бэчээттээн бүтэрэн, сарсыарда алта чааска Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, оччолорго Бэрэсидьиэн дьаһалтатын аппараатын салайааччы Будимир Слепцовка илдьэн туттарбытым.
Ити күһүнүгэр аны Руслан Хасбулатовка мэтээл оҥорорго эппиттэр. Үлэлэрэ төрүт тахсыбатах – бастаан штампа тимирэ үлтү ыстаммыт, бодьуустаһан бүтэрэн, көмүстэрин аалар кэмнэригэр, чочу ойо барбыт… Онуоха уус: “Тоҕо эрэ табыллыбат, туохха эрэ түбэһэр дьылҕалаах киһи быһыылаах,” — диэн санаан ылбыт. Өр-өтөр буолбатах, Хасбулатовтаах ГКЧП-га кыттаннар, тутуллубуттарын туһунан сурах иһиллибит…
Саха талааннаах омук
—Үлэлээбитим тухары балачча элбэх ыччаты уһуйан үөрэппитим, — диэн кэпсиир Көмүсчүт Ыстапаан. – Ол уолаттар билигин үчүгэй маастардар, хомойуох иһин, чааһынайынан баран хааллылар. Дьиҥинэн биһиги ювелирнай өрөспүүбүлүкэ буолуохтаах, сир баайдаахпытын онон билиэхтээх этибит. Михаил Николаев көҕүлээһининэн, алмааһы кырыылыыр собуоттар аһыллыбыттара, оо, санааны хайдахтаах күүрдүбүтэй! Ол билигин суох, сырьены биэрээччи эрэ буоллубут… Мин биирдэм тэрилтэ тэринэн үлэлээн испитим даҕаны, араас нолуогунан кыһарыйаннар тохтообутум, билигин сааһыран хааллым уонна ыалдьар буоллум.
Саха — талааннаах омук, дьоҕурдаах ыччат элбэх, олору булан, түмэн, сүрүннээн үлэлэтиэххэ наада. Биир художественнай училищелаахпыт муосчуттары эрэ таһаара олорор, ювелирдары кытары үлэлээбэт. Онон оҕолору соҕурууҥҥу анал училищеларга ыытан үөрэттэрэн, саха ювелирнай ускуустубатын салгыыр көмүс уустарын таһааран иһиэххэ наада. Быйыл Костромаҕа бара сырыттым. Бииргэ үөрэммит оҕолорбун көрүстүм, сааһыраннар үлэттэн тохтообуттар, ол оннугар оҕолоро уонна сиэннэрэ ювелир бэртэрэ буолбуттар. Ити курдук, утуму салҕааччылар тахсан иһэр эбиттэр. Биһиэхэ эмиэ оннук буолуохтаах, буолуо да диэммин эрэнэбин.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru