Сахациркэҕэ онус төгүлүн — “Кыайыы салюта”!

08.05.2017
Бөлөххө киир:

Уон сыл анараа өттүгэр РФ уонна СӨ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Марфа Петровна Колесова-Расторгуева “Кыайыы Салюта” бырайыагы төрүттээбитэ.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Онтон ыла хас сыл аайы ыам ыйын 8-9 күннэригэр, билигин Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарын сүгэр СӨ Судаарыстыбаннай циркэтин скверигэр, үтүө үгэс быһыытынан, сэрии бэтэрээннэрэ сөбүлээн түмсэллэр.

Быйылгы, онус “Кыайыы Салюта” үгэстэри тутуһан, эмиэ “Полевой куукуналаах”, саллаат хааһылаах, эбэһээт “наркомовскай 100 граммнаах”, ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх, истиҥ эҕэрдэлээх буолла.

Бэтэрээннэри чиэстээһиҥҥэ Марфа Петровна ытык дьонугар сыллата элбэх да бастыҥ, чаҕылхай ырыатын бэлэхтиирэ…  Бэтэрээннэр ону олус махтана ахталлар.

Быйыл эмиэ Колесовтар дьиэ-кэргэн, сэрии бэтэрээнин оҕолоро, Сергей Васильевич уус-уран салалтатынан, дьонноругар-сэргэлэригэр бэртээхэй кэнсиэри бэлэхтээтилэр.

Ол курдук, Марфа Петровна репертуарыттан балыстара Екатерина Петровна  “Мэҥэ хочото”, Анастасия Петровна “Сиргэ таптал”, “Оленегорскай”, быраата Петр Колесов “Һээдьэ”, сиэн-балта Фекла Колесова “Үчүгэй”, о.д.а. кини сөбүлүүр ырыаларын дьоһуннаахтык толороннор, дьону-сэргэни олус үөртүлэр.

—Олус үчүгэй, истиҥ кэнсиэр буолла. Оттон хааһылара манна куруутун минньигэс. Маннык истиҥ сыһыантан олус үөрэбит. Циркэ кэлэктиибигэр дириҥ махтал!, — диир Мэҥэ-Хаҥаластан төрүттээх бэтэрээн Василий Никитич Санников.

Кэнсиэргэ Саха бриллиантовай циркэтин оркестра (салайааччы А.Егоров), балета уонна артыыстара көхтөөхтүк кытыннылар.

Улуу Кыайыы күнүгэр аналлаах бырааһынньыктааҕы кэнсиэр “Кыайыы вальсынан” уонна “Кыайыы Күнэ” ырыаны мустубут дьон бука бары  күргүөмүнэн толорууларынан түмүктэннэ.

Татьяна Маркова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0