Бүгүн “Сахатранснефтегаз” аахсыйалаах уопсастыба 15 сылын туолла. 2000 сыллар саҕаланыыларыгар өрөспүүбүлүкэни гааһынан туруктаахтык хааччыйар сорук турбута. Хампаанньа активтарын түмүү судаарыстыба илиитигэр киирэрэ ордуга. Онон сибээстээн, 2003 сыл ахсынньы 9 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ В.А.Штыров Ыйааҕынан “Сахатранснефтегаз” аахсыйалаах уопсастыба тэриллибитэ. Уопсастыба юридическай сирэй быһыытынан 2003 сыл ахсынньы 17 күнүгэр регистрацияламмыта.
15 сыл – кылгас болдьох эрээри, бу кэмҥэ, улахан тымныы усулуобуйатыгар, уустук географическай балаһыанньаҕа, ирбэт тоҥҥо кыахтаах, аныгы ньиэп-гаас салаатын тэрилтэтэ төрүттэммитэ. 60-70 с сыллардааҕы гаас үлэһиттэрин көлүөнэтэ уонна билиҥҥилэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ сайдыытын торумнаабыт тутууларынан киэн тутталлар. Бу – улуу Сибиир өрүһүн аннынан гаас икки утаҕын тардыы, бу технологическай хамсааһын эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ олоҕор бэлиэ түгэн этэ. Гаас үлэһиттэрэ Илин эҥэр олохтоохторугар гаас оттугу тиэрдибиттэрэ! Кэнники 15 сыл устата нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһыҥҥа көхтөөх үлэ ыытыллар, айылҕа гааһа 55 нэһилиэккэ тиийдэ, 96 сэлиэнньэ хааччыллар.
— ДСК, ГРЭС-1, кэлин ГРЭС-2 курдук кыахтаах эбийиэктэри тутууга магистральнай гаас икки бастакы утаҕын аһарар кыаҕа тиийбэтэ. Онон айылҕа гааһын тиэрдиини кэҥэтэр сорук турбута. Ону тэҥэ 80-с сыллар ортолоругар гаас ситимэрин туһаныллар болдьоҕо 20 сылга тиийэрэ. Онон сибээстээн гаас үһүс утаҕын тутарга быһаарыммыттара. 3 утах 384 км усталаах. Үһүс утаҕы тутуу Дьокуускай куораттан саҕаламмыта. Бу эргэ гаас ситимнэрэ өрөмүөҥҥэ наадыйалларынан, гааһы биэриини кыахтаах гаас ситимигэр холбуур кыахтаммыттара. Билигин бу 720 мм диаметрдаах саамай улахан гаас ситимэ. Үгүс тэрилтэлэр, ол иһигэр “Стройсельгазификация” ГУП магистральнай гаас үһүс утаҕын тутууга улахан үлэни ыыттылар. Бырайыактыыр үлэтин таһынан ойууру солооһуҥҥа үлэ бөҕөнү көрсүбүттэрэ, тутар тиэхиньикэ паарката хаҥаабыта, траншеяларга үлэ барбыта, Кэбээйи, Нам, Горнай улуустарыгар гаас ситимин тутар үлэ ыытыллыбыта.
Билигин үһүс утах Мастаахха тиийдэ, аны 84 км Кыһыл Сыырга диэри тардар сорук турар. Үбүлээһинэ быһаарылыннаҕына, үлэ салҕаныаҕа. Үһүс утаҕы үлэҕэ киллэрэр сорук биһиэхэ сүктэриллибитэ. Үһүс утах киирэринэн киин оройуон магистральнай ситимэ саҥардыллыбыта. Аһарар кыаҕа икки төгүл улааппыта.
Билигин Дьокуускайдааҕы гааһы таҥастыыр собуоту кэҥэтии дьоһун хайысханан буолуоҕа. Собуот иккис уочаратын үлэҕэ киллэрии СУГ оҥорон таһаарыыны улаатыннарар кыаҕы биэриэҕэ. Билигин үгүс массыыналаах дьон бэнсиин сыаната ыараханыттан гаас уматыкка көһөллөр уонна улуустар олохтоохторун көрдөһүүлэринэн үгүс сирдэргэ АГЗС-тар тутуллуохтара. Собуот маны сэргэ саҥа бородууксуйаны – убатыллыбыт айылҕа гааһын (СПГ) таһаарыаҕа, бу тэйиччи сытар нэһилиэктэри магистральнай уонна бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы гаас ситимин туппакка эрэ гаастааһыҥҥа кыаҕы биэриэҕэ.
2017 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ айылҕа гааһа кэлбитэ 50 сылын бэлиэтээбитэ, ол аата гаас ситимнэрин туһаныллар болдьоҕо ааспытын көрдөрөр. Уустук айылҕалаах Уһук Хоту дойдуга ыстаал да тулуйбата биллэр. Ол иһин гаас ситимин өрөмүөннээһини мэлдьи ыытыахтаахпыт. Хампаанньа гааһын хаһаайыстыбата барыта, ол эбэтэр 7000 км гаас ситимин быыстала суох тэйиччиттэн олорон хонтуруоллуур соругу хааччыйыахтаахпыт, — диэн “Сахатранснефтегаз” АУо генеральнай дириэктэрэ Иван Макаров бэлиэтээтэ.
Дьоҥҥо сылааһы уонна сырдыгы хааччыйар аналлаах “Сахатранснефтегаз” АУо кэлэктиибэ биир да күн өрөбүлэ суох үлэлиир. Дьиэ кэргэн династиялара элбэхтэр, онон көлүөнэлэр солбуктара быстыбат. Кэлэктиип гааһынан быыстала суох хааччыйыыга бары сыратын уурар.
“Сахатранснефтегаз” АУо пресс-сулууспата.