Саха сиригэр быйыл 400-тэн тахса киһи бырамыысыланнаска үлэлии барда

Бөлөххө киир:

“Навахту14.рф” бырайыагынан быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр 400-тэн тахса киһи бырамыысыланнас эйгэтигэр үлэҕэ киирдэ.

Бу бырайыак былырыын сэтинньиттэн саҕалаан үлэлиир. “Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска” диэн бырайыагы сэргэ дьон-сэргэ дохуоттаах, хамнастаах буолуутугар үлэлэһэр сыалтан тэриллибитэ.

Санатан суруйдахха, былырыын Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин Анал этиитигэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар саҥа ньымалары киллэриэххэ наадатын туһунан иһитиннэрбитэ. “Бырамыысыланнаска, улахан хампаанньаларга олохтоох дьон үлэлииллэрин элбэтии эрэ буолбакка, бу боппуруоска биир тиһиктээх үлэ барыахтаах. Докумуону хомуйууттан саҕалаан исписэлиистэри үөрэтэн таһаарыыга, үлэһит олорор, үлэлиир усулуобуйатын, доруобуйатын көрүүгэ тиийэ барытыгар”, – диэн кини бэлиэтээн эппитэ.

Бырайыак салайааччыта Петр Чехордун иһитиннэрбитинэн, “Навахту14.рф” сайт нөҥүө докумуоннары барытын биэриэххэ, ыраахтан олорон үөрэниэххэ сөп. “Үлэҕэ наадыйар дьон бырайыакпыт сайтыгар киирэн сайабылыанньа биэриэхтэрин, ханна, туох үлэ баарын көрүөхтэрин сөп. Сайт нөҥүө Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киининэн исписэлиистэр туһааннаах идэҕэ босхо үөрэнэллэр”, – диэн бэлиэтиир кини.

Эһиил бырайыак чэрчитинэн 1000 киһини үлэҕэ ыытар былааннаахтар. Онон баҕалаах дьон “Навахту14.рф” сайтка киирэн сайабылыанньа биэриэххитин сөп.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0