Саха сиригэр 275 тыһыынча биэнсийэлээх баар

Бөлөххө киир:

Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаата ааспыт 2021  сыллааҕы үлэтин-хамнаһын туһунан түмүктэри таһаарда.

Cаха сиринээҕи салааны салайааччы Георгий Степанов иһитиннэрбитинэн, 2021 сылга пуонда үлэтигэр уларыйыылар буолбуттар уонна социальнай эйгэҕэ көмө саҥа боломуочуйаларын судаарыстыба Биэнсийэ пуондатыгар сүктэрбит. Ол эрээри, ааспыт сыл төһө да уустуктардаах буоллар, туох баар ылыллыбыт социальнай эбэһээтэлистибэлэри барыларын толорбуттар.

Биэнсийэ пуондата билигин 33 судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор, “ФГИС ФРИ” уонна “ЕГИССО” информационнай систиэмэлэргэ сүрүннүүр оператор буолар. Саха сиригэр 2021 сыл ахсынньы 31 күнүнээҕи туругунан, булгуччулаах биэнсийэни страховкалааһын систиэмэтигэр 1,4 мөлүйүөнтэн тахса дьон тус счета, 55 тыһыынчаттан тахса “страхователь” баар.

2021 сылга булгуччулаах биэнсийэни страховкалааһыҥҥа уонна судаарыстыбаннай биэнсийэнэн хааччыйыыга барыта 13 668 биэнсийэ анаммыт. Онон, 2020 сылы кытары тэҥнээтэххэ, биэнсийэни саҥа анааһын 346-нан эбиллибит.

Судаарыстыбаннай биэнсийэнэн хааччыйыы биэнсийэтэ 2021 сыл муус устар 1 күнүттэн 3,4% индексацияламмыт. Атырдьах ыйын 1 күнүттэн 101 598 киһиэхэ страховой биэнсийэни сайабылыанньата суох хос ааҕыы (перерасчет) оҥоһуллубут. 2021 сылга Саха сиригэр барыта 80 миллиард солкуобайдаах суумаҕа биэнсийэ, босуобуйа уонна атын социальнай төлөбүрдэр төлөммүттэр.

2022 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, биэнсийэни уонна атын социальнай төлөбүрдэри ылар дьон ахсаана – 275 679 киһи. Кинилэртэн 75%-ра биэнсийэлэрин баан нөҥүө, 24%-ра — буостанан, 1%-ра – анал тэрилтэлэргэ ылаллар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Светлана Павлова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0