Сахамин Афанасьев: “Саха сирэ биэс өрүһүгэр тэҥинэн үбүлээһини ылыахтаах”

Бөлөххө киир:

“Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биэс федеральнай өрүс баар. Онно барытыгар биир ситимнээх үлэ барыахтаах. Биэс сыл иһигэр биир эрэ сиргэ аҕыйах миэтэрэ биэрэги бөҕөргөтөр тутах”, – диэн иһитиннэрэр Ил Түмэн сир сыһыаннаһыытыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев.

Саха сирэ олус киэҥ сирдээх-уоттаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Арассыыйа улахан өрүстэрэ – Өлүөнэ өрүһү таһынан Бүлүү, Халыма, Яна, Индигир – бааллар. Бу өрүстэр хааларыттан таҕыстахтарына нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэтэллэр. Ол иһин биэрэктэри бөҕөргөтүү үлэтин эрдэттэн ыытыы биһиэхэ олус улахан суолталаах, – диэн этэр Сахамин Миланович.

Кини бэлиэтииринэн, биэрэги бөҕөргөтүү биир ситимнээхтик уонна тиһигин быспакка ыытыллыахтаах.

Билиҥҥи баар быраабыланан биэс сылга биир эрэ өрүскэ, биир эрэ сиргэ быһыты, даамбаны тутууга үбүлээһини көрүү тутах. Атын эрэгийиэннэргэ биир эрэ сиргэ даамбаны тутуунан муҥурданыахха сөп буоллаҕына, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кырата үс өрүскэ тэҥинэн уонна биир ситимнээхтик биэрэктэри бөҕөргөтүү үлэтэ барыахтаах. Ол эрээри билиҥҥитэ федеральнай өрүстэргэ тэҥинэн даамбалары тутуу барбат. Уу ресурсаларын федеральнай агентствота биэс сылга биир эрэ эбийиэккэ үбүлээһини көрөр. Ити дьыаланы быһаарбат, кэнэҕэскитин да өрүстэр хааларыттан тахса, нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэтэ туруохтара. Ол иһин эрэгийиэн уратытын, күн-дьыл сылын аайы уларыйа турарын учуоттаан, федерация Саха сиригэр үбүлээһинин улаатыннарыан наада. Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии федеральнай өрүһүгэр туспа үбүлээһини ылыахтаах, – диэн этэр кини.

Сахамин Афанасьев этэринэн, Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын кытары кэлиҥҥи биэс сылга СӨ бырабыыталыстыбата тэҥҥэ үлэлэһэн Аллараа Бэстээх биэрэгин бөҕөргөтүүгэ улахан үлэни ыыппыт.

Кэнники биэс сыл иһигэр биһиги “Росводресурса” агентствотын кытары улахан үлэни ыыппыппыт. Эрэгийиэн эбийиэги былааннааһыҥҥа, бырайыактааһыҥҥа үбүлээһини угар эбит буоллаҕына, тутуутун Уу ресурсаларын агентствота үбүлээн ыытар. Ол чэрчитинэн Аллараа Бэстээххэ биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ түмүктэммитэ. Бу курдук үлэлэр бары федеральнай өрүстэргэ барыларыгар ыытыллыахтаахтар, – диэн иһитиннэрэр кини.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0