Сахамин Афанасьев “Майаат” бириискэ үлэтин билистэ

Ааптар: 
13.08.2019
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 7-8 күннэригэр СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Сахамин Афанасьев “Анаабыр алмаастара” АУо-ҕа “Майаат” бириискэҕэ сырытта.


Миниистир производственнай эбийиэктэри, хайаттан хостуур учаастактары, суортуур комплекстары көрдө.
Сүрүн болҕомтону хайа-тэхиньиичэскэй уонна биологическай харайыы ыытыллыбыт, үлэлээн бүппүт хайаттан хостуур учаастактарга уурда. Бу учаастактарга сылдьар кэмигэр Н.Е.Сивцева салайааччылаах “СӨ НА Арктикатааҕы научнай-чинчийэр киинэ” тэрилтэ наукаҕа сотрудниктара биологическай рекультивацияны ыыта сылдьаллара. Наталья Елизаровна Хоту дойду прикладной экологиятын иснтитутун кытта 2006 с. ыытыллыбыт туһаныллыбыт сирдэри чөлүгэр түһэрии түмүктэрин, ыһыы үлэтин ньымаларын кэпсээтэ.
Салгыы миниистир хаарбах тимири быстах харайар сири көрдө. Манна кыһыҥҥы суолунан Үрүҥ Хайаҕа диэри, салгыы эһиил Хотугу муора суолунан Архангельскайга диэри ыытыллыахтаах хара тимири хомуйан, бирикиэттээһин ыытыллар.
“Майаат” бириискэни уотунан хааччыйааччылар миниистири баахта бөһүөлэгин уонна производственнай эбийиэктэри сылааһынан уонна итии уунан хааччыйар анал хочуолларга хайа тиэхиньикэтин туһаныыттан үөскээбит туһаныллыбыт арыылары хайдах харайалларын көрдөрдүлэр.
Сахамин Афанасьев баахта үлэһиттэрин үлэлиир усулуобуйаларын билистэ, суортуур комплекстарга, өрөмүөннүүр-механическай мастарыскыайдарга сырытта.
Бу сырыытын түмүгэр С.М.Афанасьев “Анаабыр алмаастара” хампаанньа сири чөлүгэр түһэриигэ (рекультивация) улахан кээмэйдээх үлэни ыыппытын бэлиэтээтэ.
“Хампаанньа биологическай чөлүгэр түһэриини толору баһылаабыта көһүннэ. Бытархай алмааһы хостооһун ыытыллыбыт “Майаат” баайдаах сиригэр билиҥҥи туругунан сири чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллан, бары ландшафтнай үлэлэр толоруллубуттар.
Маны сэргэ, Сахамин Афанасьев атын баайдаах сирдэргэ алдьатыллыбыт сирдэргэ эмиэ маннык үлэ ыытылларын эттэ. “Маннык чөлүгэр түһэрэр үлэни хампаанньа бэйэтин үбүн суотугар ыытар, айылҕа харыстабылыгар кырата суох ороскуоту көрсөн. Рекультивация үлэтин бары көрүҥнэрин хайа үлэтин былааныгар киллэрбиттэрэ хайҕаллаах. Хампаанньа айылҕа харыстабылыгар анал структуралардаах, аккредитациялаах лаборатория миэстэтигэр тута хонтуруоллуур. Сири чөлүгэр түһэрии икки циклтэн турар, бастакыта – лицензиялаах учаастактары төрүт көрүҥэр төнүннэрии, ол кэнниттэн буор кутан, оту үүннэрэллэр”, — диэтэ.
Миниистир хампаанньа хаарбах тимири хомуйан, Архангельскайга диэри Арктика суолун туһанан тиэрдэрин бэлиэтээтэ.
Тиэйэн илдьэргэ анаан хаарбах тимири миэстэтигэр анал биригээдэлэр бэлэмнииллэр, кинилэр бары тутуулары көтүрэн, туспа контейнердарга угаллар. Хаарбах тимири бары производственнай эбийиэктэртэн хомуйаллар. Билигин “Майаат” толору чөлүгэр түстэ. Онно туох да хаалбата, бары тимир уонна мас тутуулары көтүрэн, тиэйдилэр”, — диэтэ миниистир.
Миниистир “Анаабыр алмаастара” хампаанньа хоту дойду уйан айылҕатыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарын бэлиэтээтэ.
Уу эбийиэктэриттэн туһалаах баайы туһанааччылар “Анаабыр алмаастара” уопутун үөрэтэллэригэр сүбэлиэм этэ. Уһук Хоту дойдуга маннык ураты уопут баара үчүгэй”, — диэн түмүктээтэ С.Афанасьев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0