Сахамин Афанасьев: «Кэллиэгэлэрбэр бииргэ таһаарыылаахтык үлэлээбиккитигэр уонна эрэммиккитигэр ис сүрэхпиттэн махтанабын!»
Сахамин Афанасьев 2014 сылтан өрөспүүбүлүкэ сүрүн экологынан үлэлээн кэллэ, ол аата аҕыс сыл устата тустаах министиэристибэни таһаарыылаахтык салайда диир толору кыахтаахпыт. Бу сылларга экологияны уонна тулалыыр эйгэни харыстааһын, каадыры бэлэмнээһин, аан дойду таһымнаах былаһааккаларга үлэтин туһунан Сахамин Милановичтыын атах-тэпсэн олорон кэпсэттибит.
—— Сахамин Миланович, эн сир баайын туһанааччылар, хостооччулар үлэлэрин тус бэйэҥ хонтуруолгар ылан үлэлиигин, хайаан да тиийэн үлэлэрин билсэҕин. Өрөспүүбүлүкэбитигэр экологическай быһыы-майгы хайдаҕый?
— Тулалыыр эйгэни харыстыыр дьаһаллар тиһиктэрин уонна айылҕаны харыстааһын, эппиэтинэһи үрдэтии, надзорнай уонна мониторинговай дьаһаллар хаачыстыбаларын тупсарыы ыытылынна. Тулалыыр эйгэни киртитии баарын үрдүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ экологическай быһыы-майгы этэҥҥэ диир кыах баар. Сыл аайы үс тыһыынчаттан тахса хонтуруоллуур-бэрэбиэркэлиир дьаһаллар ыытыллаллар. Тулалыыр эйгэни бэрэбиэркэлээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун 56 %-ҥа диэри улаатыннардыбыт. Бу улахан ситиһии. Манна даҕатан эттэххэ, үлэ биир тутаах хайысхатынан кылгас кэмҥэ тулалыыр эйгэни харыстыыр кэлим бырагыраамалары ырытан оҥорон, олоххо киллэрии буолар. Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баар бөдөҥ хампаанньалар тулалыыр эйгэни харыстыылларыгар аналлаах 47 кэлим бырагыраамалар олоххо киллэриллэллэр. Бу айылҕа харыстабылын эбийиэктэрин тутууга уонна саҥардыыга аналлаахтар. Кэлиҥҥи сылларга бу бырагырааманан 12 млрд солк. кэриҥэ көрүллэр. Мин өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарыгар сир баайын хостоон туһанааччылары кытта балачча билсистим. Кэнники сылларга тулалыыр эйгэни харыстааһын боппуруостарыгар ураты болҕомто уурулларын бэлиэтиэххэ наада, үгүс хампаанньалар тулалыыр эйгэни харыстыырга аналлаах бырагыраамалаахтар. Тулалыыр эйгэҕэ дьайыыны оҥороллорунан сибээстээн, төлөбүрү киллэрэллэр, бэйэлэригэр лабораториялаахтар, ойууру чөлүгэр түһэриинэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Биһиги айылҕаттан аҥаардастыы туһаныа суохтаахпыт, тулалыыр эйгэбитин чөлүгэр түһэрэргэ дьулуһуохтаахпыт, онно сөптөөх үлэни ыытыахтаахпыт. Үлэм хайысхатынан улахан болҕомтону уопсастыбаннаһы кытта үлэҕэ уурбутум. Бу сылларга биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус күүстээх экологическай хамсааһын оҥоһулунна. Уопсастыбаннай-экологическай тэрилтэлэрбит оскуолалартан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тиийэ былааннахтык үлэлииллэр. Ордук 20-чэкэ киһи олус көхтөөхтүк үлэлиирэ биллэр. Министиэристибэ иһинэн 22 киһилээх уопсастыбаннай-экологическай сэбиэт тэриллибитэ. Кинилэр ортолоругар айылҕа харыстабылын бэтэрээннэрэ, наука бэрэстэбиитэллэрэ, урбаанньыттар уонна уопсастыбаннай хамсааһыннар, тэрилтэлэр салайааччылара бааллар. Маны таһынан, министиэристибэ иһинэн научнай-техническэй сэбиэт тэриллибитэ, манна наука уопсастыбаннаһын бэрэстэбиитэллэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ науканан дьарыктанар тэрилтэлэр киирбиттэрэ. Ону тэҥэ 755 киһини хабар уопсастыбаннай-экологическай инспектордар институттара тэриллибитэ. Уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна хамсааһыннар өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй олоҕор экология уонна тулалыыр эйгэни харыстааһын боппуруостарыгар саамай улахан оруоллаахтар. Уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна хамсааһыннар көхтөөх үлэлээх буолан, айылҕаны туһанааччылар тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыанаһалларыгар эппиэтинэстэрин күүһүрдэр, туох эмит сыыһа-халты тахсыбытын туоратыыга көмөлөрө олус улахан. Санатар буоллахха, 2017 сыллаахха айылҕа харыстабылын бэтэрээннэрин Сэбиэтэ тэриллибитэ. Аҕам саастаах, уопуттаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх кэллиэгэлэрбит билигин үлэлии сылдьар исписэлиистэргэ үөрүүнэн көмөлөһөллөр, профессиональнай уопуттарыттан өрүү сөптөөх сүбэни-аманы биэрэллэр. Биһиги бэтэрээннэрбитин кытары Саха сирин экологиятын иһинэн тэриллибит эдэр экологтар сэбиэттэрэ ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Кинилэр өр сыллаах үлэлэрин уопута, билиилэрэ-көрүүлэрэ биһиэхэ олус көдьүүстээх, наадалаах.
—— Айылҕа ураты харыстанар сирдэрэ-уоттара Саха сирин киэн туттуутунан буолаллар. Бу өттүгэр туох үлэ ыытыллыбытын билиһиннэр эрэ. Ураты харыстанар сирдэр территориялары төһө улаатарый?
— Саха сиригэр ураты харыстанар сирдэр систиэмэлэрэ хотугу уонна Арктика территорияларын ураты айылҕалаах комплекстарын харыстааһыҥҥа сүрүн суолталаах. Бүгүҥҥү туругунан ураты харыстанар сирдэр иэннэрэ өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун уопсай иэнин 37,87 %-гар тэҥнэһэр. 2014 сыллаахха ити көрдөрүү 29,761 % этэ. Ол аата ити сылга Саха сиригэр 217 ураты харыстанар сир баар эбит буоллаҕына, билигин 235-кэ тиийбит. Кинилэр ортолоругар 7 федеральнай, 130 өрөспүүбүлүкэ уонна 98 олохтоох суолталаах ураты харыстанар сир-уот баар. Бу үлэ «Биологическай уратыны харыстааһын уонна экологическай туризмы сайыннарыы» диэн федеральнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. «Өлүөнэ очуостара» уонна «Кыталык» диэн национальнай пааркалар, «Эһэ арыыта» диэн заповедник, “Новосибирскай арыылара” диэн заказник тэрилиннилэр. Биһиги министиэристибэбит биир дьоһуннаах ситиһиитинэн, 2032 сылга диэри (ону ааһан, 2050 сылга диэри) Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр айылҕа ураты харыстанар сирдэрин сайыннарыыга аналлаах Схеманы оҥорбута буолар. Схема былырыын ахсынньыга бигэргэммитэ. Биһиги исписэлиистэрбит уонна учуонайдарбыт научнай төрүккэ олоҕуран сүрдээх улахан үлэ ыыттылар. Тустаах Схема Саха сиригэр федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ суолталаах ураты харыстанар саҥа сирдэри тэрийэр сыаллаах, ону тэҥэ, 2050 сылга диэри олохтоох суолталаах ураты харыстанар сирдэр статустарын үрдэтиигэ туһуланар дьаһаллар бааллар. Бу тэрээһин ураты айылҕаны харыстыыр, научнай, культурнай, эстетическэй суолталаах эбийиэктэри оннунан хаалларыыга улахан көдьүүстээх буолара саарбаҕа суох. Саха сиригэр ураты харыстанар сирдэр территориялара тэриллиэҕиттэн ыла 25 сыл ааста. Бу сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ тугунан да сыаналаммат уһулуччулаах уопут, үөрүйэх, научнай төрүккэ олоҕурбут билии-көрүү мунньулунна. Кэллиэгэлэрбитин атын эрэгийиэннэргэ эрэ буолбакка, тас дойдулар билинэллэринэн сылыктаатахха, айылҕа ресурсаларын харыстааһыҥҥа биир инники күөҥҥэ сылдьарбытын уонна үрдүк таһымнаах исписэлиистэрдээхпитин туоһулуур.
—— Министиэристибэ «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Ойууру харыстааһын», «Ыраас дойду» уонна «Биологическай уратыны харыстааһын уонна экологическай туризмы сайыннарыы» диэн федеральнай бырайыактары олоххо киллэриинэн дьарыктанар. Бу туһунан билиһиннэр эрэ.
— «Ойууру харыстааһын» бырайыак ойууру чөлүгэр түһэрии уонна эрэгийиэннэргэ ойуур баһаардарын утары охсуһуу көдьүүһүн үрдэтиигэ туһуланар. 2019 сылтан барыта 128 300,37 гектардаах сиргэ ойууру чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытылынна. Быйыл 78700 гектар иэннээх сиргэ-уокка ойууру чөлүгэр түһэрэргэ аналлаах үлэ былаан быһыытынан барда. Ойууру чөлүгэр түһэриинэн дьарыктанар тэрилтэлэр ойуур хаһаайыстыбатын 14 оборудованиетынан хааччылыннылар. 2019 сылтан бу бырайыак чэрчитинэн, ойуур баһаарын умуруорарга аналлаах 82 тиэхиньикэ уонна 26 анал оборудование атыылаһыллан бэрилиннэ. Кэмигэр оройуоннарга ойуур баһаарын умуруорууга аналлаах саҥа тиэхиньикэлэр түҥэтиллибиттэрэ быйыл элбэх ойуур баһаардара турбуттарыгар улахан көмө буолла. Быйыл ойуур баһаарын умуруорууга аналлаах 65 тиэхиньикэни, 150 анал оборудованиены, ойуур хаһаайыстыбатыгар аналлаах 2 тиэхиньикэни уонна 12 анал оборудованиены атыылаһарга былаан ылыммыппыт. Итинтэн билигин ойуур баһаарын умуруорууга аналлаах 44 тиэхиньикэ, 45 анал оборудование, ойуур хаһаайыстыбатын 2 тиэхиньикэтэ уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар туһаныллар 6 оборудование тустаах аадырыстарыгар тиэрдиллибиттэрэ. «Ыраас дойду» бырайыакка Усуйаана улууһугар Кулардааҕы көмүс хостуур фабрика хвостохранилищетын суох оҥоруу киирбитэ. Ол чэрчитинэн, эбийиэги суох оҥорууга бэлэмнэнии үлэлэрэ ыытыллан түмүктэннэ. Үлэни толоруохтаах бэдэрээтчит быһаарыллан, хантыраак түһэрсиллибитэ. Онон билигин тустаах үлэ саҕаланна. Ону тэҥэ, национальнай бырайыак чэрчитинэн, Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга федеральнай суолталаах 4 ураты харыстанар сирдэр баар буоллулар. Ол курдук, «Өлүөнэ очуостара» уонна «Кыталык» диэн национальнай пааркалар, «Эһэ арыылара» уонна «Новосибирскай арыылар» диэн судаарыстыбаннай заповедниктар тэриллибиттэрэ. 2021 сылга «Лаптевоморский» диэн федеральнай суолталаах заказник баар буолара күүтүллэр. Маны таһынан, «Улахан Токо» уонна «Муома» судаарыстыбаннай заповедниктары тэрийиигэ аналлаах матырыйааллары бэлэмнээһин түһүмэҕэр тиэрдилиннэ.
—— Үөһэ ахтан ааспыккыт курдук, «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Кыталык» национальнай паарката уонна «Эһэ арыыта» судаарыстыбаннай заповедник тэриллибиттэр. Бу сирдэргэ баар, үөскүүр харамайдар уонна кинилэри харыстыырга туһуланар тэрээһиннэр тустарынан кэпсээ эрэ.
— «Үрүҥ туруйаны харыстааһын» бырагыраамата 2015 сыллаахха аан дойдутааҕы айылҕа харыстабылын пуондатын, биологическай ресурсалар дирекциялара, СӨ Экологияҕа министиэристибэтин ураты харыстанар сирдэрин уонна «Стерх» пуонда икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэһиигэ олоҕуран оҥоһуллубута. Арассыыйаҕа тустаах бырагыраама сүрүн эрэгийиэнинэн көтөрдөр уйаланар сирдэрэ-уоттара — Саха сирэ буолар. Өссө 2016 сыллаахха бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн, Аллайыаха, Орто Халыма, Абый, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Томпо оройуоннарыгар туруйаны уонна да атын сэдэх көтөрдөрү үөрэтэр-чинчийэр үлэлэр ыытыллыбыттара. Эбии үбүлээһин көрүллэн, АН-3 сөмөлүөтүнэн 2450 км усталаах маршрутунан авиационнай учуот ыытыллыбыта. Чинчийии түмүгүнэн туруйа хайа сиринэн сайылыыра, ону тэҥэ, туундара эргимтэтигэр сымыыттыыра уонна Алдан өрүс орто тардыытынан көтөн ааһара быһаарыллыбыта. Оттон 2017 сыл күһүнүгэр Алдан оройуонугар бастайааннай кэтээн көрөр пуунугар 9 сыл иһигэр элбэх көтөрдөр кэлэн ааһыылары бэлиэтэммитэ. Онтон 2019 сыллаахха «Охрана и мониторинг восточной популяции» бырайыагынан Бөрөлөөх, Кэрэмэһит уонна Хара Уулаах үрэхтэр аллараа тардыыларыгар чинчийии ыытыллыбыта. Эрдэ тэриллибит модельнай учаастактарга барыларыгар туруйалар бааллара быһаарыллыбыта. Бары үөрдэргэ эдэр туруйалар бааллара бэлиэтэммитэ. Ити сыл күһүнүгэр 2128 үрүҥ туруйа баара регистрацияламмыта. Туруйа илиҥҥи популяциятын харыстааһыны күүһүрдэр сыалтан РФ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан 2019 сыл ахсынньы 24 күнүгэр «Кыталык» национальнай паарка тэриллибитэ. Үрүҥ эһэ туһунан этэр буоллахха, 2008 сылтан Саха сирэ Арассыыйатааҕы WWF «Эһэ патрула» диэн бырайыакка киллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн, үрүҥ эһэлэр үөскүүр сирдэригэр, чуолаан, Аллараа Халыма уонна Аллайыаха оройуоннарыгар кэтээн көрүү ыытыллар. Маннык хабааннах үлэлэр ыытыллалларын түмүгэр, үрүҥ эһэлэри баракыньыардаан бултааһыны бобору таһынан, алдьархайдаах балаһыанньаҕа түбэспит кыылга сөптөөх көмөнү оҥорорго кыаҕы биэрэр. 2007-2019 сылларга ыытыллыбыт чинчийии түмүгүнэн, Аллайыаха уонна Аллараа Халыма оройуоннарыгар 165-тэн итэҕэһэ суох кырачаан эһэ төрөөбүтэ биллибитэ. 2020 сыллаахха РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан «Эһэ арыыта» судаарыстыбаннай заповедник тэриллибитин бары өйдүүбүт. Быйыл биэс арыыга чинчийии ыытыллыбытыгар, сэттэ арҕах баара биллибитэ. Олорго алтатыгар үрүҥ эһэлэр уонна бииригэр оҕолоох тыһы эһэ бааллара быһаарыллыбыттара. Ити арыылар эргин 28-30 араас саастаах үрүҥ эһэ баара биллибитэ уонна эһэ, олортон 11-рэ быйыл төрөөбүттэрэ быһаарыллыбыта.
—— СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ уонна Арассыыйатааҕы дьиикэй айылҕа аан дойдутааҕы пуондата бииргэ 27 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээн кэллилэр. Саха сирэ өссө 1993 сыллаахха пуонда чилиэнинэн буолбута. Ханнык-туох холбоһуктаах бырайыактар олоххо киирдилэр?
— 27 сыл иһигэр WWF уонна Саха сирин икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһиҥҥэ ураты уопут мунньулунна. Пуонда көмөтүнэн айылҕа саҥа резерваттара баар буоллулар, анал информационнай кииннэр тутулуннулар, инспектордарга сэминээрдэр ыытылыннылар уонна баракыньыардары утары рейдэлэр тэрийилиннилэр. Саха сиригэр Арассыыйатааҕы WWF актыыбынай кыттыытынан уонна биһиги министиэристибэбитинт кытта «Новосибирскай арыылар» диэн заказник тэриллибитэ. Бу дойдуга учаастагын иэнинэн саамай улаханнара, оттон ураты харыстанар сирдэргэ иккис миэстэлээҕинэн биллэр. Эрдэ эппитим курдук, Арассыыйатааҕы WWF «Эһэ патруля» бырайыагын чэрчитинэн, үрүҥ эһэлэри кэтээн көрүү үлэтэ ситиһиилээхтик ыытыллар. СӨ Экологияҕа министиэристибэтин күүһүнэн уонна аан дойдутааҕы дьиикэй айылҕа пуондата үбүнэн көмөлөһөн, WWF Саха (Чаруода) уонна «Кыталык» диэн ресурснай резерваттар тэриллибиттэрэ. WWF баар үтүө доҕотторбут быйыл элбэх баһаардаах сайыҥҥа Сахабыт сиригэр баар ураты харыстанар сирдэргэ турбут ойуур баһаардарын умуруорууга тиэхиньикэ уонна анад оборудованиены ыларбытыгар көмөлөспүттэрэ. Ылыллыбыт тиэхиньикэлэр «Сиинэ” аан айылгы пааркаҕа турбут ойуур баһаарын умуруорууга үлэлээбиттэрэ.
—— Биһиги билэрбитинэн, эһиги салалтаҕытынан WWF-ны кытта эрэ буолбакка, туруйалары харыстыыр аан дойдутааҕы пуонданы кытта бииргэ үлэлээһин ыытыллыбыта.
— Манна WWF-ны, туруйалары харыстыыр аан дойдутааҕы пуонданы, Канадаттан Саха сиригэр бизоннары аҕалыыны уонна Хотугу форум бырайыак уонна Арктикатааһы Сэбиэт (CAFF) чэрчилэринэн бииргэ үлэлээһиннэри киллэриэххэ наада. Саха сирин ураты харыстанар сирдэрэ аан дойдутааҕы бииргэ үлэлээһин холобурунан буолаллар. Аан дойдутааҕы бииргэ үлэлээһин көмөтүнэн, эрэгийиэннээҕи ураты харыстанар сирдэр аан дойдутааҕы тиһиктэргэ киирдилэр. Бу сирдэргэ экологическай кэтээн көрүүлэр ыытыллар, биологическай уратыларын харыстааһыҥҥа болҕомто ууруллар уонна экологическай сырдатыыга үлэлэр барар буоллулар. 2015 сыллаахха ЮНЕСКО иһинэн бастайааннай бэрэстэбиитэл Элеонора Митрофанова салалталаах Российскай Федерация делегацията наадалаах докумуоннары номинацияҕа кыттарга хаачыстыбалаахтык бэлэмнээбитэ. Ити түмүгэр, Германияҕа ыытыллыбыт ЮНЕСКО аан дойдутааҕы нэһилиэстибэтин 39-с сессиятыгар Сиинэ очуостара ураты сыаннастара билиниллэн, 2012 сыллаахха аан дойду нэһилиэстибэтинэн билиниллибит «Өлүөнэ очуостара» эбийиэк састаабыгар киллэриллибиттэрэ. Ону таһынан, 2017 сыллаахха ЮНЕСКО уонна Саха сирэ Коммюникеҕа илии баттаабыттара, онно Саха сирэ ЮНЕСКО аан дойдутааҕы экологияҕа «Человек и биосфера» уонна геонаукаларга, геопаркаларга сыһыаннаах бырагыраамаларыгар кыттарын туһунан дьоһун суолталаах пууннар киирбиттэрэ. Итинэн сиэттэрэн, Аллайыаха улууһугар «Кыталык» судаарыстыбаннай базатыгар ЮНЕСКО биосфернай резерватын, ону тэҥэ «Кембрий» геопарканы тэрийэр туһунан идиэйэ өйөбүлү ылбыта. 2019 сыллаахха «Кыталык» национальнай паарка тэриллибитэ. «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын аан дойдутааҕы ЮНЕСКО нэһилиэстибэтин эбийиэгин быһыытынан харыстааһыҥҥа аналлаах уонна «Кембрий» геологическай пааркатын тэрийэр үлэлэр ыытыллаллар. Былааннанар геопаарка иэнэ 2 мөл. гектарга тэҥнэһэр уонна Алдан, Өлүөхүмэ, Хаҥалас оройуоннарыгар баар айылҕа 12 геологическай пааматынньыктарын хабар. Улахан үлэ аан дойдутааҕы Хотугу форум диэн тэрилтэни кытта ыытыллар. Хотугу форум дьоһун суолталаах бырайыагынан айылҕа ураты харыстанар сирдэрин сайыннарарга аналлаах оробуочай бөлөх тэрилиннэ. Холобур, өрөспүүбүлүкэтээҕи «В.Г.Алексеев аатынан Орто дойду» зоопарк Хотугу Форум «Сотрудничество северных зоопарков» диэн бырайыагар кыттар уонна 2015 сыллаахха тустаах бырайыак лиидэринэн буолбута. Зоопарка кэллиэксийэтигэр 197 араас таксономическай харамайдар бөлөхтөрө баар. Туһааннаах комплекс олоххо киирдэҕинэ, бу бырайыак ЮНЕСКО аан дойдутааҕы нэһилиэстибэтин харыстыырга аналлаах Конвенцияны кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир геопарк аан дойдутааҕы ситимигэр киирэригэр кыах баар.
—— 2017 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ экологтарын II съезтэрэ буолбута, урут Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнин көҕүлээһининэн, өссө 1995 сыллаахха ыытыллыбыта.
— 2017 сыл муус устар ыйыгар Арассыыйаҕа Экология уонна ураты харыстанар сирдэр сылларынан сибээстээн, экологтар II съезтэрэ буолбута. 753 делегат уонна ыалдьыт кыттыбыта. Тэрээһин биир сүрүн түгэнинэн СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна аан дойдутааҕы дьиикэй айылҕа пуондатын (WWF) икки ардыларыгар Сөбүлэһии түһэрсиллибитэ. Онно Ил Дархан Егор Борисов уонна Арассыыйаҕа WWF дириэктэрэ Игорь Честин илии баттаабыттара. Ону тэҥэ, СӨ научнай-чинчийэр тэрилтэлэригэр тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа үлэлиир учуонайдар, исписэлиистэр, уопсастыбаннай-экологическай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, СӨ айылҕа харыстабылын бэтэрээннэрэ санааларын, этиилэрин эппиттэрэ. Съезд үлэтин түмүгүнэн, СӨ экологтарын II съеһин резолюцията ылыныллыбыта уонна Саха сирин муниципальнай тэриллиилэригэр экологическай быһыыны-майгыны тупсарыыга бастакы уочараттаах дьаһаллара бигэргэтиллибитэ.
—— Ойуур бизоннара Саха сирин олохтоохторугар өрүү интэриэһи үөскэтэллэр. Ити кыыллар ахсааннара төһөҕө тиийдэ?
— 2006 сылтан ойуур бизонун Саха сиригэр аҕалан иитии, олохсутуу киэҥ далааһыннаахтык саҕаламмыта. 2006 сыллаахха Канада «Элк Айленд» национальнай пааркатыттан Саха сиригэр бастаан 30 эдэр бизоннары аҕалбыттара. Салгыы 2011, 2013 уонна 2020 сылларга ити пааркаттан барыта холбоон, 90 төбө кэлбитэ. Саха сиригэр ити кыыллары аҕалан олохсутуу суолтата олус улахан. Ол курдук, ойуур бизоннара популяция быһыытынан уопсай генофонда ахсаанын элбэтэр ураты аналлаахтар. 2021 сыл саҥатынааҕы туругунан, Саха сиригэр 250 ойуур бизона баар. Бу кыыллары үөскэтэр уонна чинчийэр инниттэн Хаҥалас улууһугар «Уус-Буотама» уонна Горнай улууһугар «Тыымпынай» питомниктар тэрилиннилэр. Кинилэр тустаах инфраструктуранан, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтиттэн саҕалаан араас кыамталаах массыыналарын, “Бураннарынан” толору хааччылыннылар. Билигин питомниктарга барыта 155 ийэ сүөһү баар. Холобур, «Уус-Буотамаҕа» 44 төбө, «Тыымпынайга» 112 төбө тураллар. Ону таһынан, 2020 сыллаахха «Сунтаар улууһа» МТ дьаһалтатын кытта үһүс питомнигы тэрийбиппит, онно 10 ойуур бизона бэриллибитэ. Ойуур бизоннарын питомниктарга тутан көрөр-истэр кэмҥэ научнай-чинчийэр үлэлэр ыытыллыбыттара уонна харамайдар Саха сирин киинин айылҕатын усулуобуйатыгар, ордук аһылык өттүнэн ирдэбилгэ толору эппиэттииллэрэ быһаарыллыбыта.
—— Аны туран, Саха сиригэр овцебыктар бааллар. Бизоннартан итэҕэһэ суох интэриэһи тардаллар.
— 1996 сыллаахха биһиги өрөспүүбүлүкэбитгэр «Саха сирин туундаратыгар овцебыктары тарҕатыы» бырайыагынан үлэ саҕаламмыта. СӨ биологическай ресурсаларын уонна ураты харыстанар сирдэр дирекцияларын үлэһиттэрэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар Улахан Бегичев арыытыгар уонна Ямалга 11-дэ төхтөрүйэн тиийэн, 190 овцебыгы тутан, Саха сирин туундаратыгар аҕалбыттара. Билигин бу харамайдар Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ уонна Аллараа Халыма оройуоннарыгар бааллар, уопсай ахсааннара 3800 тиийдэ. Былаан быһыытынан Усуйаана оройуонугар илдьэн үөскэтиэхпит. Бу харамайдар үөскүүр ыырдарын кэҥэтэр инниттэн 2018 сыл атырдьах ыйыгар Саха сириттэн овцебыктары Магадан уобалаһыгар илдьэн ыыппыппыт. 2019 сыллаахха Аллайыаха улууһун дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрин кытта бэйэ бородууксуйатын ылар туһугар обцебыктарга аналлаах ферманы тэрийэр туһунан боппуруостар тула кэпсэтии ыытыллыбыта. 2020 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускай, Магадан уонна Москва исписэлиистэрэ Анаабыр улууһуттан (Улахан Бегичев арыытыттан) 25 овцебыгы тутан ылан, Магадан уобалаһыгар илдьэн ыыппыттара. Саха сиригэр овцебыктары иитэр кыах баар, тоҕо диэтэххэ, бу харамайдар туундара эргимтэтигэр уонна ону таһынан, Дьааҥы, Черскэй, Муома сис хайалардаах сирдэригэр-уоттарыгар төһө баҕарар үөскээн тэнийэр кыахтаахтар. томтороот туундара сис туундара. Былаан быһыытынан овцебыктар уопсай ахсааннара Саха сиригэр 150 тыһыынчаҕа тиийиэхтээх. Ол аата кэлин бу кыыллар ахсааннара элбээтэҕинэ, дьиикэй табаны, онтон да атын кыыллар бултаныыларын аҕыйатарга көмөлөһүөхтэрэ. уонна атын бултуур сүөһү көрүүтүн аҕыйатарга көмөлөһүөҕэ. Ол гынан баран, бу улуу кыыллар Саха сирин Кыһыл Кинигэтигэр киирбиттэрэ.
—— Дьэ санаабычча, Саха сирин Кыһыл кинигэтин туһунан кэпсэтиэххэ. Бу тустаах министиэристибэ исписэлиистэрэ учуонайдары кытта бииргэ үлэлээбиттэрин үтүө түмүктэрэ буолар.
— Саха сирин Кыһыл кинигэтэ РФ Кыһыл кинигэтин курдук биологическай көрүҥнэр тыыннаах хаалалларын хааччыйар аналлаах судаарыстыбаннай юридическай суолталаах докумуонунан буолар. Саха сиригэр Кыһыл кинигэ бастакы таһаарыыта 1987 сыллаахха күн сирин көрбүтэ, онно 331 үүнээйи көрүҥэ киллэриллибитэ. Иккис кинигэ 2000 сыллахха тахсыбыта, онно 337 үүнээйи көрүҥэ 13 лабыкта көрүҥэ, 7 лишайник уонна 10 тэллэй киирбиттэр. Дьэ уонна 2017 сыллаахха үһүс таһаарыы күн сирин көрбүтэ уонна 266 үүнээйи көрүҥэ, 21 муох көрүҥэ, 1 лабархай, 21 лишайник көрүҥэ уонна 11 тэллэй киллэриллибиттэрэ. Оттон 2019 сыллахха СӨ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киллэриллиэхтээх кыыл-сүөл көрүҥнэрин испииһэгэ бигэргэммитэ. Сахабыт сирин Кыһыл кинигэтин иккис томун үһүс таһаарыытыгар кыыл-сүөл 134 көрүҥэ, ол иһигэр 40 үөн-көйүүр, 4 балык, 2 сиринэн уонна ууга сылдьааччылар, 2 рептилия, 66 көтөр уонна 20 үүтүнэн иитиллээччилэр көрүҥнэрэ киллэриллибиттэрэ. Итинтэн 49 көрүҥ аан бастаан, ол иһигэр 28 үөн-көйүүр, 16 көтөр, 5 үүтүнэн иитиллээччилэр испииһэктэммиттэрэ. Кыһыл кинигэ – бу баар кыһалҕаларга тус-туһунан көрүүлээх исписэлиистэрдээх бүтүн кэлэктиип улахан үлэтин үтүө түмүгэ буолар. Ол иһин, харыстаныллар көрүҥнэр испииһэктэрин оҥорууга хас биирдии исписэлиис санаата учуоттаныллыахтаах этэ. Итэҕэйиҥ, ол олус уустук боппуруос.
—— 2016 сылтан СӨ Экологияҕа министиэристибэтигэр булт уонна бултуур ресурсалары харыстааһыҥҥа сыһыаннаах боломуочуйалар сүктэриллибиттэрэ. Бастаан утаа туох-ханнык ыарахаттары көрсүбүккүтүй? Олору быһаарбыккыт дуо?
— 2016 сыллаахха булка аналлаах көҥүлү биэрэр туһунан боппуруос сытыытык турбута. Этэргэ дылы, атыыр уочарат бэрээдэгинэн бэриллэрэ. Булчуттар хас да күннээх уочаракка турбуттарын бары өйдүүбүт. Оннооҕор Саха сирин ИДьМ-ин үлэһиттэрэ кэлэн бэрээдэги көрүүгэ кыттыбыттара. Ону тэҥэ, булт ресурсаларыгар квота ситэтэ суоҕа. Онон улт ресурсатын ахсаанын быһаарыыга үлэни хаачыстыбалаахтык ыытар эрэйиллэрэ өйдөммүтэ. Итини тэҥэ, ол кэминээҕи булт быраабылатын ирдэбиллэригэр, хааччахтааһыннарыгар үгүс булчуттар адьас сөпсөспөттөрүн биллэрбиттэрэ. Ол иһин, мин булт хаһаайыстыбатын департаменын исписэлиистэригэр тустаах көҥүлү ылыыны судургутутарга сорудахтаабытым. Ол түмүгэр, улт көҥүлүн биэрии механизма саҥаттан оҥоһуллан, аныгы сайдыылаах кэм технологияларын туһанан лаппа судургутуйда. илигин булт көҥүлэ Саха сирин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрүн порталын көмөтүнэн бэриллэр буолла. 2016 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, бултуурга аналлаах көҥүлү биэрии 2 төгүл улаатта. Холобур, 2016 сыллаахха 38 тыһыынчаттан тахса көҥүл бэриллибит буоллаҕына, 2020 сыллаахха 63 тыһыынчаттан тахса көҥүл үллэһиллибит. Мантан сиэттэрэн, бултааһын хайысхатыгар судаарыстыбанай тустаах өҥөнү оҥоруу хаачыстыбата үрдээбитин бэлиэтиир наадалаах. СӨ экологияҕа уонна инновацияҕа министиэристибэлэрэ, СӨ Ил Түмэнин дьокутааттара уонна Саха сиринээҕи балыктааһын сойууһун уопсастыбаннай тэрилтэ бииргэ үлэлээн, 2020 сыл олунньутугар булт көҥүлүн үллэрии бэрээдэгэ уларытыллыбыта, чуолаан СӨ «Булт уонна булт ресурсаларын харыстааһын туһунан» сокуон 11-с ыстатыйатыгар уларытыылар киллэриллибиттэрэ. Ол уларыйыыларга сөп түбэһиннэрэн, уопсай бултаныллар сиргэ көрүллэр квота 35 %-на муниципальнай оройуоннарга бэриллэр буолбута. Онон ол квота муниципальнай оройуоннарга тэриллибит хамыыһыйалар быһаарыыларынан түҥэтиллэр. Бу электроннай сэрэбиэй көмөтүнэн быһаарыллар. Тустаах сокуоҥҥа сөптөөх уларыйыы киирбитин түмүгэр, 2020 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгытын булт көҥүлүн биэриигэ (кыыл табаҕа уонна киискэ уратыларга) электроннай сэрэбиэй ыытыллыбыта. Сэрэбиэй кэмигэр 11 873 сайабылыанньа иннэ-кэннэ быһаарыллыбыта, 1273 сайабылыанньалаах сөптөөх эппиэти ылбыта. Онон биһиги министиэристибэбит РФ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ 2020 сыл от ыйын 24 күнүгэр ылыммыт булт Быраабылатын ырытан оҥорууга улахан үлэни ыытта.
—— Сахамин Миланович, 2019 сыллаахха министиэристибэҕэ балыктааһыны тэрийии уонна бэрээдэктээһин федеральнай боломуочуйалара бэриллибиттэрэ. Бу салааҕа туох үлэ ситиһилиннэ?
— Биирдиилээн балыксыттартан саҕалыахха. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн любительскай балыктааһын туһунан федеральнай сокуон күүһүгэр киирбитэ, онно сөп түбэһиннэрэн, РФ гражданнара уопсай туһаныллар кыахтаах уу эбийиэктэригэр көҥүл уонна босхо туһаныы бэрээдэгэ олохтоммута. 2020 сыллаахха Илин-Сибиирдээҕи балык хаһаайыстыбатын бассейныгар бултааһын быраабылатын быһыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ илими туһанан балыктыырга аналлаах уу эбийиэгин 542 учаастага оҥоһуллубута, онно 177 өрүс уонна 365 күөл учаастактара хабыллыбыттара. Маннык учаастактарга балыксыттар аналлаах илиминэн уонна сууккаҕа быһыллыбыт нуорма быһыытынан бултаан барбыттара. Санатар буоллахха, тустаах Быраабылаҕа уларытыы киириэн иннинэ уопсай бултаныллар учаастак баара-суоҕа 28 эрэ этэ. Манна промышленнай балыктааһын туһунан этэр буоллахха, 2019 сылга Саха сирин Кыһыл кинигэтиттэн кета уонна горбуша балыктары таһаарар туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Бу быһаарыныы Халыма өрүскэ ити этиллибит балыктар ахсааннара элбээбитин иһин ылыныллыбыта. Ити көрүҥү бултуурга көҥүлү биэрии боппуруоһун Аллараа Халыма оройуонун Походскай сэлиэнньэтин олохтоохторо хаста да көтөҕө сылдьыбыттара. Олохтоохтор булт быраабылатыгар кэһии тахсарын туһунан үҥсүбүттэрэ. 2021 сыллааҕы анал хамыыһыйа промышленнай балыктааһыҥҥа анаан Индигир уонна Халыма өрүстэригэр горбушаны уонна кетаны балыктыырга 4 туоннаны түҥэппиттэрэ. Үгэс буолбут балыктааһыҥҥа биһиги иннибит диэки сыҕарыйдыбыт. Ол быһыытынан, үгэс буолбут балыктааһыны олоххо киллэриигэ сыл аайы бэриллэр лимиит кээмэйэ ааспыт сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, биллэрдик улааппыт. Холобур, 2018 сыллаахха Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарга уонна кинилэр общиналарыгар 5,6 туонна балыгы бултуохтаахтара быһаарыллыбыт, оттон 2020 сыллаахха 510 туонна үллэрбиттэрэ. Онон итинэн сиэттэрэн, үгэс буолбут балыктааһыҥҥа сайабылыанньа киириитэ улааппыта. 2019 сылга барыта 3 сайабылыанньа киирбит буоллаҕына, 2018 сылга 814, 2021 сылга 442 сайабылыанньа киирэн этэҥҥэ быһаарыллыбыт.
— Аны балыгы элбэтии туһунан кэпсэтиэххэ. Саха сиригэр Чернышевскайдааҕы балык собуота балык саппааһын хаҥатыыга күүскэ үлэлиир.
— Билигин балыктааһынынан дьарыктанар тэрилтэлэр олус элбэхтэр. Балар, биллэн турар, балык аҕыйыырыттан саҕалаан уу эбийиэктэригэр улахан хоромньуну аҕалаллара биллэр суол. Саха сиригэр балык саппааһын элбэтиинэн дьарыктанар тэрилтэнэн суос-соҕотох Чернышевскайдааҕы балык собуота буолар. 2019 сылтан Чернышевскайдааҕы балык собуота өрүстэргэ, күөллэргэ 85 мөлүйүөн майаҕас көрүҥүн үөскэҕин ыытта. Ону тэҥэ, балык собуотугар Саха сиригэр соҕотох федеральнай реестргэ киллэриллибит Сибиирдээҕи хатыыс ыстаадатын үөскэтэр кыах ситиһилиннэ. Онон тустаах собуот сөптөөх үлэни ыытар диир кыахтаахпыт. Балык саппааһын элбэтиигэ науканы сыһыаран үлэни эмиэ ыытабыт. Холобур, 2020 сыл балаҕан ыйыгар Саха сирин салалтата федеральнай научнай тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлииргэ аналлаах Сөбүлэһиигэ илии баттаспыттара. Ону тэҥэ, Экология министиэристибэтэ уонна Ил Түмэн «Бүтүн Арассыыйатааҕы балык хаһаайыстыбатын уонна океанографияҕа научнай-чинчийэр института» бу хайысханы сүрүннүүргэ «суол каартатын» үлэлэтиигэ быһаарыы ылыммыттара. Бу былаан көмөтүнэн 2020-2024 сылларга балык салаатын сайыннарыыга научнай өттүнэн хааччыйыыга тутаах боппуруостар быһаарыллыахтара.
—— Билигин экологическай волонтердар хамсааһыннар күүскэ ыытыллар буолла. Нэһилиэнньэ кыттыыта улаатар быһыылаах.
— Бу сыллар усталарыгар биһиги 17 тыһыынчаттан тахса экологическай тэрээһиннэри ыыттыбыт. Онон бары муниципальнай оройуоннары, үгүс тэрилтэлэри, олохтоохтору экологическай суолталаах хамсааһыннарга кытыннарар кыахтанныбыт. «Арассыыйа уута» федеральнай тус сыаллаах бырагыраама чэрчитинэн, уу эбийиэктэрин ыраастыыр дьаһаллар ситиһиилээхтик ыытыллаллар. Итини тэҥэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар аналлаах «Өйдөбүнньүк саада» диэн саҥа аахсыйа саха дьоно олус сөбүлээтилэр, ылыннылар. Биһиэхэ «Айылҕа уонна биһиги» диэн улахан аахсыйа 15 сыл устата тохтообокко ыытыллыбыта элбэҕи туоһулуур. Саамай сүрүнэ, сыл аайы кыттааччылар ахсааннара элбии турар.
— «Күөх пионердар» экологтар инники кэскиллэрэ диэтэхпитинэ, арааһа, улаханнык сыыспаппыт буолуо. Бу Саха сиригэр эдэр экологтар саамай маассабай хамсааһыннара буолар дуо?
— Мин көрүүбүнэн, саҥа көлүөнэ ураты көлүөнэ, экология боппуруостарыгар букатын эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар. Биһиги оҕолорбут тулалыыр эйгэни харыстааһын боппуруостарыгар биһигиннээҕэр быдан дуоспуруннаахтык, олохтоохтук толкуйдууллар. Биһиги кинилэри батареялары анал контейнердарга уган суох оҥорорго, дьиэҕэ-уокка ууну харыстаан туһанарга, айылҕаҕа тахсан, күүлэйдээн, сынньанан баран, таһаарбыт бөҕү-сыыһы туту ыраастыырга үөрэтэбит. Махталлааҕа диэн, бу такайыыбытын, үөрэтиибитин тута ылынан иһэллэр. Ол туохха көстөрүй? Оҕолорбут бэйэлэрэ экологическай бырайыактары оҥороллор, сыл аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «күөх пионердар» слеттарыгар ол бырайыактарын кэпсииллэр, биһиги кинилэр этиилэрин, ыйыыларын үксүк ылынабыт. Билигин Саха сирин үрдүнэн 8500 «күөх пионер» баар, бу хамсааһын өрөспүүбүлүкэбитигэр 2014 сылтан үөскээн салаллан барбыта.
—— Быйыл сайын элбэх ойуур баһаардара турдулар. Ойуур баһаарын умуруорууга исписэлиистэр тиийбэттэрэ тута билиннэ.
— Бу иннинээҕи интервьюбар ойуур баһаарын умуруорууга сөптөөх күүс уонна Сахабыт сирин ойуурун пуондата улахана бэрт буолан, үп-харчы тиийбэтин тустарынан эппитим. Ити эппиттэрбиттэн сылтаан ойуур баһаарын тута умуорууга кэккэ мэһэйдэр, кыһалҕалар үөскүүллэр. Холобур, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар «Якутлесресурс» уонна «Авиалесоохрана» диэн икки тэрилтэни тутабыт. «Якутлесресурс» 193 үлэһиттээх, сезон кэмигэр эбии 223 үлэһити наймылаһабыт. «Авиалесоохрана» 224 исписэлиистээх, сезон кэмигэр эбии 150 үлэһити ылар кыахтаах. Бу кыһалҕалары быһаарыыга, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ салалтата тиһигин быспакка сөптөөх үлэни ыытар. Манна биири өйдүөххэ наада. Саха сиригэр баһаары утары охсуһуу уустук, ол тырааныспарнай схематыгар сытар, суол-иис туруга мөлтөх. Быйыл сайын аһара куйаас күннэр тураннар ити үөһэ этиллибит кыһалҕалары өссө дириҥэтэн биэрдилэр. Ол үрдүнэн ойуур баһаарын умуруорууга сөптөөх дьаһаллар ылыллаллар. Тустаах тэрилтэ үлэһиттэрэ баһаары утары түүннэри-күнүстэри үлэлээтилэр. Итини тэҥэ, Саха сирин дьоно-сэргэтэ биир санаанан салайтаран тахсан, баһаары утары үлэлиирэ күүспүтүгэр күүһү эбэр.
—— СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ эн быһаччы салалтаҕынан РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтэ кытта сөптөөх үлэни ыытар. Миниистирдэртэн ордук кими кытта ыкса үлэлээтигит?
— Федеральнай министиэристибэни кытта күн аайы бэриллибит боломуочуйалар боппуруостарынан, айылҕа харыстабылын салаатын үбүлээһинин быһаарсыыттан саҕалаан «Экология» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии, нормативнай-правовой бэрээдэги тупсарыыга күүскэ ылсан үлэлиибит. Миниистирдэртэн Сергей Донскойдуун, Дмитрий Кобылкинныын күүскэ алтыһан үлэлээбиппит. Билигин Александр Козловы кытта күүскэ алтыһабыт, биһиги хамаандаларбыт баар кыһалҕалары быһаарыыга сөптөөх дьаһанан үлэни ыытар, бу өттүгэр саҥа уларыйыылар киирдилэр. Федеральнай министиэристибэ салайааччыларын кытта «Экология» национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ киэҥ далааһыннаах үлэ ыытылынна. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит федеральнай бырайыактарга өрүү көхтөөхтүк кыттар. Холобур, «Экология” национальнай бырайыагы үлэлэтиигэ Саха сирэ бэйэтин тус этиитин элбэхтик этиммитэ. Ол түмүгэр эрэгийиэннэргэ «Ыраас дойду», «Ыраас уу», «Ойууру чөл хаалларыы», «Хомунаалынай кытаанах бөҕү-сыыһы суох оҥорууга систиэмэлээх үлэ» курдук cөптөөх үбүнэн хааччыллыбыт бырайыактар үлэлииллэрэ ситиһилиннэ. 2024 года. Манна даҕатан эттэххэ, «Экология» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн, РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтин кытта федеральнай суолталаах 24 ураты харыстанар сирдэри тэрийэр үлэтэ барар.
—— Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи сокуону оҥорор уорганнары кытта үлэ хайдах баран иһэрий? Аҕыс сыл анараа өттүнээҕини сэгэтэн буоллахха, кэллиэгэлэргин кытта туох үлэ үмүрүтүлүннэ?
— РФ Госдуматын, Федерация Сэбиэтин, СӨ Ил Түмэнин кытта хардарыта бииргэ үлэлэһэбит. 2019 сыллаахха СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ уонна РФ Госдуумата Дьокуускайга ойуур форумун эрэгийиэннээҕи түһүмэҕин ыыппыта. Онно федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи салалта, наука, биисинэс, ойуур промышленнаһын салааларын бэрэстэбиитэллэрэ, барыта 600 киһи кыттыбыта. Форум үлэтигэр ойуур салаатын тутаах боппуруостара дьүүллэһиллибиттэрэ, анал былаһааккаларга эспиэрдэр санааларын эппиттэрэ, ол курдук, ойуур сокуоннарыгар уларытыылары киллэрииттэн саҕалаан сокуону таһаарар үлэ хаачыстыбата тупсуохтааҕа ыйыллыбыттара. Форум пленарнай мунньаҕар ылыллыбыт Резолюция Саха сирин ойуурун хаһаайыстыбатын салгыы сайыннарыыга сүрүн докумуонунан буолла. Ил Түмэҥҥэ чуолаан норуот дьокутаата Владимир Прокопьев салайааччылаах профильнай кэмитиэти кытта экология уонна тулалыыр эйгэни харыстааһын эйгэтигэр Саха сиригэр стратегическай нормативнай-быраап аактарыгар уларытыылары киллэриигэ таһаарыылаахтык үлэлээбиппитин бэлиэтиибин.
—— “Каадыр барытын быһаарар” диэн бэргэн этии баар. Министиэристибэ каадыр бэлиитикэтигэр туох үлэни ыытарын туһунан билиһиннэр эрэ.
— Министиэристибэ исписэлиистэригэр сөптөөх болҕомтону уурар, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар. Тустаах үлэһиттэр таһымнара үрдүүрүгэр сөптөөх ыытыллар. Биһиги ХИФУ Естественнэй наукаларга институтун кытта сөбүлэһии чэрчитинэн, айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ «Техносфернай куттал суох буолуутун (тулалыыр эйгэни харыстааһын)», «Экология уонна айылҕаны туһаныы (бырамыысыланнас экологията)» курдук хайысханы үчүгэйдик баһылыырга үөрэнэллэр. Ойуур дьыалатыгар исписэлиистэри бэлэмниир, маһы таҥастыыр технологиялары баһылыырга бэлэмниир Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университеты кытта ыкса үлэлиибит, ол быһыытынан исписэлиистэри тус сыаллаах бэлэмнээһин туһунан дуогабары сыл аайы түһэрсэбит. Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин сыл аайы идэлэрин үрдэтэр куурустарга ыытабыт. Былырыын Дьокуускай куоракка Красноярскайдааҕы ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин таһымын үрдэтэр институт көһө сылдьар куурустары тэрийбитигэр биһиги исписэлиистэрбит үөрэммиттэрэ.
—— Аҕыс сыл тухары эйигин экологтар улахан аармыйалара иилии эргийэ сырытта. Кэлэктиибиҥ туһунан билиһиннэр эрэ.
—— Кэлэктиибим миэхэ дьиэ кэргэним курдук буолла. Министиэристибэҕэ экология эйгэтигэр өр сыл үлэлээбит уопуттаах исписэлиистэр, экологтар бааллар. Кинилэр эколог идэтин үчүгэйдик баһылаан, баар кыһалҕаны быһаарыыга ис сүрэхтэриттэн, ис дууһаларыттан ыслан үлэлииллэрин мэлдьи бэлиэтии көрөбүн. Маннык дьону, кэлэктииби араҥаччылыахха наада. Бииргэ үлэлиир сылларбытыгар экологияҕа сыһыаннаах араас боппуруостары кэлимник уонна барытын чуолкайдык, сөптөөхтүк быһаарарга биир санаанан салайтаран үлэлиибит. Министиэристибэ хас биирдии үлэһитигэр миэхэ эрэммиттэрин уонна бииргэ, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин иһин ис сүрэхпиттэн махталбын тиэрдэбин. Биир санаанан салайтаран, баар кыһалҕалары быһаарыыга күүскэ, дьаныардаахтык үлэлээн, биһиги хамаандабыт чахчы күүстээҕин уонна ис сүрэҕиттэн көдьүүстээхтик үлэлиирин толору итэҕэттэ. Күндү доҕоттор! Күн аайы үлэ дьулурхайдык, сөптөөх барарын туһугар эппиэтинэстээх кыһамньыгыт, кытаанах дьулуургут иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын. Тус олоххотугар дьолу, дьиэ кэргэҥҥитигэр кэрэни-үтүөнү, өйдөһүүнү, убаастабылы баҕарабын!
Александр Тарасов, edersaas.ru