Сахамин Афанасьев: “Айылҕа харыстабылын ирдэбилин тутустахтарына эрэ, метанол собуота тутуллар кыахтаах”
Саха сиригэр гааһы дириҥник таҥастыыр собуоту тутуу туһунан дьүүллэһии саҕаланна. Бу туох собуотай? Тулалыыр эйгэҕэ туох буортулааҕый? Бырайыагы олоххо киллэрии үлэтэ хайдах барыаҕай? Бу уонна да атын ыйытыыларга СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев хоруйдуур.
edersaas.ru
– Бастатан туран, метанолу оҥорон таһаарыыга туох хоромньу тахсыан, тугу кытта үлэлиирбитин чопчу өйдүөх тустаахпыт. Айылҕа гааһа – хостонор углеводородтаах уматыктартан саамай ыраастара. Маны уматар түгэҥҥэ уу уонна углекислай гаас тахсар эбит буоллаҕына, ньиэп бородуукталарын, чоҕу уматтахха күл уонна курунньук үөскүүллэр. Айылҕа гааһын уматтахха парниковай углекислай гаас тахсыыта саамай намыһах, ол иһин “күөх оттук” диэн ааты ылбыта. Бэйэтин үрдүк экологическай көрдөрүүлэринэн энергетикаҕа уонна бырамыысыланнаска айылҕа гааһа баһылыыр миэстэни ылар. Иккиһинэн, биһиэхэ айылҕа гааһа бэйэбитигэр Орто Бүлүү уонна Мастаах сиригэр хостонор. Итинтэн ыраастанан уонна куурдуллан баран гаас магистральнай турбатын ситиминэн быһа барар. Маннык 50 тахса сыл үлэлээн кэллэ.
– Метанолу хайдах ылалларый?
– Углерод уонна водород оксидыттан синтез алтаннаах-сыыҥкалаах (цинк) оксиднай катализаторынан сөптөөх температураҕа уонна баттааһыҥҥа айылҕа гааһын уонна ууну булкуйар, ити түмүгэр СНЗОН метилгидрат эбэтэр метиллээх спирт ылыллар.
– Метанол муҥутуур көҥүллэнэр булкаһыга төһөнүй (ПДК – предельно-допустимая концентрация)?
– Метанол паарын муҥутуур көҥүллэнэр концентрацията үлэлиир зонатын салгыныгар – 5 мг/м3, оттон нэһилиэнньэлээх пууннар атмосфернай салгыннарыгар муҥутуур көҥүллэнэр орто сууккатааҕы концентрацията – 0,5 мг/м3. Хаһаайыстыбаҕа туттуллар уонна иһэр – 3 мг/дм3 тэҥнэһэр.
– Метанолу оҥорон таһаарыы ордук уу хаачыстыбатын киртитиэ дииллэр. Ити төһө оруннааҕый?
– Атын собуоттар үлэлэрин, ол иһигэр Томскай уобалаһыгар бара сылдьан көрдөххө, метанолу оҥоруу кэмигэр ууну быраҕыы тахсыбат.
– Маннык бырайыагы тутар туһунан быһаарыы ылыллыар диэри туох үлэ барарый?
– Үлэ 4 сүрүн түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа: 1-кы түһүмэх: – барыллаан тиэхиньическэй-экономическай уонна инженернэй чинчийиилэргэ олоҕуран бырамыысыланнас былаһааккатын талыы. Туһааннаах былаһаакка санитарнай көмүскүүр зона ирдэбиллэрин учуоттаан, муниципальнай тэриллиилэр генеральнай былааннарыгар сөп түбэһиэхтээх. Ону тэҥэ ууну харыстааһын ирдэбиллэрэ учуоттаныахтаах, дьон олорор сириттэн, ууттан, рекреационнай зонаттан тэйиччи сиргэ тутуллуохтаах, о.э. былаһаакканы Өлүөнэ эбэ кытылыгар, дьон олорор сиригэр эбэтэр муниципальнай тэриллии тыатын хаһаайыстыбатын сиригэр ыллыҥ да тутар табыллыбат. Ол иһин маннык объектар анал бэриллибит бырамыысыланнай зоналарга уонна генеральнай былааҥҥа бигэргэммит буоллаҕына, тутуллуохтаахтар. Иккис түһүмэх: бырайыактары уонна технологиятын талар түһүмэх. Бырайыактааччы сөптөөх уопуттаах буолуохтаах уонна Саха сирин Киин өттүгэр баһыйар ирбэт тоҥ эрэсиимин, олохтоох усулуобуйаны учуоттаан оҥоруохтаах. Бырайыактааччы килиимэт уонна атын да ирдэбиллэр, туһаныллар технология, инновационнай оҥоһуктары болҕомтоҕо ыллаҕына, бырамыысыланнаска куттал суох буолуутун хааччыйыаҕа уонна үгүс сылларга бигэ туруктаахтык үлэлиирин хааччыйыаҕа. Бэлэм бырайыагы тутааччы-инвестор бу эбийиэк тутуллуохтаах сиригэр муниципальнай таһымнаах уопсастыбаннас дьүүлүгэр таһаарыаҕа. Уопсастыбаннас дьүүллэһиитин түмүгүнэн боротокуол толоруллар, ити бырайыагы судаарыстыбаннай экспертизаҕа уонна судаарыстыбаннай экологическай экспертизаҕа ыытар кыаҕы биэриэҕэ.
– Өскөтүн судаарыстыбаннай экспертиза сөбүлэҥ биэрдэҕинэ, бу кэнниттэн тугу гыныахтаахтарый? Судаарыстыбаннай экспертиза түмүгүн биэрии бэрээдэгэ хайдаҕый?
– Судаарыстыбаннай экспертизаны уонна судаарыстыбаннай экологическай экспертизаны ыытыы федеральнай сокуонунан уонна нормативнай-быраап аахталарынан сүрүннэнэр. Түмүк биэрэр экспертэр бэйэлэригэр улахан эппиэтинэһи ылыналлар. Кинилэр бырайыак олоххо киирэригэр кыаҕы биэрэллэр.
Ити кэнниттэн сүрүн түһүмэх – эбийиэги тутуу түһүмэҕэ кэлэр. Боломуочуйалаах уорган сөптөөх түмүк баар буоллаҕына тутууну ыытыыга көҥүл биэрэр. Туһааннаах көҥүлэ суох тутуу ыытыллыбат.
Тутуу ыытыллар кэмигэр ааптарыскай кэтээн көрүү, судаарыстыбаннай тутуу кэтээн көрүүтэ ыытыллар, технологияны уонна технологическай тэрили биэрээччилэр монтаһын, тутуутун ыытыыны көрөллөр уонна тутуллан бүттэҕинэ эбийиэги тутууга тутуу стандартарыгар, нуормаларыгар уо.д.а сөп түбэһиитигэр толору эппиэтинэһи сүгэллэр.
Уонна тиһэх түһүмэх: үлэҕэ киллэрии хаамыыта. Быһата, метанол собуота “кэтээн көрүүтэ суох” хаалбат, мэлдьи хонтуруоллуохтара уонна чинчийиэхтэрэ, чуолаан, баһаарынай,санитарнай, бырамыысыланнай уонна экологическай куттал суох буолуутун өттүнэн. Онон аныгы үйэҕэ ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт производственнай объектары тутар уонна үлэҕэ киллэрэр көҥүллэммэт.
Метанолу тиэйиигэ уонна харайыыга сөптөөх ирдэбиллэр тутуһуллуохтаахтар.
– Собуоту тутуунан сибээстээн өрөспүүбүлүкэҕэ “экология миитиннэрэ” ыытыллыбыттара. Уопсастыбанньыктары кытта бииргэ үлэлииргэ уопсай тылы хайдах булуохха сөбүй?
– Туох-ханнык иннинэ нэһилиэнньэҕэ былааннар, туһаныллар технологиялар, тахсар ночооттор тустарынан сонуннары киэҥник тарҕатар ситимнэр нөҥүө дьиҥнээх иһитиннэриини биэриэхтээхпит. Маны тэҥэ уопсастыбаннай истиилэргэ бары интэриэстээх өрүттэр, ол иһигэр собуоту бырайыактааччыларга уонна тутааччыларга интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрэр кыахтаналларын курдук уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытыннарыахха. Дьүүллэһии кэмигэр киирбит ыйытыылар, сэмэлээһиннэр, этиилэр боротокуолга тиһиллиэхтээхтэр. Бырайыактыыр докумуону дьон көрөр сиригэр уопсастыбаннай истиилэр саҕаланыахтара биир ый инниттэн ыйаныахтаах. Уопсастыбаннай истиилэри ыытар туһунан биллэрии олохтоох уонна өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар тахсыахтаах.
СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата.