«Сахамедиа» Россия былааҕын күнүн бэлиэтээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Сахамедиа» холдинг Ыччат министиэристибэтин акциятын өйөөн, Ленин болуоссатыгар флеш-моб тэрийдэ. Россия былааҕын күнүнэн суруналыыстар былааҕы тэлимнэттилэр. Министиэристибэ бүгүн куонкурус биллэрбитэ. Киэһэ 22:00 ч. диэри Россия былааҕын туһанан хаартыскаҕа түһэн, сыаналаах бириистэри сүүйүөххэ сөп. Хаартысканы эбэтэр видеону Инстаграмҥа #ФлагРоссии_Якутия диэн хештегинэн угаҕыт. Кыайыылаах сарсын быһаарыллар. 

«Сахамедиа» холбоһук судаарыстыбабыт былааҕын күнүгэр дойдуга сүгүрүйүүбүт бэлиэтин көрдөрөбүт.  Россия олохтоохторо судаарыстыбалаах буоламмыт, былаахтаахпыт, гербэлээхпит. Судаарыстыбаннай бэлиэлэргэ сүгүрүйүөхтээхпит уонна ытыктыахтаахпыт. Саха сирэ иннин диэки кимэн киирэн истин, Россия сайдан истин!», — диэтэ холдинг генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Ноев.

Видео: Руслан Очиров, Евгений Петров. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0