«Сахамедиа» хампаанньа «Бэтэрээннэргэ махтанабыт!» диэн аахсыйаны тэрийдэ
Быйылгы Пиэрибэй Маайга Саха сирин олохтоохторо бары сэлэлии хааман, уруй-айхал тылларын эттибит. Хас биирдии тэрилтэ кэлэктиибэ тумус туттар ытык-мааны бэтэрээннэрдээх. Кинилэр тэрилтэ үлэлээн ааспыт историятыгар тугунан да кэмнэммэт, тугунан да сыаналаммат улахан өҥөлөөхтөр. Кинилэр баар буолан, билиҥҥи кэлэктиип кимиилээхтик үлэлиир…
«Сахамедиа РИИХ» АУо кэлэктиибэ бэтэрээннэрин өрүү чиэстиир, хаһан да умнубат. Тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов өйөбүлүнэн Саха АССР 100 сылынан, Пиэрибэй Маай уонна Улуу Кыайыы бырааһынньыктарынан күндү дьоммутугар сэмэй бэлэхтэрбитин дьиэлэригэр тиийэн туттартаатыбыт. Бэтэрээннэрбит үөрүүлэрэ муҥура суох, биһиги эмиэ онтон олус үөрдүбүт, күүспүтүгэр күүс эбиллэр, эрчиммитигэр эрчим эбиллэр.
«Бэтэрээннэргэ махтанабыт» диэн аахсыйаны үһүс сылбытын тэрийэбит
Анивера Акимова, «Сахамедиа РИИХ» АУо профкомун бэрэссэдээтэлэ:
— Номнуо үһүс сылын «Бэтэрээннэргэ махтанабыт» диэн аахсыйаны тэрийэн ыытабыт. Ол курдук Кыайыы күнүнэн уонна Саҥа дьыл бырааһынньыгынан ытык кырдьаҕастарбытыгар махтанан туран сэмэй бэлэхтэрбитин туттарабыт. Быйыл Саха АССР 100 сылынан сибээстээн бэтэрээннэрбитин эҕэрдэлээн туран, ас-үөл нобуорун туттардыбыт. Холдинг үрдүнэн 65-тэн үөһээ саастаах бэтэрээннэри уопсайа 38 киһини эҕэрдэлээтибит. Холдиҥҥа «Саха сирэ», «Якутия» хаһыат, Саха информационнай ааҕыныстыба бэтэрээнннэрэ бааллар. Түгэнинэн туһанан, холдиммыт салалтатыгар, чуолаан генеральнай дириэктэр Виктор Колесовка, кылаабынай буҕаалтыр Лена Исаковаҕа өрүү биһиги аахсыйабытын өйүүллэрин иһин махталбын тириэрдэбин
Бэтэрээннэрбит махталлара биһигини элбэххэ кынаттыыр
Рена Шестакова, СӨ Бэчээтин туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына:
—«Сахамедиа РИИХ» кэлэктиибигэр, салалтатыгар, «Саха сирэ» тапталлаах хаһыатым бары үлэһиттэригэр, бииргэ үлэлээбит, мэлдьи саныыр, ахтар дьоммор мэлдьи ыытар эҕэрдэҕит, болҕомтоҕут, истиҥ сыһыаҥҥыт иһин махтанабын. Хаһыаппыт, ааҕааччы туһугар сыралаах үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабын, хас биирдиигитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр кытаанах доруобуйаны, тахсыылаах үлэни, бары үтүөнү, кэрэни баҕарабын, алгыспын аныыбын.
Николай Крылов, СӨ суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата:
— Биһиги сэбиэскэй дьон кэлэктиип диэни олус өрө тутарбыт. Олохпут саамай күүрээннээх, айымньылаах кэмнэрин биир идэлээхтэрбитин кытта алтыһан ааспыппыт… Ол иһин үлэлээбит тэрилтэбит болҕомтото ураты истиҥ, сылаас буолар. Кэлэктииппит билиҥҥи көлүөнэтигэр ис сүрэхтэн махтанабын, ситиһиилэри баҕарабын!
Татьяна МАРКОВА, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:
— Быйыл биһиэхэ, суруналыыстарга, бэчээт бэтэрээннэригэр бука барыбытыгар олус бэлиэ, умнуллубат түгэннэринэн баай-талым сыл буолла – ахсынньыга “Манчаары”- “Кыым” — “Саха сирэ” Сахалыы судаарыстыбаннай хаһыаппыт 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит, оттон бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбит автономияны ылыммытын – Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн өрөйөн-чөрөйөн бэлиэтиибит. Бу – үйэҕэ биирдэ бэриллэр үтүө түгэн туоһулара буолбуппутунан, биһиги көлүөнэ дьон, чахчы дьоллоохпут! Аны, Күөх Маай бу кэллэ! Онтон, икки сыл (биллэр биричиинэнэн) ааспытын кэннэ, быйыл дьэ ыам ыйын 9 күнүгэр – Улуу Кыайыы күнүгэр “Бессмертнэй полкаҕа” сэлэлии хаамыыга кыттыһан, аҕаларбыт, эһэлэрбит мэтириэттэрин киэн тутта, күөрэччи тутан, хаамсыахпыт диэн эрэнэбит. Ытык дьоммут сырдык ааттарыгар сүгүрүйүөхпүт… “Манчаары”- “Кыым” — “Саха сирэ” хаһыаттар утумнаһыылара, ситимнэрэ хаһан да быстыбат аналлаах! Ону биһиги Ытык кырдьаҕастарбыт – суруналыыстыка аксакаллара туоһулууллар, ону бу мин даҕаны, саха бэчээтигэр 40-тан тахса сыл үлэлээн кэлбит бэтэрээн-суруналыыс, туоһулуубун.
“Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттар эрэдээксийэлэрэ үтүө үгэс быһыытынан, бэйэлэрин бэтэрээннэригэр хайа да кэмнэргэ мэлдьи болҕомтолоох, иһирэх сыһыаннаахтар. Ол курдук, быйыл эмиэ, бу үөрүүлээх күннэринэн, Күөх Маайынан, Улуу Кыайыы күнүнэн бэчээт бэтэрээннэрин “Сахамедиа” холдинг салалтатын, кэлэктиибин аатыттан истиҥ тылларынан эҕэрдэлээн, сибэкки бэлэхтээн, астаах-үөллээх кэһии туттаран, олус диэн үөртүлэр. Хайа баҕарар киһини маннык болҕомто үөрдэр, долгутар, настарыанньаны көтөҕөр, күүһүгэр күүс эбэр эбээт! Онон, бука барыбыт аатыттан күндү эрэдээксийэбитигэр, идэлээх сойууспутугар, “Сахамедиа” холдинг кэлэктиибигэр барҕа махтал буолуохтун! Тапталлаах “Саха сирэ” хаһыаппыт — “Эдэр саас” саайтпыт ааҕааччыта өссө элбии, үүнэ-чэчирии турдун!
Ытык-мааны бэтэрээннэрбит!
Пиэрибэй Маайынан уонна Улуу Кыайыы күнүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Биир дьылы этэҥҥэ туораатыбыт, күөххэ үктэнэрбит чугаһаата.
Уустуктардаах, ыарахаттардаах икки сыл этэҥҥэ ааста, сотору коронавирус дьаҥын туһунан умнар инибит диэн ыра санаалаахпыт. Быйылгы Күөх Маайга бары чугас дьоҥҥутун, оҕолоргутун, сиэннэргитин кытары сэлэлии хаамыыга кытынныгыт, бииргэ үлэлээбит дьоҥҥутун-сэргэҕитин көрсөн, күө-дьаа буоллугут, үөрдүгүт-көттүгүт!
Ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыыны уһансыбыт ытык-мааны эһэлэргитин, аҕаларгытын, эбэлэргитин, чугас дьоҥҥутун санаан ылыаххыт, тугунан да кэмнэммэт эйэлээх олоҕу уһансыбыттарын санаан ылыаххыт, махтаныаххыт. Билиҥҥи буола турар балаһыанньаҕа бары биир санаанан салайтаран түмсүүлээх буолуоҕуҥ. Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, кэрэни-үтүөнү, үгүс үөрүүнү-көтүүнү, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт! Эһиги үтүө сүбэҕитигэр, истиҥ сыһыаҥҥытыгар, бэриниилээх үлэҕитигэр ис сүрэхпититтэн махтанабыт!
Эҕэрдэни кытта “Сахамедиа РИИХ” АУо кэлэктиибэ. 2022 сыл, ыам ыйа. Дьокуускай.