Бүгүн, атырдьах ыйын 29 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ «Сахамедиа» хампаанньа Судаарыстыбаннай Эстрада тыйаатырын кытта сөбүлэһии түһэристэ.
Тэрээһиҥҥэ Эстрада тыйаатырын дириэктэрэ Татьяна Чаранская, дириэктэри солбуйааччы Илья Гаврильев, «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков, кэмиэрчэскэй сулууспаны салайар Андрей Петров, тыйаатыр артыыстара уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
Эстрада тыйаатырын дириэктэрэ Татьяна Чаранская: «Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Саха сирин эстрадата төрүттэммитэ 50 сылын бэлиэтиэхпит. Онно үгүс үлэ бара турар. Сурунаал тахсыахтаах. Биһиги тыйаатырбытыгар информационнай өйөбүл олус наада. Тыйаатырга эрэ буолбакка, артыыстары сырдатыахха, үлэлэрин кэпсиэххэ наада дии саныыбын», — диир.
Оттон «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков: «Эстрада тыйаатырын салалтата биһиги этиибитин быһа гыммакка ылыммыттарыгар махтанабыт. Алтынньы 5 күнүгэр Цииркэ дьиэтигэр аҕам саастаах дьоммутугар анаан кэнсиэр көрдөрүөхпүт. Бу бырайыакка тыйаатыр артыыстара кыттыыны ылыахтара», — диэн түмүк тылы этэн, сөбүлэһиигэ илии баттаатылар. edersaas.ru