Сахам тыла

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Сахам тыла

Елена Прокопьева  саҥа хоһоонун ааҕыҥ:

Сахам тыла!
Эн быдан дьыллартан
Сүппэккэ — оспокко кэлбитиҥ,
Эн ыраах сахтартан
Сүрэххэ бигэтик иҥмитиҥ!

Сахам тыла!
Эн ийэм кэриэтэ
Миэхэҕэ күндүттэн
күндүгүн,
Эн — сахам кэрэтэ
Миэхэҕэ күннэтэ үрдүүгүн.

Сахам тыла!
Эн саха норуотун
Уолбат баай ойбоно
буолаҕын,
Эн улуу түүр омугун
Урукку суолларын
хайаҕын.

Сахам тыла!
Эн сайдыы суолунан
Эрэллик инники
айаннаа,
Эн чахчы турунан
Эдэркээн ыччаттыын
хардыылаа!

Елена Прокопьева,
Мэҥэ Хаҥалас, Хочо,

«Таммахтар»
айар холбоһук.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0