Быйыл Мэҥэ — Хаҥалас улууһун маастардара бэрт көхтөөхтүк, айымньылаахтык үлэлииллэр.
Ол курдук, Мэҥэ — Хаҥаластааҕы Олоҥхо ассоциацията соторутааҕыта улуус киинигэр Аллараа Бэстээххэ, бу, араас омук бэрэстэбиитэллэрэ тоҕуоруһан олорор, үлэлиир сирдэригэр, норуот маастардарыгар аналлаах бастакы сахалыы таҥастаах сэлэлии хаамыыны тэрийдэ.
Манна улуус нэһилиэктэриттэн — Бэдьимэттэн, Төҥүлүттэн, Майаттан, Павловскайтан, Хорообуттан, Балыктаахтан тиийэ уонна, биллэн турар, Аллараа Бэстээхтэн бэйэтиттэн, талааннаах норуот маастардара, иистэнньэҥнэр, уустар түмсэннэр, сахалыы таҥастарын киэн тутта кэтэн, сэлэлии хаамтылар, бэйэлэрин маастарыстыбаларын бар дьоҥҥо көрдөрдүлэр.
Сэлэлии хаамыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эйгэ» уопсастыбаннай түмсүү чилиэннэрэ үөрэ-көтө кытыннылар. Дьон-сэргэ, бу улууска сонун тэрээһини олус сөбүлээтэ, сэҥээрдэ.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru