Сахалыы саҥарарга үөрэтэр сыһыарыы

03.03.2022
Бөлөххө киир:

“Якутия” айти-паарка резиденнэрэ Лилия, Ньургун Бэчигэннэр саха тылын үөрэтэр төлөпүөҥҥэ хачайданар анал сыһыарыы оҥоро сылдьаллар. Бу бырайыагы кинилэр былырыын күһүҥҥүттэн саҕалаабыттара.

Бырайыак салайааччыта Ньургун Бэчигэн этэринэн, билиҥҥи глобализация уонна сыыппара үйэтигэр төрөөбүт төрүт тылынан кэпсэтии, оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн тылы үөрэтии, тылга тапталы иҥэрии сайдыыга биир сүрүн олук буолуохтаах. “Билигин үгүс киһи оҕолор сахалыы кэпсэппэт буоллулар, оннооҕор тыа сирин оҕолоро нууччалыы кэпсэтэллэр диэн этэллэр. Мин санаабар, итиннэ буруйдааҕы көрдүү барбакка бэйэбититтэн саҕалыахха наада. Олоҕум аргыһынаан Лилиялыын ити туһунан толкуйдаан баран саха тылын үөрэтэр төлөпүөҥҥэ хачайданар анал сыһыарыы наада эбит диэн бырайыак оҥорорго санаммыппыт. Бу бырайыакпытын былырыын күһүҥҥүттэн иитиэхтээн билигин күн сирин көрдөрдөрбүт ханнык диэн үлэлэһэ сылдьабыт”, – диэн бэлиэтиир кини.

Бу бырайыак социальнай хайысхалаах. Былаан быһыытынан, анал сыһыарыынан кыра оҕотуттан саҕалаан саха тылын билбэт омук киһитигэр тиийэ бары туһаныахтаахтар. Бырайыак үс түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэҕэр бырайыак салайааччылара саха тылын билбэт саҥа үөрэтэр киһиэхэ уонна аҕыстарыттан үөһээ саастаах оҕолорго анаан чэпчэки барыйааны оҥорон таһаарыахтаахтар. Ону сэргэ сыһыарыы ис-тас көстүүтүн, тутулун оҥоруу курдук уустук үлэлэр барыта бу түһүмэххэ түмүллүөхтээхтэр. Иккис, үһүс түһүмэхтэргэ тылы сайыннарыыга эбии үөрэхтэри угуохтаахтар уонна иккититтэн аҕыһыгар диэри саастаах оҕолорго анал салааны эбэн биэриэхтээхтэр.

Бырайыакка кимнээх үлэлэһэ сылдьалларый? “Бу сыһыарыыбытын кыра оҕотуттан саҕалаан омук киһитигэр тиийэ туһаныахтаахтар диэн эрдэттэн былааннаабыппыт. Онон бастаан саха тылын учууталларын кытары кэпсэппиппит. Бырайыакпыт барылын оҥорууга саха тылын учууталларын ассоциациятын салайааччыта Жанна Федоровна Барашкова, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Чолбон” литература сурунаалын сүрүн эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, саха википедиятын төрүттээбит Николай Николаевич Павлов-Халан сүбэ-ама буолбуттара. Билигин кинилэр бырайыак консультанынан үлэлии сылдьаллар. Бырайыакпытыгар биһигини таһынан саха тылын учууталлара Марианна Макаровна Федорова, Анжелика Александровна Александрова, Лена Владимировна Шишигина тэҥҥэ үлэлииллэр”, – диэн иһитиннэрэллэр Лилия, Ньургун Бэчигэннэр.

Бырайыагы олоххо киллэриигэ барыта 3,7 мөлүйүөн солкуобай ирдэниллэр. Билигин “Якутия” айти-паарка резиденнэрэ краудфандинг ньыматынан харчы хомуурун саҕалаатылар. “Бу сууманы биир эрэ министиэристибэ, биир эрэ грант хайдах да уйуммат. Ол иһин туохтан эрэ саҕалыахха диэн билигин краудфандинг диэн бырайыактары кэлэктиибинэн үбүлээһин ньыматынан “BoomStarter.ru” сайтынан харчы хомуйуутун саҕалаатыбыт. Быраабыла быһыытынан, харчы хомуйуута икки ый иһигэр ыытыллар. Бу кэм иһигэр биһиги 700 тыһыынча солкуобайы хомуйбут киһи диэн санаалаахпыт. Маны хомуйдарбыт сыһыарыыбытын таҥан, ис-тас көстүүтүн оҥорон саҕалыа этибит. Бу үлэҕэ таҥааччылар 1,2 мөлүйүөн солкуобайы көрдүүллэр. Онон бар дьоммут саха тылын сайдыытыгар туһуламмыт кэскиллээх бырайыакпытын өйүөххүт диэн эрэнэбит”, – диэн иһитиннэрэр Ньургун Бэчигэн.

Сиһилии https://boomstarter.ru/projects/1079001/prilozhenie_po_izucheniyu_yakutskogo_yazyka_sahalyy  манна киирэн билсиэххитин сөп.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0