Сахалыы кроссфитка күрэхтэһии Нам Түбэтигэр ыытылынна (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үрүҥ тунах ыһыах сахаҕа улахан суолталаах. Саха дьоно ыһыахха кэлэн ыраастанан, сынньанан, күрэхтэһэн, тыыннарын таһааран бараллар. Кэлиҥҥи кэмҥэ ыһыахха күрэхтэһии арааһа ыытыллар буолла, саха многоборьета олус сайынна. Нам улууһун Түбэ нэһилиэгин ыһыаҕар СӨ үөрэҕириитин туйгуна Попов Петр Петрович аатынан «Алта Моһол» диэн сахалыы кроссфитка күрэхтэһии ыытылынна. Бу күрэхтэһиигэ алта түһүмэҕи биирдиилээн сүүрэ сылдьан, бириэмэҕэ толороҕун. edersaas.ru

Кыттааччылар түһүмэхтэри биирдиилээн бараллар. Старт бэрилиннэҕинэ, 50 киилэлээх куулу көтөхпүтүнэн 30 миэтэрэ сүүрэллэр. Иккис түһүмэххэ куулу быраҕан баран 60 киилэлээх «Сайгак — КамАЗ» массыына шинатын 15 миэтэрэҕэ соһоллор. Онтон 16 киилэлээх гиирэни быраҕа-быраҕа   50 миэтэрэ илдьиэхтээхтэр. Ол кэннэ ат сыарҕатын 20 миэтэрэ соһоллор. Сыарҕаны соһон баран, 60 киилэлээх «Сайгак — КамАЗ» көлүөһэтин эргитэ-эргитэ 15 миэтэрэ илдьэллэр. Дьэ ол кэннэ, 30 миэтэрэни сүүрэн тиийэн фиништииллэр. Күрэхтэһии ыарахан көрүҥнэрдээх буолан, бэйэтигэр эрэллээх биэс эр бэрдэ кытынна.

Сандал Попов 1 мүнүүтэ 58 сөкүүндэ көрдөрүүлээх бочуоттаах үһүс миэстэни ылла. Иккис миэстэни Юриан Федоров 1 мүнүүтэ 55 сөкүүндэ көрдөрүүлээх ситистэ. Оттон чөмпүйүөн үрдүк аатын 1 мүнүүтэ 33 сөкүүндэнэн бары түһүмэхтэри ааһан,  Андрей Дьяконов сүгэн, ноутбук бириис хаһаайына буолла. Күрэхтэһии олус тыҥааһыннаахтык ааста, дьон-сэргэ дуоһуйда.

Николай Попов «Саха Сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа уонна видеоҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0