Бу күннэргэ “Дольче уонна Габанна” (Dolce&Gabbana) Италия биллэр мода дьиэтэ сахалыы халадаай ырбаахыга майгынныыр таҥаһа интэриниэт ситимин бараата. Сорохтор сахалар таҥастарын үтүктүбүттэр, атыттар, букатын сүһэн ылбыттар диэн этэллэр. Маныаха норуот маастардара туох санаалаахтарын билээри, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр тиийдим.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Бу хаартыскаҕа көстөр былааччыйалар сахалыы халадаай ырбаахыга майгынныыллар дуо, диэн ыйытыыбар, норуот уус-уран оҥоһугун маастара Альбина Дьячковская:
“Сахалыы халадаай ырбаахыга майгынныыр. Өҥө, дьүһүнэ даҕаны үүт-үкчү. Биһиэхэ сахаларга уруккуттан тигиллэн кэлбит таҥастарбыт буоллаҕа. Билигин аныгылыы арааһынайдаан сибэккилээх таҥастан тигэллэр. Үтүктүбүт да буолуохтарын сөп. Ол гынан баран халадаай төрүт сахалар традиционнай таҥастара буолбатах, кэлии диэн этэллэр. Дольче уонна Габанна аан дойдутааҕы компания буоллаҕа. Үтүктүбүт буоллаҕына, ол аата сахалартан холобур ылар эбит диэн үөрүөхпүтүн эмиэ сөп”.
“Симэх” норуот искусствотын фондатын сүрүннүүр исписэлииһэ Азиана Харлампьева:
“Сахаларга халадаай урут-уруккуттан баар. Ол гынан баран, былыргылар киэннэрэ кылгас, байбарыта кэлин үөдьүйүөн сөп. Нууччалар кэлбиттэригэр уһун былааччыйалары көрөн байбарылыахтарын сөп. Оттон көннөрү халадаай ырбаахы сахалар былыргы таҥаспыт буолар. Бу түгэҥҥэ “Дольче уонна Габанна” сахалар халадаайдарын үтүктүбүт буолуохтарын эмиэ сөп. Саха дьахталлара кыраныысса таһыгар таҕыстахтарына сахалыы таҥаспытын син биир кэтэбит, улахан күрэхтэргэ кыттабыт. Ону барытын кинилэр көрө сылдьар эбээт. Оннооҕор Москваҕа метроҕа киирбитим, халадаай ырбаахы бэйэтэ-бэйэтинэн ыйанан турар этэ. Ону көрөн: “Хайа, бу биһиги халадаайбытын тикпиттэр аҕай дии”, — дии санаабытым. Нууччалар биһиэнэ диэхтэрин эмиэ сөп буоллаҕа (холодайка, аапт.). Арай, кинилэр ырбаахыларын уратыта диэн – сиэҕин хонноҕун анныгар трапеция курдук быһаллар. Ол гынан баран, ол мин метроҕа көрбүтүм дьиҥнээх сахалыы халадаай ырбаахы этэ. Ити тугу этэрий? Ол аата атын омуктар биһиги таҥаспытын эмиэ сөбүлүү көрөллөр эбит.
Билигин илин да кэбиһэри, бастыҥаны кытайдар букатын хастыы да тыһыынчанан оҥорон таһаараллар. Омук кыргыттара кэтэн тураллара батсаапка тахсыбыт этэ дии. Тус бэйэм, сахалар ханнык эрэ кэлии омуктар таҥастарын таҥна сылдьыахтарын букатын баҕарбаппын. Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит бэйэлээх бэйэбит таҥаспытын таҥныахпытын, симэниэхпитин баҕарабын. Соҕуруу дойдуга, кыраныысса таһыгар даҕаны таҕыстахха, сахалыы таҥаспытын улаханнык сэргии түһэллэр. Холобура, биһиги Холбоһуктаах Араб Эмираттарыгар бара сылдьыбыппыт. Сахалыы таҥаһы-сабы сонно тута бэлиэтии көрбүттэрэ, букатын убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Оннооҕор таҥара дьиэтигэр киирэрбитигэр бэйэлэрин таҥастарын кэтэрдибэтэхтэрэ. Ол иһин бырабыыталыстыба суолта биэрэн, чахчы саха оҥоһуга диэн патент оҥотторуохха наада. Таҥаска эрэ буолбакка, аспытыгар тиийэ. Тапталлаах аспыт күөрчэх “йогурт” диэн ааттанан аан дойдуга барда. Билигин аны бууктаах, кытыылаах соннорбутун үтүктүөхтэрэ. Муода сайдан истэҕин аайы, Франция, Италия модельердара хайдах баҕарар сүһэн ылыахтарын сөп. Онон патент чахчы ирдэнэр”.
Көстөрүн да курдук, хаартыскаҕа баар былааччыйалар сахалыы халадаай ырбаахыга майгынныыллар. Арай, атына диэн – манжета эрэ. Биһиэнэ үксүгэр тимэхтэрдээх буолар. Онтон бу түгэҥҥэ бииргэ тигиллибит. Ол эрээри, мин санаабар, “Дольче уонна Габанна” чопчу сахалар халадаай ырбаахыларын сүһэн ылбыт диэн дакаастыыр дуу, быһа-бааччы этэн кэбиһэр дуу, уустук буолуо.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/