ХОЙ. Бу күннэргэ күүс-уох үөһэттэн кутуллан киирэр курдук буолуо. Ордук айылҕаҕа сылдьыыҥ сэниэни биэриэ. Үлэҕэр да, дьиэҕэр-уоккар да, тус бэйэҕэр эбэтэр дьиэ кэргэҥҥэр да сыһыаннаах боппуруоһу быһаара охсорго тиэтэйимэ. Бу күннэргэ чугас дьоҥҥуттан үөрүүлээх, санааны көтөҕөр сонуну истиэҥ. Үп-харчы боппуруоһа куһаҕана суох. Онуоха үлэҕэр олус наадалаах дьону кытары билсиһиэҥ эбэтэр эбии харчылаһаргар этии киириэ. Өрөбүл күннэргин сулустар уу чугаһыгар атаараргар сүбэлииллэр.
ОҔУС. Сүктэриллибит сорудаҕы толорорго, туруоруммут сыалгын-соруккун ситиһэн тэйэргэ кыһалын. Ол кэлин үлэҕэр туһалыа. Ол да буоллар, сөптөөхтүк сынньанаргын умнума. Доруобуйаҕын санаа. Аскын-үөлгүн көрүн, сэрээккэлээ, хамсан. Маныаха сибиэһэй салгынынан тыыныы сэниэни биэриэҕэ. Сулустар эйиэхэ айан суола көстөрүн уонна ол тус олоххор уларытыыны аҕалыаҕын, үчүгэй өттүнэн дьайыаҕын билгэлииллэр. Саҥа, сонун билсиһиилэр, истиҥ кэпсэтиилэр күүтэллэр.
ИГИРЭЛЭР. Салайааччыгын, бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытары сыһыаҥҥын болҕойон көр. Эйиэхэ найыланааччылар, эбээһинэстэрин сүктэрээччилэр бааллар. Төбөҕөр «ытталларын» тохтот. Атыттар үлэлэрин ылыныма, кинилэри кытары иирсэ да сатаама. Уһун кыыһырсыыттан, иирсииттэн сэниэҕин-онооҕун супту уулатыаҥ. Ньиэрбинэйдии сатаама, доруобуйаҕар оҕустарыаҥ. Ол оннугар тустаах эбээһинэскин кэмигэр оҥорон ис, сөптөөхтүк сынньанарга кыһалын. Бириэмэҕин чугас дьоҥҥун кытары атаар.
АРААК. Кэллиэгэлэриҥ, салалтаҥ олус элбэҕи үлэлииргин дьэ бэлиэтии көрүөхтэрэ. Ол түмүгэр хайгыылларын сэргэ, махтаныахтара. Махтал сурук эбэтэр харчынан бириэмийэ да тутуоххун сөп. Итинник ситиһии кэлэрин туһугар, үлэҕэр хойутаама, кэллиэгэлэргин кытары иирсимэ. Ким эрэ эйиэхэ хараҕын хатаабыт, сэҥээрбит. Онон бэйэҕин көрүн, таҥаскын-сапкын сэргэхсит, имиджкин уларыт. Ол да гыннар, чугас дьоҥҥун умнума. Бу күннэргэ соһуччу көрсүһүүттэн үөрүөҥ-көтүөҥ, ыраахтан кэһии тутуоҥ.
ХАХАЙ. Бу күннэргэ үлэҕэр, тус олоххор ситиһиилэр күүтэллэр. Туппутуҥ тупсан, табыллан, барыта санааҥ хоту салаллан иһиэҕэ. Кылаабынайа, тулаҕар буоларга сыһыаҥҥын, сыанабылгын эрэ уларыта тутан ис. Дьону-сэргэни кытары алтыс, элбэхтик кэпсэт, ордук саастаах дьон санаатын болҕойон иһит. Кинилэр этиилэрэ эн инники олоххор, үлэҕэр көмөлөөх буолуоҕа. Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥун кытары атаар, сибиэһэй салгыҥҥа сырыт. Сэрээккэ, сөптөөх хамсаныы туһаны аҕалыахтара.
КЫЫС. Аймахтаргын, чугас доҕотторгун кытары өйдөһүмүөххүн сөп. Эн үлэҕин, кыһамньыгын, болҕомтоҕун сыаналаабаттарын, суолтаҕа ылбаттарын сэрэйиэҥ. Онтон кыыһыран, тымтан турума. Халтайга ньиэрбэҕин барааҥҥын, доруобуйаҕын аһааҕырдыаххын итиэннэ, төттөрүтүн, эн буруйдаах аатырыаххын сөп. Онон итиннэ барытыгар орто сүнньүн булары толкуйдаа. Туох эрэ саҥаҕа ылсар буоллаххына, өйөбүл наада. Онто суох ыарахаттары көрсүөҥ. Түүлгэр болҕомтоҕун уур. Кырдьаҕас дьон тугу этэрин болҕойон иһит.
ЫЙААҺЫН. Үпкүн-харчыгын ыскайдыырга тиэтэйимэ. Эбии харчылаһарыҥ дэбигис кыаллыа суоҕа. Оттон бу күннэргэ ойоҕостон этии киирдэҕинэ, сөбүлэһимэ, ылсыма. «Тыалынан киирбит, холоругунан тахсар» диэни өйдөө. Ол оннугар, доруобуйаҕын көрүн. Бөрүкүтэ суох үгэскин, кэмэлдьигин (холобур, табахтыыргын, кофенан үлүһүйэргин, компьютерга олороргун) тохтот. Хата, сибиэһэй салгынынан тыын, сэрээккэлээ, аскын-үөлгүн көрүн. Чугас дьоҥҥун кытары алтыс. Аҕам саастаах аймахтаргар көмөлөс. Соһуччу көрсүһүү, истиҥ кэпсэтии күүтэр.
СКОРПИОН. Бу күннэргэ элбэх үбү-харчыны бараабыккыттан кэмсинимэ, санаарҕаама. Мунньуна сатыыр харчыгын сыыйа да буоллар, баар оҥоруоҥ. Онуоха сотору эбии харчылаһаргар кыах үөскүө. Үлэҕэр этэҥҥэ. Салалтаҕын, бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытары хаһааҥҥытааҕар да тапсан үлэлиигин. Эбиитин үөһэттэн күүс-уох, сэниэ-оноо кутуллан киирэр курдуга, элбэҕи ситиһэргэр тирэх буолуоҕа. Түүлгүн, сонун, сибиэһэй былааҥҥын кимиэхэ да ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор наадыйалларын умнума.
ОХЧУТ. Истиин-тастыын тосту уларыйарыҥ наада. Уобараскын уларыт. Наһаа элбэх түбүккэ батыллыбыт курдук сананаҕын, онтуҥ эйигин ыыппат, атахтыыр. Ол иһин, сулустар эйигин ханна эмэ айанныыргар, айылҕаҕа сынньанаргар сүбэлииллэр. Онтон спордунан дьарыктаныыҥ, сэрээккэ туһалаах эрэ буолуохтара. Элбэхтик кэл-бар, айаннаа, дьону-сэргэни кытары алтыс, билис. Сонун, сибиэһэй санаа киириэ. Үп-харчы боппуруоһугар уларыйыы суох. Дьиэҕэр улаханы атыылаһарга тиэтэйимэ.
ЧУБУКУ. Дьиэҕэр дьоҥҥун кытары иирсэртэн соло булбат курдуккун. Эн сүбэҕин, этиигин ким да истиэн баҕарбат. Ханна эмэ баран кэлэргэр, доҕотторгун кытары көрсөргөр, өрөбүллэргин сибиэһэй салгыҥҥа атаараргар сулустар сүбэлииллэр. Үлэҕэр хойутаама, бэриллибит сорудаҕы кэмигэр толорон ис. Үпкүн-харчыгын мээнэ ыскайдаама. Бу күннэргэ түһээбитиҥ улахан суолтата суохтар. Онон сүрэххэр олус чугастык ылыныма. Ол оннугар чугастык саныыр дьонуҥ тугу этэллэрин болҕойон иһит, сыаналаан көр.
КҮРҮЛГЭН. Бу күннэргэ үлэҕэр олус түбүгүрүөҥ. Былааннаммыты барытын кэмигэр толорорго кыһалын. Ордук сотору кэминэн уоппускаҕа барар буоллаххына, барытын ситэрэриҥ-хотороруҥ наада. Төһө да үлэҥ элбээбитин иһин, өрөбүллэргин туһалаахтык атаарарга кыһалын. Йоганан дьарыктан, бассейнҥа, массааска сырыт, доруобуйаҕын көрүн, сэрээккэлээ. Өр сытыарбыт дьыалаҕын-куолугун түмүктүүргэ, быһаарарга үчүгэй күннэр үүммүттэр. Үчүгэй сонуну истиэҥ, кэһии тутуоҥ. Дьиэҕэр-уоккар саҥаны атыыластаххына, өр туһалыа.
БАЛЫКТАР. Тылынан эрэннэриини итэҕэйимэ, оннукка киирэн биэримэ. Түргэнник элбэх үбү-харчыны үрүлүтэн ылбыт диэн суох. Иэскэ-күүскэ киирбиттээх буоллаххына, кыралаан төлөөн иһэргэ кыһалын. Харчыгын ханна ыытаргын ааҕар-суоттуур буоллаххына, тута да буолбатар, оннун-сүнньүн булан барыаҕа. Бырааһынньыктыыр күннэргин эрдэттэн былааннаатаххына табыллыа, санааҥ хоту буолуо. Бу нэдиэлэҕэ ыраах айанныыртан тутун. Сотору үөрүүлээх сонуну истиэҥ. Чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор наадыйалларын умнума. Аҕам саастаах киһи эйиэхэ үтүөнү баҕарыыта ураты күүһү биэриэҕэ.