САХАЛЫЫ ГОРОСКОП. ТАПТАЛЛААХХЫН ДЬОЛЛОО

Ааптар: 
08.03.2018
Бөлөххө киир:

Быйыл бэлэҕи гороскобунан таларыҥ ордук буолуо диэн сулустар сүбэлииллэр.

Маныаха кэрэ аҥаардар күн-дьыл уларыйыытын, халлаан сылыйыытын кытары тэҥҥэ уларыйан иһэллэрин өйдөөн көрбүтүҥ дуо? Ордук Аан дойду дьахталларын күнэ чугаһаатаҕын ахсын өссө кэрэтийэллэр, тупсаллар, киэркэйэллэр.  


Дьэ онон, тугу бэлэхтиигин?

Хой бэлиэтигэр төрөөбүт кэрэчээнэ бэйэтигэр эрэллээх, чаҕылхай, ураты кырасаабысса. Онон да буолуо, кини ураты бэлэҕи сөбүлүүр. Бэлэҕиҥ хаҕа кытары кырасыабай буолара ирдэнэр.

Таптыыр сибэккилэрэ: оруоса, фиалка, лилия, хризантема, георгин. Кыһыл, оруосабай, кытархайдыҥы эбэтэр хараҥа кыһыл өҥнөөхтөрү сөбүлүүр. Быйыл араас тума эбиликтээх кураххай амтаннаах сакалаатынан сүрэҕин сүүйүөҥ.

Оҕус бэлиэтигэр төрөөбүт кэрэчээнэ  олус мындыр, уран дьахтар. Романтиканы уонна сыаналаах малы-салы, киэргэли сөбүлүүрүн умнума.

Кини таптыыр сибэккилэрэ: жасмин лабаата, оруоса, каллы. Таптыыр сибэккилэрэ судургу соҕустар эрээри, итиннэ балачча сыаналаах эбиликтээх буоларын эрэйэр эбээт. Холобур, бытовой тиэхиньикэ, сыаналаах кинигэ, кырасыабай портмоне. Минньигэстэн эриэхэлээх маҥан сакалааты ордорор. Киэргэл бэлэхтиир буоллаххына агат, изумруд, сапфир, бирюза таастардаахтары тал. Намчы сыт киниэхэ барсарын сулустар сипсийэллэр.

Игирэ бэлиэтигэр төрөөбүт кырасаабыссаҕа ураты, оригинальнай бэлэҕи оҥордоххуна мааныланаҕын.

Таптыыр сибэккилэрэ: орхидея, гербера, хризантема, нарцисстар. Ассорти сакалааты наһаа таптыырын умнума. Парфюмҥа санаата-оноото уларыйарын курдук, араас сыттааҕы барытын уларытарын таптыыр. Ол гынан баран, сибэкки сыттааҕы сөбүлүө диэн сулустара этэллэр.

Араак бэлиэтигэр төрөөбүттэр наһаа хаһаайыстыбаннайдар. Бытовой тиэхиньикэни, миэбэли бэлэхтээтэхтэринэ, ыйы-күнү да ылан биэрэргэ бэлэм курдук буолуохтара. Ону сэргэ, харчыны, кырасыабай копилканы, кумааһынньыгы сөбүлүүллэр.

Бастыҥ, чулуу, элитнай парфюмерияны, нарын, сибэкки сыттааҕы сөбүлүүллэр. Сибэккилэртэн — ромашкаҕа, лилияҕа, сырдык, пастельнай өҥнөөх оруосаҕа үөрүөхтэрэ. Иһигэр коньяктаах, эриэхэлээх сакалааты таптыыллар.

Хахай бэлиэтигэр төрөөбүт кырасаабысса бэйэтигэр наһаа эрэллээх. Сиэдэрэй бэлэҕи, сыаналаах киэргэли туора дьон истэн турдаҕына истиҥ эҕэрдэлээх туттарыахтарын наһаа баҕарар.

Чаҕылхай кыһыл оруосаны, тюльпаны, лилияны, гербераны, антуриуму туттардаххына үөрүө да үөрүө. Сыаналаах сакалаатынан сүрэҕин уулларыаҥ. Рубиннаах, топазтаах, горнай курустааллаах, оникстаах, аламаастаах киэргэлтэн дьоллонон, көтүөн кыната эрэ суох буолуоҕа. Парфюмҥа сыаналааҕы уонна минньигэс сыттааҕы сөбүлүүр.

Кыыс бэлиэтигэр төрөөбүт кэрэ аҥаардар сибэккини наһаа таптыыллар. Тюльпан, оруоса, маҥан лилия, незабудка, ирис о.д.а. сибэкки дьөрбөтүн туттардаххына, улаханнык манньытыаҥ. Кинилэр маны сэргэ, дьиэ сибэккитин эмиэ олус сэргииллэр. Холобур, драценаны, сингонияны, пальманы.

Сакалаакка хаппырыыстара суох. Намчы сыттаах духины таптыылларын өйдөөн кэбис. Киэргэлгэ сердолигы, топаһы, агаты сэҥээрэллэр диэн сулустар этэллэр.

Ыйааһын бэлиэтигэр төрөөбүт кэрэчээнэлэр наһаа романтичнайдар. Бэлэх эгэлгэтин сөбүлүүллэр. Кырасыабайдык киэргэтиллибит пион, тюльпан, оруоса дьөрбөтүн туттардаххына, улаханнык манньытыаҥ.

Кырасыабай иһити эмиэ наһаа таптыыллар. Маҥан сакалааты, иһигэр коньяктааҕы, винолааҕы ордороллор. Киниэхэ опал, циркон, от күөҕэ яшмалаах киэргэл ордук барсар. Сибэкки сыттаах духи  тапталлааххын тупсарыа, киэркэтиэ.

Скорпионнар экстравагантнайдар. Эмиэ да минньигэс, эмиэ да наһаа күүстээх сыттаах духинан соттоллорун сөбүлүүллэр.

Гиацинт уонна оруоса сүрэхтэрин-быардарын долгутар. Цитрус амтаннаах минньигэһи сөбүлээн сииллэр. Аквамарин, топаз, малахит таастаах киэргэллэргэ харахтара хатанар.

Кэрэ аҥаарыҥ Охчут буоллаҕына, чаҕылхай өҥнөрү сөбүлүүрүн өйдөөн кэбис. Киниэхэ хризантема, кыһыл гербера, нарцисс уонна маҥан сакалаат биэрдэххинэ наһаа үөрүөҕэ.

Киэргэл бэлэхтиир буоллаххына топазтааҕы, аметистааҕы, бирюзалааҕы ыларыҥ ордук. Духинан манньытарга толкуйдаммыт буоллаххына, наһаа сибиэһэй салгын, муора сытын сөбүлүүрүн умнума.

Чубуку бэлиэтигэр төрөөбүт кырасаабыссаҕар лилияны, гербераны, георгины, оруосаны бэлэхтээ. Тапталыҥ офиска туттуллар тиэхиньикэттэн, сыаналаах киэргэлтэн улаханнык үөрүөҕэ.

Киһи сүрэҕин сүүйэр салгын, муора сыттаах парфюмериянан сүрэҕин сүүйүөҥ. Хара сакалаатынан, трюфелинэн күндүлээтэххинэ улаханнык манньытыаҥ.

Күрүлгэн бэлиэтигэр төрөөбүт кэрэчээнэҥ наһаа ураты. Ону таба тайаннаххына, эн дьолуҥ. Холобур, фиолетовай тюльпаны эбэтэр оруосаны, экзотическай орхидеяны бэлэхтээ. Сыаналаах сакалааты сөбүлүүрүн умнума. Аметистаах, лазуриттаах, гранаттаах киэргэли бэлэхтээ. Парфюмҥа сибэкки сыттааҕы, сибиэһэй салгын, муора сытын биэрэри сөбүлүүрүн умнума.

Балык бэлиэтигэр төрөөбүт тапталгын быйыл фиалканан, сирень, фиолетовай оруоса дьөрбөтүнэн соһутуоҥ, үөрдүөҥ. Маҥан сакалаатынан күндүлээ. Кораллга, чөмчүүккэ хараҕа хатаммыта ыраатта. Онон ону бэлэхтээтэххинэ, улаханнык манньытыаҥ. Нарын сибэкки, сибиэһэй салгын, муора сыттаах парфюмтан долгуйуо.

Ол гынан баран, биири өйдөөҥ. Бэлэх — сыанатыгар буолбатах. Бэлэх – ис сүрэхтэн бэриллиэхтээх.   

Дьоллоох буолуҥ. Таптааҥ. Таптатыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0