ХОЙ. Үлэҕэр түбүгүҥ-садьыгыҥ элбиэҕэ, сорудах бөҕөтө сүктэриллиэ. Онуоха ханна даҕаны сырыттаргын, төһө да түбүгүрдэргин, кимниин да иирсибэт буоларга кыһалын. Ол оннугар бириэмэҕин аттарарга, таба туһанарга болҕомтоҕун уур. Барытын дьүөрэлээн былааннаа.
Дьиэҕэр-уоккар тугу эмэ уларытыаххын, өрөмүөнүнэн дьарыктаныаххын сөп. Табыллыа. Чугас дьоҥҥор болҕомтоҕун уур. Түүлгүн-биккин аҕам саастаах аймаххар кэпсээ. Кини сүбэтин болҕойон иһит. Өрөбүллэргин тус бэйэҕэр анаа. Дуоһуйа сынньан, сибиэһэй салгыҥҥа сырыт.
ОҔУС. Дьиэҕэр-уоккар, чугас дьоҥҥор көмөҥ, суһаллык толоруохтаах үлэҥ элбииһи. Олору кэнникигэ диэн хаһаамматыҥ ордук. Хаалларар түгэҥҥэр, дьиэҕэр да, үлэҕэр да кэлин кыһалҕадар үөскүөхтэрэ. Тус бэйэҥ былааныҥ билигин туолбакка хааларыттан санаарҕаама.
Сулумах сылдьааччылары истиҥ көрсүһүүгэ соһуччу ыҥырыахтара. Онуоха бириэмэҕин аҥардас көргө бараама. Тоҕо диэтэххэ, эбии харчылаһар этиини куоттаран кэбиһиэххин сөп. Бу күннэргэ ыраахтан ыалдьыттар кэлиэхтэрэ, үчүгэй сонуну истиэҥ. Кэһии эбэтэр харчы тутуоҥ.
ИГИРЭЛЭР. Үп-харчы боппуруоһун быһаарарга тоҕоостоох үчүгэй нэдиэлэ үүммүт. Онон үлэҕин-хамнаскын, кыһамньыгын салалтаҕар көрдөр. Нэдиэлэ бүтүүтэ суолталаах мунньахха, кэпсэтиигэ кыттыаҥ. Дьыалабыай көрсүһүүлэр элбэх туһалаах санааны үөскэтиэхтэрэ.
Төһө да түбүктээх нэдиэлэ үүммүтүн иһин, чугас дьонуҥ туһунан таһы-быһа умнума. Ордук доруобуйаларыгар болҕомтоҕун уур. Ыал буолаары сылдьааччыларга бэртээхэй күннэр-дьыллар. Онон урууну тэрийээччилэр, күтүөттүү, кийииттии тиийээччилэр уһата-кэҥэтэ барымаҥ. Оттон сэрэйэн көрөр дьоҕургар болҕомтоҕун уур.
АРААК. Бу күннэргэ ис сүрэхтэн астына-дуоһуйа кэпсэтиилэр үксүөхтэрэ. Ол үлэҕэр-хамнаскар наадалаах буолуо. Онуоха соһуччу көрсүһүүлэр, көрбөтөҕүҥ ырааппыт дьонуҥ кэлиэхтэрэ. Ол да буоллар, бу нэдиэлэҕэ былааннаабыккын барытын толорорго, сөптөөх кэмигэр түмүктүүргэ кыһалын.
Оттон чугас доҕоруҥ, тапталааҕыҥ эйиэхэ үлэҕэр да, дьиэҕэр да бигэ тирэх буолалларын саарбахтаама. Дьиэҕэр-уоккар бу күннэргэ улаханы атыылаһарга тиэтэйимэ. Үпкүн-харчыгын ыскайдыы сатаама. Өрөбүллэргин дьиэҕэр атаарарыҥ ордук. Ити күннэргэ элбэх киһи мустубут сиригэр сылдьаргын тохтотон эр.
ХАХАЙ. Чугас дьоҥҥор, дьиэ кэргэҥҥэр, үлэҕэр да сыһыаннаах олус элбэх сонуну истиэҥ. Барытыгар итэҕэйэн, сүрэххэр чугастык ылынан иһимэ. Сыта-тура толкуйдаа, сыымайдаа. Ол оннугар үлэҕэр болҕомтоҕун улаатыннар. Сарсыарда эрдэлээ, киэһээ барытын ситэрэн-хоторон, түмүктээн баран дьиэлээ. Араас тэрээһиннэргэ кыттартан аккаастаныма.
Доруобуйаҕар болҕомтолоох буол. Наада буоллаҕына, бырааска көрдөрүн. Дьиэҕэр-уоккар элбэх боппуруоһу быһаарыаҥ. Түүлгэр улахан болҕомтоҕун уурума. Оттон сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ хаһааҥҥытааҕар да улааппытыгар итэҕэй. Өрөбүллэргин тус бэйэҕэр анаа. Сынньан, уоскуй.
КЫЫС. Элбэх түбүктээх күннэр үүммүттэр. Дьиэҕэр да, үлэҕэр да тэҥинэн сүүрэҕин. Барытыгар болҕомтолоохтук сыһыаннас. Оттон өрөбүллэргэр чугас дьоҥҥун кытары буоларга кыһалын. Саастаах киһи сүбэтин-аматын болҕойон иһит. Оттон бэйэлэрин түбүктэрин эйиэхэ найылыан баҕалаах дьонтон тэйэ тутун.
Бу күннэргэ ким эрэ эйиэхэ ыраахтан төлөпүөннүө, үчүгэй сонунунан үөрдүө. Ол сонун эйиэхэ сырдыгы, күүһү эбиэҕэр эрэн. Оттон чугас дьоҥҥор кыһамньыҥ, үлэҕэр болҕомтоҥ сыаналаныа. Дьиэҕэр-уоккар наадалааҕы атыыласпытыҥ дьиэ кэргэҥҥин, чугас дьоҥҥун улаханнык үөрдүө. Ол дьиэ иһинээҕи эйгэни тупсарыа.
ЫЙААҺЫН. Араас ол-бу быстах санааларгын, толкуйдаргын тохтот. Тулаҕар тугу да тиэтэтимэ, барыта бэйэтинэн устан истин. Оччоҕуна эрэ кэлин үлэҕэр, тус олоххор уларыйыы киириэҕэ. Кэллиэгэлэргэр болҕомтоҕун уур, кинилэр тугу этэллэрин долоҕойгор хатаа. Ол эрээри, мөккүһүмэ, сөпсөспөккүн биллэримэ.
Үпкүн-харчыгын ыскайдыырга тиэтэйимэ. Сотору улаханы атыылаһаргар, эбэтэр ханна эмэ айанныыргар наада буолан туруоҕа. Эбии харчылаһаргар этии киириэн сөп. Чугас дьоҥҥор, ордук кырдьаҕастаргар болҕомтоҕун уур. Оттон өрөбүллэргэрэ элбэх киһи мустар сиригэр сылдьа сатаама. Оттон бу күннэргэ эбии үөрэнии элбэҕи биэрэрин умнума.
СКОРПИОН. Дьоҥҥун-сэргэҕин, кэллиэгэлэргин кытары истиҥник кэпсэт. Ол гынан баран, урукку доҕотторгун умнума. Кинилэр тугу этэллэрин болҕойон иһит, сүбэлэрин ылын. Сүктэриллибит сорудаҕы кэмигэр толорорго кыһалын. Дуоһунаһыҥ үрдүөн эбэтэр хамнаһыҥ улаатыан сөп. Онон үлэҕэр ордук чугас, болҕомтолоох буол. Сонун санааларгын киллэр.
Ыраахтан сонун истиэҥ. Өссө көрсүбэтэҕиҥ ырааппыт доҕоруҥ эбэтэр аймах-билэ дьоҥҥуттан ыалдьыттыы кэлиэхтэрин сөп. Халтараантан, тымныыттан сэрэн. Дьарҕарбыт ыарыыҥ көбүөн сөп. Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥун кытары атаарарга кыһалын.
ОХЧУТ. Үпкүн-харчыгын былааннаа, уурун. Ый бүтүүтэ наада буолан туруон сөп. Бу күннэргэ үлэҥ элбиэҕэ. Эбии харчылаһар кыах эмиэ үөскүө. Күүс-уох, сонун санаа эйиэхэ кутуллан киирэр курдук буолуоҕа. Кэллиэгэлэргин кытары истиҥник сыһыаннас. Ол эрээри, ону-маны кэпсэтиигэ мээнэ кыттыһыма, санааҕын аһаҕастык этэргэ тиэтэйимэ.
Дьиэҕэр-уоккар уларыйыы суох. Кэһии эбэтэр бэлэх тутан үөрүөҥ. Сулумах сылдьааччылары саҥа билсиһиилэр күүтэллэр. Ол гынан баран, тута истиҥ көрсүһүүгэ ыҥырдахтарына, толкуйдаа. Ыраах айанныы сатаама. Оттон хамсаныы-имсэнии, хаамыы доруобуйаҕар ордук туһалаах буолуохтара.
ЧУБУКУ. Үлэҕэр түбүк-садьык хаһааҥҥытааҕар да элбээбит. Сарсыҥҥыга тугу да хаалларбакка, кэмигэр бүтэрэн-оһорон иһэргэ кыһалын. Элбэхтик кэл-бар, чугас эргин айаннаа. Онно саҥа билсиһиилэр үлэҕэр элбэҕи туһалыахтара. Үп-харчы боппуруоһа үчүгэй. Ол эрээри иэс биэримэ, ыларыҥ уустуктардаах буолан хомотуоҕа. Үлэҕэ сыһыаннаах туораттан этиилэри сыта-тура сыымайдаа.
Дьиэҕэр-уоккар улахан уларыйыы суох. Оттон былааҥҥар өрөмүөн, дьиэ ис бараанын уларытыы баар буоллаҕына, тохтотон эрэриҥ ордук. Өрөбүллэргин чугас доҕотторгун кытары атаар. Суолга-иискэ тиэтэйимэ, күн-дьыл туругун көрөн таҥын. Бу күннэргэ тымныйдаххына, өр аһарбакка эрэйдэниэҥ.
КҮРҮЛГЭН. Түбүгүҥ-садьыгыҥ өссө элбээбиккэ дылы. Онон сибээстээн дьиэтээҕи түбүгү тохтот. Идэлээх үлэҕэр болҕомтоҕун уур. Үлэ көрдөнөөччүлэргэ эбэтэр үлэлэригэр саҥаны саҕалааччыларга олус үчүгэй, ситиһиилээх күннэр-дьыллар үүммүттэр. Үчүгэй сонуннар күүскэр күүс эбиэхтэрэ, санааҕын улаханнык көтөҕүөхтэрэ.
Бу күннэргэ сискин харыстан. Ыараханы көтөҕүмэ, тымныыттан уонна халтараантан сэрэн. Сөптөөх хамсаныы-имсэнии доруобуйаҕын чэбдигирдэргэр туһалыа. Истиҥ көрсүһүүттэн аккаастаныма. Саҥа билсиһиилэр үлэҕэр сонун сүүрээни киллэрэргэр туһалыахтара.
БАЛЫКТАР. Туора дьон кэпсээнин, тугу этэллэрин болҕойон иһит. Кинилэр сүбэлэрин сыта-тура толкуйдаан, ыараҥнатан көр. Саҥа билсиһиилэртэн, көрсүһүүлэртэн аккаастаныма. Бэйэҥ кыһалҕаҕар, санааҕар бүгэн, хаайтаран хаалыма. Онуоха бу күннэргэ билсибит дьонуҥ олус интэриэһинэй этиилээх буолуохтарын сөп.
Сэрэдэ, чэппиэр эйиэхэ үөрүүнү бэлэхтиэхтэрэ. Оттон истиҥ көрсүһүүттэн аккаастаныма. Бу күннэргэ тугу түһээбиккин дьоҥҥо ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Оттон сэрэйэн көрөр дьоҕургар итэҕэй. Бу күннэргэ ыраахтан кэһии тутуоҥ. Соһуччу көрсүһүү санааҕын көтөҕүө.