ХОЙ. Саҥаны саҕалыыргар үчүгэй күннэр үүммүттэр. Урукку баҕа санааҕын толоруоххун сөп. Көрсөр мэһэйдэргиттэн толлума. Кылаабынайа үчүгэй түмүгү ситиһэргэ дьулус. Тапталгар табыллыаҥ. Истиҥ көрсүһүүлэртэн аккаастаныма. Төһө да көтө-дайа сылдьыах санааламмытыҥ иһин, доруобуйаҕын умнума. Чугас дьонуҥ сүбэлэрин-амаларын ахсарбатаҕыҥ да иһин, иһит, толкуйдаа, ылын. Көмөлөөх буолан туруохтара.
ОҔУС. Санааҕын түһэримэ. Билигин кыаллыбатах, кэлин табыллыа. Дьонтон итэҕэс курдук сананыма. Үлэҕэр төбөҥ оройунан түс. Барыта табыллыа. Эбиитин саҥа, сонун санаалар кутуллан киириэхтэрэ. Олору олоххо киллэрэриҥ кэбэҕэс буолуо. Чугас доҕоргун, тапталлааххын, дьиэ кэргэҥҥин кытары иирсэ сатаама. Кыыһырсыыгыт уһаан-тэнийэн барыа. Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт. Үлэҥ таһынан эбии харчылаһаргар кыах үөскүө.
ИГИРЭЛЭР. Туохтан барытыттан кыйаханар санаалааҕыҥ да иһин, тулуйа түс. Сотору туох барыта орун-оннугар түһүө. Оҕолоруҥ, дьиэ кэргэниҥ, тапталлааҕыҥ хаппырыыстарын, туохтан эрэ сылтаан тыл-тылга киирсибэт буолуугутун эмиэ тулуйаргар тийэҕин. Ыал буола иликтэри истиҥ көрсүһүүлэр күүтэллэр. Сарсыарда хамсан-имсэн, хаамыынан дьарыктан, сибиэһэй салгыҥҥа сырыт. Доруобуйаҥ чэбдигириэ. Сотору харчы, эбэтэр бириэмийэ тутуоҥ.
АРААК. Бу нэдиэлэҕэ туох барыта эйиигин утарар курдук буолуоҕа. Үлэҕэр буулуохтара, дьиэ кэргэҥҥэр өйдүөхтэрэ суоҕа. Тапталлааххын, олоҕуҥ доҕорун кытары эмиэ тыл-тылгытыгар киирсибэккэҕит эрэйдэниэҥ. Ол да буоллар, сулустар тулуурдаах буоларгар сүбэлииллэр. Сүрэххэр, хааныҥ баттааһыныгар болҕомтоҕун уур. Сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтэ сылдьа сатаа. Аскын-үөлгүн көрүн. Оттон туппут харчыгын барыырга тиэтэйимэ.
ХАХАЙ. Аргыыйдык сылдьан, барытын ситиһэргэ кыһалын. Туппуккун ыһыктыма. Оччоҕо барыта оннун-сүнньүн булан барыа. Сөптөөх сынньалаҥ туһунан умнума. Чугас дьоҥҥун кытары сэһэргэс, сибиэһэй салгыҥҥа бииргэ сылдьыҥ. Тапталлааҕыҥ этэрин болҕомтоҕор ыл. Аскын-үөлгүн көрүн, хамсан-имсэн, хаамп. Доруобуйаҕар туһалаах эрэ буолуохтара. Үп-харчы эбии киллэринэргэр кыахтар үөскүөхтэрэ, эбии үлэлэр көстүөхтэрэ.
КЫЫС. Үлэҥ-хамнаһыҥ үллэ-үллэ кэлэр курдук буолуоҕа. Онтон аккаастанарыҥ табыллыбат, атын киһиэхэ көлбөрүтэриҥ кыаллыбат. Барытын ылынан түсүһэн ис. Ол оннугар ол-бу бытархай аралдьытар, дьиэтээҕи, доҕоттор сорудахтарыгар ылсыма, түсүһүмэ. Үлэ — үлэнэн. Барытын толоруоҥ, махталы ылыаҥ. Тапталгар табыллыы, өйдөһүү күүтэр. Тымныытан, сииктэн сэрэн. Үп-харчы үрүйэлии да киирбэтэр, этэҥҥэ баар буолан иһиэ.
ЫЙААҺЫН. Дьиэҕинэн, үлэҕинэн эрэ олорума. Доҕотторгун кытары көрүс, аралдьый. Саҥаны, сонуну билиэҥ. Ол үлэҕэр, тус бэйэҕэр, дьиэ кэргэҥҥэр да көмөлөөх буолуо. Эбии харчылаһаргар туораттан этии киириэ. Соһуччу көрсүһүүлэртэн санааҥ биллэ көтөҕүллүө. Үчүгэйдик утуйуу, сынньанан ылыы күүс-сэниэ биэриэ. Дьиэҕин-уоккун уларытар, өрөмүөннүүр туһунан толкйдаммыт буоллаххына, саҕалыыргар тоҕоостоох кэмнэр.
СКОРПИОН. Саҕалаабыккын ситэриэххэр, ылсыбыккын түмүктүөххэр диэри сынньанарга бокуой суох курдук буолуоҕа. Сүрэҕэлдьээбэккэ, кэнникигэ хаалларбакка барытын түмүктээн истэххинэ, махтал, хайҕал тутуоҥ. Дьиэ кэргэҥҥэр эбэтэр аймах-билэ дьоҥҥун кытары кыраттан сылтахтанан кыыһырсыылар буолан ылыахтара. Санааҥ-онооҥ түһэө ылбытын да иһин, доруобуйаҕын көрүнэргин умнума. Сибиэһэй салгыҥҥа хамсан-имсэн, хаамыынан дьарыктан.
ОХЧУТ. Тугу барытын ырытан көрүөҥ. Үлэҕэр да, дьиэҕэр чугас дьонуҥ да эйиигин улаханнык өйдүөхтэрэ суоҕа. Үпкүн-харчыгын көрүнэн, суоттанан сырыт. «Тыалга көтүтүөххүн» сөп. Туох эмэ улаханы ылыаҥ иннинэ сыта-тура толкуйдаа, сэттэтэ мээрэйдээ. Чугас дьоҥҥор болҕомтоҕун уур. Санааларын иһит. Өрөбүллэргин кинилэри кытары атаар. Түүлгэр болҕомтолоохтук сыһыаннас. Ыраахтан ыалдьыт кэлиэ. Ботуччу бириэмийэ эбэтэр кэһии тутуоҥ.
ЧУБУКУ. Үлэҕин уларытыаххын баҕарар буоллаххына, дьоҥҥо кэпсии-ипсии сылдьыма. Резюмеҕын хайдах суруйаргын толкуйдан. Дьулуурдаах уонна көхтөөх буоллаххына, туруоруммут сыалгын-соруккун ситиһэн тэйиэҥ. Соҕотох сылдьааччыларга тапталларыгар билиниэхтэрэ, истиҥ көрсүһүүлэргэ ыҥырыахтара. Доруобуйаҥ туһунан умнума, аһы-үөлү бэрийэр, бэйэни көрүнэр кэм кэлбит. Хамсаныы, хаамыы, массаж абырыахтара. Үтүө сонунтан санааҥ көтөҕүллүө.
КҮРҮЛГЭН. Олоххуттан, ордук тулалыыр дьоҥҥуттан дуоһуйууну ылбат курдук саныырыҥ арахсан биэриэ суоҕа. Итини таскар таһаарбатаҕыҥ да иһин, туора дьон сэрэйиэхтэрэ, тэйэн биэриэхтэрэ. Ол-бу итэҕэскэ, сыыһаҕа кыһаллыма. Эн кыһамньыгын сыаналыыллара биллибэт. Саҥа билсиһиилэртэн сонун санааларга куустарыаҥ. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур. Хаамыы, массаж эйиэхэ саамай көмөлөһөр кэмнэрэ. Үп-харчы боппуруоһа үчүгэй.
БАЛЫКТАР. Холку буоларга кыһалын. Дьон араас тылыгар-өһүгэр болҕомтоҕун уурума, кулгааҕыҥ таһынан аһар. Дьиэҕэр-уоккар үлэлээ-хамсаа, чугас дьоҥҥун кытары онно-манна сырыт, аралдьый. Дьиэҕэр-уоккар туох эрэ наадалааҕы, туһалааҕы атыылас. Барыгытын үөрдүө. Бу күннэргэ ким эрэ эйиэхэ соһуччу бэлэх оҥоруо эбэтэр тапталыгар билиниэ. Оттон сарсыардааҥы хамсаныы, бэйэни көрүнүү доруобуйаҕар туһалара улаатыа, күүһүрүө.