САХАЛЫЫ ГОРОСКОП (ОТ ЫЙЫН 2-8 КҮННЭРЭ)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

ХОЙ. Уруккуттан баҕарбыт ыра санааҕын толоруоҥ, сыалгын-соруккун ситиһиэҥ. Онуоха тапталлааҕыҥ көмөлөһүө. Истиҥ, доҕордуу кэпсэтииттэн санааҥ көтөҕүллүө. Оттон эйигин бэйэтин сыалын толороругар туһаныан баҕалаахтар сыыһалларын өйдүөхтэрэ. Ол гынан баран, бу күннэргэ барытын мин саба тутуохтаахпын дииргин тохтот. Биир санаалаахтаргын, көмөлөһөөччүлэргин бул. Кинилэри кытта элбэҕи кыайа-хото тутуоҥ. Өрөбүллэргэ тапталгар табыллыаҥ. Нэдиэлэ бүтүүтэ үчүгэй сонунтан эбэтэр истиҥ көрсүһүүттэн санааҥ күүһүрүө.

ОҔУС. Үп-харчы эбиллиитэ бэйэҕиттэн, үлэҕиттэн быһаччы тутулуктаныа. Онуоха  эйиэхэ көмөлөһөөччүлэр баар буолуохтарын сөп. Онон сулустар дьүккүөрдээх, дьулуурдаах буоларгар сүбэлииллэр. Бэртээхэй санаа, былаан да элбиэҕэ. Сулустар да чугас айаҥҥар  көмөлөһүөхтэрэ, ситиһиини тосхойуохтара. Быһаччы эттэххэ, үлэҕэр ситиһии бөҕө буолуо, ол оннугар чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор хаһааҥҥытааҕар да наадыйаллара улаатыа. Ону барытын сааһылаатаххына, хайатыгар да табыллыаҥ. Кылаабынайа, бу күннэргэ ыалгын кытары иирсимэ.

ИГИРЭЛЭР. Хаһааҥҥытааҕар да тулуурдаах уонна дьиссипилиинэлээх буолууҥ түмүгэр, тус олоххор табыллыаҥ. Кылаабынайа доруобуйаҕын чэбдигирдинэр, сэрээккэлиир, көрүнэр-истинэр туһунан толкуйдан. Аскын-үөлгүн кытары көрүн. Үлэҕэр түбүк-садьык элбээбитин да иһин, ордук тиискэр, сүһүөхтэргэр болҕомтоҕун уура сырыт. Күүлэйгэ аралдьыйбатаххына, бириэмэҕин аттаран туһалаахтык атаардаххына, элбэҕи ситиспиккиттэн соһуйуоҥ. Тапталгар доҕоруҥ эбэтэр чугас киһиҥ эйигиттэн тугу эрэ кистиирин билиэҥ. Ону таайа сатыы сылдьыбакка, аһаҕастык ыйытарыҥ ордук. Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥун кытары атаар.

АРААК.  Элбэх сыраны, тулууру эрэйэр сорудах сүктэриллиэ. Онно саарбаҕалыыр буоллаххына, сүүйтэриилээх хаалыаҥ. Оттон дьулуурдаахтык туруннаххына, бэйэҥ да соһуйуоҥ иһин, көһүппэтэх өртүгүттэн көмө кэлиэ. Эйигин ордук саныыр, эйиэхэ күнүүлүүр дьону кытаанах тылларгынан дьулатыаҥ. Нэдиэлэ бүтүүтэ ханна эрэ айанныаххын сөп. Онно истиҥ билсиһии күүтэр. Түүлгэр болҕомтоҕун уур.

ХАХАЙ. Үлэҕин кыайа-хото тутаргын көрдөрөн хайҕаныаҥ. Салалтаҕыттан бириэмийэ тутуоҥ. Ол эрээри, харчыгын ыһа охсорго тиэтэйимэ. Билигин ууруннаххына, кэлин үөрэргиттэн соло булуоҥ суоҕа. Нэдиэлэ саҥатыгар элбэх уопсастыбаннай дьыалаҕа кыттыаҥ. Дьон-сэргэ бөҕөтүн кытары билсиэҥ, көрсүөҥ. Бэл, туора дьон кистэлэҥин кытары билиэҥ. Онно сүбэлиэҥ-амалыаҥ, оннооҕор көмөлөһө да тиийиэҥ. Төһө да эн көмөҕөр наадыйбыттарын иһин, тус санааҕын уларытыма. Нэдиэлэ бүтүүтэ эйигин истиҥ көрсүһүүгэ ыҥырыахтара.

КЫЫС. Нэдиэлэ саҥатыгар эйиэхэ тапталга билиниэхтэрэ, болҕомтолорун ууруохтара.  Онуоха эн наар болҕомто эрэ эрэйиэҥ. Эбиитин кистэлэҥнээх курдук буола сатыаҥ. Тус олоххор урукку-хойукку иэстэргин төлүүргэ кыһаллыаҥ. Дьыаланы-куолуну эмиэ түмүктүөҥ. Атыыҥ-тутууҥ табыллыа. Ол гынан баран, туох эрэ сонунтан олус дьиктиргиэҥ. Итинтэн сылтахтанан тугу санаабыккын мээнэ быктарыма. Сыыһа өйдүөхтэрин, иирсээни тардыахтарын сөп. Чугас дьоҥҥор болҕомтоҕун уур, сынньалаҥҥын кинилэри кытары атаар.

ЫЙААҺЫН. Бу күннэргэ элбэх харчыны матайдыаҥ. Онтуккуттан санааргыаҥ эрээри, туох эрэ онун санаа киириэ. Ол эбии харчылаһаргар кыаҕы биэриэ. Ити санааҕар, былааҥҥар ким эрэ мэһэйдэһэ сатыа. Онон сэргэхтик сырыт, туора дьоҥҥо эрэнимэ. Саҥа билсиһиилэр күүтэллэр. Ол түмүгэр элбэх киһи мустар сиригэр сылдьыталыаҥ. Онно биллэр-көстөр киһи туһунан тугу да кэпсэтимэ, кэпсээмэ. Иирсээн буолан туруон сөп. Ол оннугар чугас дьоҥҥор, дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтоҕун уур. Кинилэри кытары бириэмэҕин бииргэ атаарарга кыһалын. Кинилэр эйиэхэ көмөлөһө, өйөбүл буола сатыахтара. Айдааран, тыаһаан-ууһаан мэһэйдиир ыалгын кытары кэпсэтэргэр саамай тоҕоостоох күннэр үүммүттэр.

СКОРПИОН. Үөйбэтэх-ахтыбатах өртүгүттэн араас дьону кытары билсиһиэҥ. Бөрүкүтэ суох сонунтан сылтахтанан ньирбэнэйдиэҥ, доруобуйаҥ да мөлтөөн ылыа. Онтон сылтахтанан үлэлиир да баҕаҥ намтыа. Онон дьону кытары кэпсэтэргэр, бараргар-кэлэргэр болҕомтолоох буол. Сэрэнэн-сэрбэнэн сырыт. Ким эрэ эн тускунан бөрүкүтэ суох саҥарара, эйигин иирсээҥҥэ уга сатыыра биллэн тахсыа. Үлэҕэр эбии сорудахтан аккаастаныма. Эйиэхэ туһалаах буолуо. Хамнаскар эбиэх буолбуттарын эбэтэр эрэннэрбит бириэмийэлэрин туһунан санат. Ханна эрэ баран кэлииҥ санааҕын көтөҕүө. Саҥа билсиһии күүс-уох биэриэ.

ОХЧУТ. Бу күннэргэ сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ хаһааҥҥытааҕар да күүһүрүө, түүлүҥ-битиҥ иччилэниэ. Үлэҕин сайыннараргар олус наадалаах, интэриэһинэй сонуннары истиэҥ. Саҥа былаан оҥостууҥ үлэҕин сэргэхситэргэр улахан көмөлөөх буолуо. Ону бииргэ үлэлиир дьонуҥ, салалтаҥ бэлиэтии көрүөхтэрэ. Эйигин кытта бииргэ үлэлиэн баҕалаах элбиэҕэ. Өрөбүллэргин тапталлааххын кытары атаараргар олус үчүгэй күннэр диэн сулустар этэллэр. Оттон соҕотох сылдьааччылары сулустар саҥа билсиһииттэн сэрэтэллэр.

ЧУБУКУ. Эн санааҕын, тугу этэргин үлэҕэр хаһааҥҥытааҕар да ылыныахтара, истиэхтэрэ. Ол гынан баран, нэдиэлэ иккис аҥарыгар дьон тугу этэрин тулуйан истэргэр, иирсибэккэр сулустар сүбэлииллэр. Билиигин-көрүүгүн хаҥатыыҥ, эбии үөрэххэ сылдьыыҥ улаханнык туһалыа. Сүктэриллибит эбээһинэһи, сорудаҕы кэнники күннэргэ көһөрүмэ. Күүһүҥ-уоҕуҥ ону кытары кыччаан иһэр курдук буолуо. Өрөбүллэргэр доҕотторуҥ, атастарыҥ ыҥырыахтара. Онно соһучу көрсүһүү долгутуо. Ол эрээри, истиҥ көрсүһүүттэн туттунан эрэриҥ ордук. Эн тускунан араас дойҕоҕу тарҕатыахтарын сөп.

КҮРҮЛГЭН. Бу күннэргэ туохха да кыттыаххын, тугу да оҥоруоххун баҕарбаккын. Бэйэҥ ханнык эрэ кэмҥэ кыра оҕо курдук буолан ылыаххын баҕарыаҥ. Онтон өрөбүллэргэр тапталлааххын кытары өйдөспөккөҕүт, кыыһыран, тымтан туруоҥ. Ол гынан баран, бу күннэргэ кыыһырарыҥ, ньиэрбэнэйдиириҥ сүрэххэр охсуон сөп. Онон сибиэһэй салгыҥҥа сырыт, йоганан дьарыктан, кинигэтэ аах, киинэҕэ сырыт, аралдьый. Оттон нэдиэлэ бүтүүтэ, санааҕын тууйбут боппуруоһуҥ быһаарыллыа. Маныаха туора дьон тугу этэрин истимэ, сүрэҕин тугу этэрин ордук иһит диэн сулустар этэллэр. Өрөбүллэргэр урукку доҕотторгун көрсүөҥ.

БАЛЫКТАР. Үлэҕэр болҕомтолоох буол. Иһитиннэриини бэрэбиэркэлээ. Тыл тылга киирсибэт, өйдөспөт буолуу тахсар да түгэнигэр, айдааран турума. Тулуурдаах буол. Тоҕо диэтэххэ, хамнаһыҥ, бириэмийэҥ онтон тутулуктаах. Доҕотторгун кытары көрсүһүүгэ урут куоттарбыккын, мүччү туппуккун дьэ ситиһэн дьоллонуоҥ. Тапталгар табыллыаҥ. Соһуччу үөрүүлэр күүтэллэр. Ол гынан баран, күнүүттэн сэрэн. Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥун кытары атаар. Түүлгүн дьоҥҥо кэпсээмэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0