Сахалыы гороскоп. Олунньу 6-13 күннэрэ

Бөлөххө киир:

Хой

Нэдиэлэ саҥата эбээһинэскинээҕэр элбэх үлэ күүтэр. Ол эрээри төһөнү үлэлээбитиҥ барыта кэмигэр сыаналаныа. Буолар быһыыны-майгыны холкутук ылына сатаа. Иллэҥ бириэмэҕин сөбүлүүр дьарыккар анаа.

Оҕус

Дьон эйигин ылынар, сыаналыыр. Албыннаһааччылар да бааллар. Элбэх саҥа этии киириэҕэ. Олор быыстарыгар саҥа, туһалаах идиэйэни булан ылыаххын сөп. Нэдиэлэ бүтүүтэ үпкэ-харчыга сыһыаннаах боппуруостары ситиһиилээхтик быһаарыаҥ.

Игирэлэр

Тулалыыр дьонуҥ эн былааҥҥын ыһыахтарын сөп. Ол эрээри игирэлэр ыксаллаах быһаарыныы ылынарга ыксаамаҥ. Тус олоххор, дьиэ кэргэҥҥэр тыҥааһыннаах кэм буолуон сөп. Холкутуу сатаа. Барытын эйэнэн быһаарар кыахтааххын умнума.

Араак

Саҥа саҕалааһыннар бу нэдиэлэҕэ  ситиһиини аҕалыахтара. Ол эрээри аһары киһиргэнэн, киэҥ эйгэҕэ үөрүүлээх сонуннаргын ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Дьиэ кэргэҥҥэр арыый туттуна соҕус сырыт. Чугас дьоҥҥун алҕас хомотон кэбиһиэххин сөп.

Хахай

Өр кэм устата кыһалҕа буолан санааҕын аалар дьыалаҥ быһаарыллара бу тирээн кэлбит. Бииргэ үлэлиир, алтыһар киһиҥ дьыаланы өр быһаарсарын сөбүлүүр эбит буоллаҕына, эн тута барытын оҥоро охсор ис кыаххын кини өйдөөмүөн сөп. Бу нэдиэлэ устата ыксаабакка, чахчы наадалаах эрэ дьыаланан ылсан үлэлээҥ диэн сулустар сүбэлииллэр.

Кыыс

Нэдиэлэ саҥата таптал, доҕордоһуу курдук истиҥ сыһыан эһиэхэ бастакы миэстэҕэ туруоҕа. Саҥа үөскээбит ыарахаттартан санааҕытын түһэримэҥ, барыта этэҥҥэ быһаарыллыаҕа. Буолар быһыыны-майгыны холкутук ылыныҥ. Нэдиэлэ бүтүүтэ саҥа этии киириэҕэ, төһө бэлэмҥитин ыараҥнатан көрөн баран биирдэ сөбүлэһиҥ диэн сулустар кэпсииллэр.

Ыйааһын

Бу нэдиэлэҕэ ыйааһыннар болҕомтоҕутун чахчы туолуон сөптөөх тэрээһиннэргэ аныыргыт ордук. Нэдиэлэ бүтүүтэ саҥа идиэйэлэр киириэхтэрэ. Биир сиргэ тохтоон турумаҥ. Талааҥҥытын, кыаххытын сөпкө туһаныҥ.

Скорпион

Үлэлиир-хамсыыр скорпионнарга бу нэдиэлэ ситиһиилээх буолуоҕа. Саҥа былааннары олоххо киллэрэргэ кыһаллыҥ. Элбэх быһаарыллыбатах дьыалаҕытын орун-оннугар туруораргытыгар тоҕоостоох кэм. Чугас киһигитин кытта өйдөспөт түгэн үөскүөн сөп. Санааҕытын искитигэр тута сылдьымаҥ.

Охчут

Үлэҕитигэр эһигини тургутан көрөр кэм тирээбит. Бириэмэҕитин сөпкө аттарынан үлэлээтэххитинэ, биир нэдиэлэ иһигэр ыйдааҕы үлэҕитин бүтэрэр кыахтааххыт. Ыксаллаах быһаарыныыны ылынартан туттунуҥ. Ыарахан кэмҥэр доҕотторуҥ, чугас дьонуҥ өйөбүл буолуохтара.

Чубуку

Үлэҕэ-хамнаска, олоххо-дьаһахха сөптөөх быһаарыныы ылыныаххыт. Онуоха эһигини өрүү харыстыыр аанньалгыт көмөлөһүөҕэ. Саҥа идиэйэлэри олоххо киллэрэртэн куттанымаҥ. Барыта орун-оннугар буолан иһиэҕэ.

Күрүлгэн

Умнуллубат түгэннэр күүтэллэр. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга, соһуччу, өр быһаарыллыбатах дьыалаҕытын быһаарар кыахтаныаххыт.  Ким эрэ саҥа этии киллэриэн сөп. Ол этиини ылынаргыт ордук. Сулустар кэпсииллэринэн, олоххут суола салгыы сайдарыгар саҥа тосхоллор үүнүөхтэрэ. Соҕотох күрүлгэннэри интэриэһинэй билсиһии күүтэр.

Балыктар

Тус сыалгын ситиһэр туһуттан тулалыыр дьоҥҥун ыгарыҥ-түүрэриҥ туох да үчүгэйи аҕалбат. Олоҕуҥ аргыһын кытта аһаҕастык кэпсэтэн инники былааннары ырытар кэм тирээн кэлбит. Салгыы сайдар, олоҕу тупсарар туһугар иккиэн аһаҕастык кэпсэтэн инникигитин былааннанаргыт наада буолбут.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0