ХойКөхтөөх нэдиэлэ күүтэр. Эт-сиин да өттүнэн кыах баар буолуоҕа. Онон ити күүскүтүн-уоххутун туһаныҥ, биир сиргэ олорон хаалымаҥ. Олоххо-дьаһахха буолар быһыыга-майгыга холкутук, мындырдык сыһыаннаһыҥ. Кыраттан кыыһыраргытын тохтотуҥ.
ОҕусБэйэҕитин бэрээдэктэниҥ, санааҕытын сааһыланыҥ. Нэдиэлэ саҥата кыраттан да кыйаханыаххытын сөп. Аскытын көрүнүҥ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ аһаҕас, аламаҕай буолуҥ.
ИгирэлэрКуһаҕана суох кэм. Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыҥ, доҕоттору-атастары кытта үөрүүлээх көрсүһүүлэр күүтэллэр. Аһыы утаҕынан үлүһүйүмэҥ, бүөргүтүгэр, быаргытыгар куһаҕаннык дьайыан сөп.
АраакОлоххо көрүүгүт киэҥ. Дьону кытта тапсаҕыт, уопсай тылы булаҕыт. Сэрэйэн көрөр дьоҕургут сайдыбыт кэмэ. Чугас дьоҥҥутун кытта сынньалаҥҥытын бииргэ атаарыҥ. Наһаа үлэнэн үлүһүйэн, буолар быһыыны-майгыны болҕомтоҕо ылбакка хаалыаххытын сөп.
ХахайХахайдар тус олохторугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар саҥа хайысхалар баар буолуохтара. Туохтан да куттанымаҥ, эһиги олоххо уопуккут, дьоҥҥо истиҥ сыһыаҥҥыт иһин махталын ылар кэмҥит дьэ, кэлбит. Болҕомтолоох буолуҥ.
КыысНаймылаһан үлэлээтэххитинэ, үп-харчы киириэн сөп. Дьиэ-уот кыһалҕатын кулун тутар саҥатыгар быһаарыаххыт. Дьиэҕитин куортамҥа биэриэххитин сөп. Саҥа дьыаланы нэдиэлэ саҥата былаанныыр ордук.
ЫйааһынҮөрэнэргэ, сайдарга тоҕоостоох кэм. Урукку өттүгэр уустугурда сылдьыбыт дьыалаҕыт кэбэҕэстик табыллыаҕа. Саҥа билсиһиилэр күүтэллэр. Дьон-сэргэ ортотугар сылдьа сатааҥ. Ый саҥата таптал уота сүрэххитин үөрдүөҕэ, истиҥ сыһыан, көрсүһүүлэр буолуохтара.
СкорпионҮп өттүгэр ситиһиилээх нэдиэлэ үүммүт. Булбут харчыгытын дьиэ кэргэн туһатыгар ыытаргыт ордук. Үлэҕитигэр болҕомтолоох буолуҥ. Ордук санааччылар бааллар.
ОхчутДьону-сэргэни кытта үлэлиир охчуттарга үп-харчы кэлиэҕэ. Саҥаны билэ-көрө сатыыргыт ситиһиини аҕалыаҕа. Бэйэҕитин арыый туттуна сылдьыҥ. Саарбахтыыр дьыалаҕытын саҕалаабаккыт ордук.
ЧубукуҮөрэ-көтө сылдьыҥ, доруобуйаҕытын бөҕөргөтөр туһуттан битэмииннээх аһылыгы аһааҥ, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыҥ. Санааҕытын сайа этэ үөрэниҥ, искитигэр тута сылдьымаҥ.
КүрүлгэнСуолга-иискэ сэрэхтээх буолуҥ, ыксаабакка, холкутук сылдьыҥ. Дьону кытта аһаҕастык кэпсэтии, доҕордуу сыһыаны олохтооһун туһаны эрэ аҕалыаҕа. Олоххо саҥа былааннары киллэрэргэ уолдьаспыт. Барыта сатаныаҕа, харса суох иннигит диэки баран иһиҥ.
БалыктарДоруобуйаҕытыгар соччото суох кэм. Сэниэҕит тиийбэт курдук. Уугутун хаммаккыт. Ол эрээри кыраттан санааҕытын түһэримэҥ. Буолбут быһыы-майгы кэлин үтүө өрүттэрдээх буолуоҕа. Тапталга табыллар кэмҥит. Кэтэмэҕэйдии сылдьыбакка, тус олоҕу оҥостор тоҕоостоох кэми мүччү тутумаҥ.
Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru