САХАЛЫЫ ГОРОСКОП: Олунньу 27 — кулун тутар 5 күннэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хой. Эһиэхэ бу нэдиэлэҕэ саҥа тыын аһыллыаҕа — күүппэтэх өттүттэн күүс-уох бөҕөтө эбиллиэҕэ, ону сөптөөх хайысхаҕа туһанан, ситиһии чыпчаалыгар тиийиэххит. Тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар, спордунан дьарыктанар туһалаах. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Оҕус. Бу кэмҥэ бэйэ дьиссипилиинэтин тутуһар суолталаах буолуоҕа. Бэйэни хонтуруолланар наадалаах түгэнигэр хаста да түбэһиэххит. Онуоха олус умайыктанымаҥ, ол бэйэҕэр охсуулаах буолуо. Доруобуйаҕын, ордук психологическай-моральнай доруобуйаҕын харыстан.

Игирэлэр. Бу нэдиэлэҕэ доруобуйаҕытын көрүнэргитигэр сүбэлиибит. Сөпкө аһааҥ уонна спордунан дьарыктаныҥ. Ол доруобуйаҕыт бөҕөргүүрүгэр көмөлөһүөҕэ. Оттон уопсайынан ыллахха, бу нэдиэлэ уу-нуураллык ааһыаҕа — улахан долгуйуу уонна суолталаах сабыытыйа суох. Онон, бу нэдиэлэҕэ олоххор «тохтобул» биллэрэн, ааспыты анааран көрүү уонна инникини торумнааһын туһалаах буолуоҕа.

Араак. Бу нэдиэлэҕэ эһиги настарыанньаҕыт «американскай сыырга» хатааһылыыры санатыа — сороҕор туох да ааттаах үчүгэй, ардыгар халлаантан супту сиргэ түспүт курдук буолуоҕа. Маныаха куһаҕан настарыанньаҕа бэриммэккэ, бэл диэтэр, хобдох да турукка туох эмит үчүгэйи булан көрө сатааҥ.

Хахай. Сүрдээх элбэх түбүккэ баттатан, бириэмэҕит туохха да тиийбэт курдук буолуоҕа. Маннык түгэҥҥэ кыратык тохтуу түһэн, саамай суолталааҕын талан ылан, сороҕун көһөрүөххэ да сөп. Ол эрэн, сүпсүлгэн да быыһыгар сынньанан ылар сылтах көстүөҕэ, бэл, саҥа дьоннуун билсиһиэҥ.

Кыыс. Кулун тутар саҥатыгар Кыыс бэлиэлээхтэр кинилэргэ суолталаах боппуруостары барытын быһаарыахтара. Маныаха дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах бары кыһалҕалар этэҥҥэ быһаарыллыахтара. Ол айылаах туох да улахан сабыытыйа буолара күүтүллүбэт, нэдиэлэ нус-бааччы ааһыаҕа. Онон, доҕотторгор уонна дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтоҕун уурарыҥ ордук туһалаах буолуоҕа.

Ыйааһын. Үөрэҕи-билиини ыларга тоҕоостоох нэдиэлэ. Уустук да боппуруостар бэрт чэпчэкитик кыайтарыахтара. Онон, элбэх билиитэ эбинэн хаалыҥ. Дьиэлээхтэргин кытта кыыһырсыбат буоларга кыһалын.

Скорпион. Баайы-малы хаҥатыныыга бэртээхэй кэм. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар туох эрэ олус үчүгэй сүппүрүүс күүтэр. Ол эрэн, доруобуйаҕын көрүнэргэр сүбэлиибит.

Охчут. Нэдиэлэ хара саҕаланыаҕыттан дьону кытта кэпсэтэргэр өйдөспөт буолуу, этиһии, кыыһырсыы баһыйыан сөп. Ол иһин кытаатан туттуна сатааҥ, оччоҕо дириҥ өһүргэнсиигэ, өскө-сааска тиийиэххит суоҕа.

Чубуку. Айар куккут уһуктар, күүһүрэр кэмэ. Бэйэҕит таптыыргытынан дьарыктанаргытыгар кыах бэриллиэҕэ. Оттон хоббигыт олоххут дьыалатыгар кубулуйуон сөп. Сүрүнэ — айар дьоҕургутун сөптөөхтүк туһаныы. Бу нэдиэлэҕэ оҥорбуккут инники олоххутугар дьайыылаах буолуоҕа.

Күрүлгэн. Тапталга табыллыаххыт. Таптыыр киһилээх күрүлгэннэр дьол кустугар сыламныы куустарыахтара. Оттон тапталларын көрсө иликтэр, чугас доҕотторгутугар болҕомтоҕутун, кыһамньыгытын ууруҥ. Оччотугар сыһыаҥҥыт өссө бөҕөргүөҕэ.

Балыктар. Сынньана түһэргэ бэртээхэй кэм. Ааспыт ыйга таһаарыылаахтык үлэлээбиккит, онон бу кулун тутар ыйга үчүгэйдик сынньанар толору бырааптааххыт. Айылҕаҕа тахсан сынньанаргыт буоллар, туох да ааттаах буолуо этэ. Үлэттэн эрэ буолбакка, дьону кытта куруук алтыһыыттан эмиэ сынньаныахха наада. Дууһаҕыт уоскулаҥы, чуумпуну эрэйэр.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0