САХАЛЫЫ ГОРОСКОП (ОЛУННЬУ 25 — КУЛУН ТУТАР 3 КҮННЭРЭ)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

ХОЙ. Бу нэдиэлэҕэ үлэҕэр кыһалын, хаан-уруу чугас дьоҥҥор истиҥ сыһыаҥҥын биллэр. Кинилэр өйөбүллэрэ улахан тирэх буолуо, күүһү биэриэ. Хайдахтаах да ыарахантан толлума, санааҕын түһэримэ. Кыыһыран-тымтан турума, холкутуйа сатаа. Кырдьыгы баарынан ылын. Түүлгүн өйдүү сатаа. Туох эрэ сүбэ-ама кэлиэ.

Сулумах сылдьааччыларга. Тапталыҥ боппуруоһугар, эйиэхэ сотору ким эрэ сылаас сыһыанын биллэрэн соһутуо. Кини инникитин туох баҕалааҕын, былааннааҕын этэрин болҕойон истэриҥ ордук. Оттон ыаллар дьиэҕитигэр-уоккутугар наадалааҕы атыылаһаары түбүгүрэн тыл-тылга киирсибэт буолан ылыаххытын сөп.

Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт. Ордук бу күннэргэ ыараханы көтөҕөртөн, сүгэртэн туттун. Сөптөөх кэмҥэ утуй, сөптөөх кэмҥэ тур. Сибиэһэй салгыҥҥа сырыт, сэрээккэлээ.

Үп-харчы туруга сыыйа тупсан барыа.

ОҔУС. Тулуурдаах буолууҥ уонна сыалгын-соруккун ситиһэн тэйэргэ дьүккүйүүҥ ыарахан боппуруоһу быһаараргар көмөлөһүө.  Итинтэн сылтахтанан, уоскуйан олороргун, өрөбүлгэ сынньанаргын умнан ылыаҥ. Ол да буоллар, чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор наадыйалларын умнума.

Мантан саас тус олоххор соһуччу уларыйыылар киириэхтэрэ. Олус сэргэх уонна истиҥ көрсүһүүлэр буолуохтара. Ханна да сырыттаргын саарбах дьоҥҥо, куһаҕан дьаллыкка чугаһаама, сыстыма. Быстах ааһар тапталга бигэнимэ.

Доруобуйаҕар болҕомтолоох буол. Дьыбааҥҥа тиэрэ түһүөҥ, тэлэбиисэр көрө, компьютерга оонньуу олоруоҥ кэриэтэ, хамсаммытыҥ-имсэммитиҥ улаханнык туһалыа. Кыаххар-күүскэр, сатабылгар, билиигэр-көрүүгэр эрэллээх буол. Түүлгэр болҕомтоҕун уур.

ИГИРЭЛЭР. Былааҥҥа, үлэҕэ, этиигэ, ылсыбыккар, уопсайынан туохха барытыгар бу күннэргэ түмүк оҥоро охсорго тиэтэйимэ. Сөбүлээбэккин иһитиннэрдэхтэринэ, эттэхтэринэ кыыһыра-тымта түһүмэ. Киэҥ көҕүстээх буоларыҥ ирдэнэр. Бу нэдиэлэҕэ сулустар ордук чуолаан, юридическай боппуруостарга улахан болҕомтолоох буоларгар этэллэр.  Ханнык да ыйытыы, мунаарыы-тэнээрии үөскүүр, күөрэйэн тахсар түгэнигэр, идэлээх дьонтон ыйыталаһаргар, чопчулаһаргар сүбэлииллэр.

Тапталгар болҕомтолоохтук сыһыаннас. Кыраттан сылтахтанан иирсэн турдаххытына, ол кыыһырсыыгыт ааһан-араҕан биэрбэт, эбиитин дириҥиир кутталлаах.

Доруобуйаҥ туһунан умнума. Сөпкө утуйарга, турарга кыһалын. Аскын-үөлгүн көрүн.

Үбүҥ-харчыҥ хамсыы түһүө. Онуоха онно-манна уурдара охсорго, иэс биэрэргэ тиэтэйбэтиҥ ордук.

АРААК. Тус олоххор уларытыы киллэриэххин баҕарар буоллаххына, барыта табыллыа. Ол эрээри, тугу барытын толкуйдаан, ыараҥнатан көр. Хайдахтаах да ситиһиилэннэххинэ, көмөлөспүт, өйөбүл буолбут дьоҥҥун төрүт умнума, кинилэри хомотума.

Дьиэҕэр-уоккар барыта этэҥҥэ. Кылаабынайа, сынньалаҥҥын чугас дьоҥҥун кытары атаара сатаа.

Доруобуйаҥ кэминэн. Ол гынан баран, бириэмэҕин сөпкө аттарынарга кыһалын. Сынньанан, астына утуйа түһэн ыларыҥ туһалаах эрэ буолуо.

Бу күннэргэ үпкүн-харчыгын мээнэ ыскайдаама, иэс биэримэ, бырыһыаҥҥа уурдарыма, араас сүүйүүлээх оонньууга чугаһаама.

ХАХАЙ. Ылсыбытыҥ табыллан, туппутуҥ тупсан иһиэ. Кылаабынайа, бэйэҕэр эрэллээх буол. Арай, саҕалаабыккын тута кэпсээн оҥостума. Тоҕо диэтэххэ, ордугурҕааччылар баар буолуохтара. Кинилэртэн иҥнимэ, иирсимэ даҕаны. Саараан, чаҕыйан бытаарыма.

Тапталлааххын кытары хаһааҥҥытааҕар да өйдөһүөххүт. Дьиэҕэр-уоккар ил-эйэ өрөгөйдүүр.

Доруобуйаҕар болҕомтолоох буол. Искин-үөскүн харыстаа. Аскын-үөлгүн көрүн. Сибиэһэй салгыҥҥа сырыт, хаамп, сэрээккэлээ.

Үлэҥ-хамнаһыҥ этэҥҥэ. Үп-харчы боппуруоһугар уруккугуттан уларыйыы суох. Ыраахтан кэһии тутуоҥ.

КЫЫС. Билиигин-көрүүгүн хаҥатын, сэрэйэн көрөр дьоҕургар итэҕэй, сымыйаны-кырдьыгы араарарга кыһалын. Киэҥ көҕүстэн, уһуну-киэҥи толкуйдаа. Аҕам саастаахтары кытары кэпсэтэриҥ, сүбэ-ама ыларыҥ мэһэйдиэ суоҕа.

Тапталгар табыллыы күүтэр. Киинэҕэ, тыйаатырга бииргэ сылдьыы истиҥ сыһыаҥҥытыгар өссө көмөлөөх буолуо.

Сылайбыт курдук буолуоҥ, ньиэрбинэйдиэҥ, сынньаныаххын эрэ баҕаран кэлиэҥ. Оччоҕуна, тута эмп иһэргэ, битэмииннэнэргэ тиэтэйимэ. Ол оннугар дьиэҥ-уотуҥ ис барааныгар уларытыыта киллэр, сибиэһэй салгыҥҥа сырыт.

Үп-харчы боппуруоһугар уларыйыы суох. Нэдиэлэ бүтүүтүн диэки, үлэҕэр түбүгүҥ элбиэн сөп. Сорудахтары кэмигэр толордоххуна, онтуҥ үчүгэй хардалаах буолуоҕа.

ЫЙААҺЫН. Үлэ-хамнас элбииһи. Ол да гыннар, хантан эрэ күүс-сэниэ кутуллан киирэр курдук буолуоҕа. Сылайыаҥ суоҕа. Онон үөрүүнэн сүүрэ-көтө сылдьыаҥ. Туппутуҥ, ылсыбытыҥ барыта табыллан иһиэ. Түгэнинэн туһанан, араас саҥа сүүрээннэри киллэрэргэ кыһалын. Табыллыа. Ол гынан баран, ситиһии тулалаабытын да иһин, чугас дьоҥҥун умнума. Кинилэр эн болҕомтоҕор ордук күүскэ наадыйар кэмнэрэ.

Бу күннэргэ сулумах сылдьааччылары саҥа билсиһии, истиҥ көрсүһүү күүтэр. Ыал буолбуттар хаһааҥҥытааҕар да имэҥирэн туруоххут.

Массааска сылдьыҥ, сэрээккэтэ оҥоруҥ. Хаһааҥҥытааҕар да чэбдигирэн туруоххут.

Туруоруммут сыалгын-соруккун толоро сатаа. Үп-харчы боппуруоһа сыыйа тупсан барыа.

СКОРПИОН. Сарсыҥҥыттан эйиэхэ уларыйыылар буолан барыахтара. Дьону-сэргэни кытта алтыс, кэпсэт. Бэйэҕэр эрэллээх буол. Үлэни-хамнаһы барыларыгар тэҥҥэ үллэр. Оччоҕуна өр күүттэрбэккэ ситиһиилэниэҥ. Түүлгүн ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Сэрэйэн көрөр дьоҕургар итэҕэй.

Дьиэҕэр-уоккар кыралаан кыыһырсыаххытын, тыл-тылга киирсимиэххитин сөп. Барытын аһарарга кыһаллыҥ. Иирсибиккин дьоҥҥо кэпсии охсорго тиэтэйимэ.

Доруобуйаҕын көрүн. Тымныйыма. Аскын-үөлгүн бэрий.

Дьиэҕэр эбэтэр тус бэйэҕэр атыыласпытыҥ өр сулууспалыа. Ол гынан баран, харчыгын аһара матайдаама, солуута суохха ыытыма.

ОХЧУТ. Бу күннэргэ ыраах айаннаабатыҥ ордук. Түүлгэр-биккэр болҕомтоҕун уур. Чугас дьоҥҥун кытары бириэмэҕин бииргэ атаар. Өрөбүллэргэр элбэх киһи мустар сиригэр сылдьыма. Сэрэхтээх буол. Харчыгын сүтэриэххин сөп.

Чугас доҕоргун кытары хаһааҥҥытааҕар да эйэргэһиэххит. Ыраахтан үчүгэй сонуну истиэҥ эбэтэр көрбөтөҕүҥ ырааппыт киһигин соһуччу көрсөн үөрүөҥ.

Күн-дьыл сылыйда диэн чараастык таҥнарга тиэтэйимэ. Тымныйдаххына өр аһарбакка эрэйдэниэҥ. Куртаххар, ис уоргаҥҥар болҕомтоҕун уур. Аһыыр аскын-үөлгүн көрүн.

Үп-харчы боппуруоһа үчүгэй. Онуоха салалтаҕыттан махтал ылыаххын эбэтэр дуоһунаһыҥ үрдүөн сөп.

ЧУБУКУ. Үчүгэй сонуннары истиэҥ. Онтон ураты күүс-уох эбиллибитин курдук буолуоҕа. Бэйэ дьыалатын тэрийэргэ тоҕоостоох кэм. Эрэллээх партнердар көстүөхтэрин сөп. Хорсун буол, толлума. Үлэҕэр эппиэтинэскин үрдэт, барытын хонтуруолгар ыл. Салалтаҥ сэмэлээтэҕинэ, санааҕын түһэримэ, тылгынан быраҕатталаныма. Туһанааччылар көстүөхтэрэ.

Тус олоххор үчүгэй өртүгэр уларыйыылар буолуохтарын сөп. Эбиллии, ыал буолуу, бэриниилээх доҕору көрсүү, тапталга билинии.

Бу күннэргэ күөмэйиҥ, төбөҥ ыалдьыан, хааныҥ баттааһына хамсыан сөп. Ньиэрбинэйдээмэ, ыксаама. Барытыгар холкутук сыһыаннас. Чугас дьоҥҥор болҕомтоҕун эмиэ уур. Кырдьаҕас, саастаах аймахтаргын кытары сибээстэс.

Сыта-тура сыымыйдаатаххына, тура-олоро толкуйдаатаххына, эбии харчылаһар кыах үөскүөн, этии киириэн сөп.

КҮРҮЛГЭН. Бэйэҥ көрүүлэргин хорсуннук киллэр, туруорус, аһаҕастык эт, кэпсэт. Үлэҥ миэстэтигэр, дуоһунаскар дураһыйааччылар сири аннынан күүстээх үлэни ыыта сылдьаллар. Онон сулустар кимиилээхтик киирсэн иһэргэр сүбэлииллэр. Бу күннэргэ ыраахтан үчүгэй сонуну истиэҥ. Ол санааҕын кынаттыа, күүс-уох биэриэ.

Сулумах сылдьааччылары интэриэһинэй көрсүһүүлэр күүтэллэр. Олоҕуҥ аргыһын көрсүөххүн сөп. Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥун кытары атаар.

Бөрүкүтэ суохтар хара санааларыттан ыраастан. Сибиэһэй салгыҥҥа сырыт, сэрээккэлээ.

Эбии харчылаһар кыах көстүөҕэ. Аккаастаммакка ылыстаххына,  кэмиттэн кэмигэр харчылаһаргар суол арыллыа.

БАЛЫКТАР. Сыыһаҕын-халтыгын көрөн көннөрүннэххинэ, үчүгэй өртүгэр улахан уларыйыылар өр күүттэрбэккэ туолбутунан барыахтара. Дьиэ кэргэҥҥэр үөрүү-көтүү буолуоҕа. Ыраахтан үчүгэй сонуну истиэххин эбэтэр ыалдьыттар кэлиэхтэрин сөп.

Тапталлааххын кытары сыһыаҥҥын мөлтөтүөххүн баҕарбат буоллаххына, кыраттан сылтахтанан кыыһырыма, ону-маны тиһэҕэр тиийэ токкоолоһума. Быстах кэмҥэ буолуталыыр түгэннэр сотору ааһыахтара.

Доруобуйаҕар, ордук чуолаан сүрэххэр, тымыргар, сүһүөххэр болҕомтоҕун уур. Сылаастык таҥын.

Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ улаатыа. Ону болҕомтоҕор ыл. Үп-харчы боппуруоһа үчүгэй.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0